«Күн табата» этническэй муода бэстибээлин ыалдьыттара

Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Күн табата» норуоттар икки ардыларынааҕы этническэй муода көһө сылдьар бэстибээлэ үһүс төгүлүн ыытыллар. Бэстибээл сэтинньи 29 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри ыытыллар.


Далааһыннаах тэрээһин түһүлгэтигэр Алтайтан, Бурятияттан, Монголияттан, Хакасияттан, Казахстантан, Забайкалье кыраайыттан Саха өрөспүүбүлүкэтин улуустарыттан уонна куораттан уран тарбахтаах маастардар, биллэр-көстөр модельердар кыттыылаах  бырайыак «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар.

Бэстибээли тэрийээччилэр:

  • «Симэх норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинэ» СӨ АТ
  • «А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ» СӨ АТ

Бэстибээл СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин; СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин; Дьокуускай куорат култуураҕа управлениетын; «Уус» норуодунай-художественай уус-уран оҥоһуктарга СӨ пуондатын; СӨ дизайнердарын сойууһун өйөбүллэринэн ыытыллар.

Тэрээһин сыала-соруга:

Аан дойду куйаарыгар үгэс буолбут уонна аныгы стиллээх национальнай көстүүмнэри харыстыыр, сайыннарар уонна киэҥник тарҕатар сыаллаах-соруктаах ыытыллар.

Долгутуулаах дьоро киэһээ түһүлгэтигэр ураты буочардаах, сонун суоллаах-иистээх биллэр-көстөр маастардар, модельердар: Москваттан Канапьянова Раушан Мусахановна, Казахстантан  Бакирова Райхана Капаровна, Монголияттан Баянжаргал Баяндуурэн, Забайкальеттан  Жалсанова Дарима Батомункуевна,  Алтайтан  Бошкунова Татьяна Борокучуковна, Хабаровскай кыраайтан  Белдьы Валентина Владимировна,  Калмыкияттан  Милованова Татьяна Алексеевна,  Бурятияттан Митупова Баярма Тумуровна кыттыыны ылаллара күүтүллэр.

«Күн табата» этническэй муода бэстибээлигэр кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ.

 

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *