Якутия Сегодня

“Билинии” саҥалыы тыыннанар…

“Үчүгэйдик даҕаны имэрийэ көрөҕүн,

Чахчы сырдык сулустуу мичилийэ кыыһаҕын.

Эйэҕэстэй мичээриҥ, эдэр-холку көрүҥүҥ

Күүстээх таптал иэйиитин

Туоһулуурга дылылар!”

Бу, саха дьонугар киэҥник биллибит, хайа да киһиэхэ сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр “Билинии” ырыаҕа Иннокентий Гаврильев-Лэкиэс сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр, “Доҕотторум” диэн айар киэһэтигэр, саҥа килиибин сүрэхтиир. Онон, “Билинии” саҥалыы тыыннанан, мантан ыла өссө элбэхтик ылланыаҕа, дьон кутун иэйиинэн толоруоҕа… Бу киэһээ, үгүс ырыа ааптара Лэкиэс бэйэтин көрөөччүлэригэр-истээччилэригэр, дьон биһирэбилин, билиниитин ылбыт истиҥ айымньыларын бэлэх уунуоҕа. Кэнсиэргэ Лэкиэс доҕотторо, саха эстрадатын бастыҥ ырыаһыттара кыттыахтара.

Үчүгэй ырыаны дьон күннэтэ ыллыыр. Киһи ыллыыр эрэ буоллаҕына ырыа тылларын, мелодиятын умнубат. Оттон “Билинии” ылламматах уруута, үбүлүөйэ, дьиэ кэргэн бырааһынньыга диэн, арааһа, суох.

Бу ырыа ааптарын, үйэтин тухары Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр чуумпутук, баара-суоҕа биллибэттик олорон ааспыт, “ХХ үйэ 100 бастыҥ ырыаларыгар” киирбит ырыаны айбыт  Анна Бурнашева туһунан бэчээккэ син сурулунна. Холобур, 2000 сыллаахха, арааһа, “Киин куорат” хаһыакка суруналыыс Алексей Амбросьев, Табаҕаҕа тиийэн Анна Николаевнаны анаан-минээн көрсөн, кэпсэтэн баран суруйбутун  өйдүүбүн. Уонна Мэҥэ-Хаҥалас “Эркээйи” хаһыата 2002 сыллаахха Анна Бурнашева туһунан эмиэ суруйа сылдьыбыт эбит.

Оттон доҕотторо, дьүөгэлэрэ, кылааһынньыктара 2015 сыллаахха,  Анна Бурнашева төрөөбүтэ 70 сылын көрсө, кини туһунан ахтыы-кинигэ таһаарбыттар. Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтар “Уол Табаҕа” түмсүүлэрин салайааччыта Олег Петрович Марков көмөтүнэн мин Анна Бурнашева оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыстарын кытта кэпсэтэ сырыттым. Онтон бэтэрээн-учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Табаҕа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Феврония Александровна Порядина кэпсээнин билиһинэриэхпин баҕарабын.

—Аанчыгы кытта 6-с кылаастан 10-һу бүтэриэхпитигэр диэри бииргэ үөрэммиппит. Интэринээккэ бииргэ олорбуппут. Олус сэмэй этэ. Ол гынан баран, кэргэниһэн истэҕин аайы, хайдах эрэ, арыллан испитэ. Кинигэни ааҕарын сөбүлүүрэ. Ол аахпытыттан, билбититтэн биһиэхэ үгүстүк кэпсиирэ. Индиийискэй киинэни биири да көтүппэккэ көрөрө, олус сөбүлүүрэ. Бары да сөбүлүүрбүт. Оттон кини, кута-сүрэ ордук уйан эбит буоллаҕа, индиийискэй киинэ ырыатын-тойугун ураты истиҥник ылынара, бэйэтэ эмиэ ыллыыра. Нарын-намчы куоластааҕа…  Ол да иһин, “Билинии” ырыата олус нарын иэйиилээх буолан тахсыбыта. Бу ырыа хайдах айыллыбытын үгүстэр ыйытааччылар. Эдэркээн сылдьан, 1968 сыллаахха айбыт эбит. Бэйэтэ кэлин ахтыбыта баар, онно, “Мать” диэн индиийискэй киинэ кэнниттэн, түннүгүнэн сулустаах халлааны көрө турдаҕына, эмискэччи ырыа тыллара тиийэн кэлбиттэр…  “Билинии” – бастакы ырыам, диирэ. “Үчүгэйдик даҕаны имэрийэ көрөҕүн…” – бу тыллартан тоҕо эрэ олус долгуйа кыбыстар этибит…   Онон, биһиги, кыргыттар, Аанчык кими эрэ дьиҥнээхтик таптаан маннык үчүгэй ырыаны суруйдаҕа, диэн сэрэйэ эрэ саныыр этибит. Кэлин эмиэ уонча ырыалаах. Ол гынан баран, нуотаҕа кэмигэр түһэриллибэккэ игин,  соччо биллибэккэ хааллылар быһыылаах…

“Билиниини” Табаҕа кулуубугар аан бастаан Фекла Игнатьева диэн оскуола үөрэнээччитэ ыллаабыта дииллэр. Оттон мин тус бэйэм 1974 сыллаахха, оччолорго Чурапчыга үлэлии сылдьарым – “Чороон” ансаамбыл кэлэн, Наталья Трапезникова толорбутун истибитим.  Аанчык бэйэтэ ыллаатаҕына, саалаҕа уу-чуумпу буолара, оннук нарыннык, иэйиилээхтик ыллыыра. Ол иһин, ырыатын нарын куоластаах Мария Канаева толорорун ордук сөбүлүүрэ.

Кини, оҕо сылдьан эчэйиини ылбатаҕа эбитэ буоллар, спортсменка буолуохтаах этэ. Аны олус үчүгэйдик уруһуйдуура. Биһиги оскуолаҕа сылдьан ырыанньык оҥостор сөбүлүүр дьарыктаах этибит, бэйэ-бэйэбитигэр ырыа суруйсарбыт, онуоха кини ырыа тылларыгар эбии хайаан даҕаны наһаа үчүгэйдик уруһуйдаабыт буолара.  Сир астыырын, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ—дьэдьэнньит, отонньут этэ. Дойдутугар почтальонунан, кулуупка методиһынан, сэбиэдиссэйинэн, детсаадка иитээччинэн үлэлээбитэ. Онтон олохтоох дьаһалтаҕа техүлэһиттии сылдьан биэнсийэҕэ тахсыбыта. Анна Николаевна ийэтэ Варвара Петровна Бурнашева, дьон ахтарынан, олоҥхоһут, оһуохайдьыт эбит. Билигин, Аанчык бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоруттан  ырыаһыттар бааллар диэн истэбин. Аанчык 1978 сыллаахха ыал буолбута. Кэргэнинээн ииппит-улаатыннарбыт кыыстара Ирина кэргэн тахсан билигин хоту Орто Халымаҕа олорор, элбэх оҕолоох ыал ийэтэ.

Биһиги айылҕабыт, алаастарбыт, Эбэбит кэрэтэ айар куттаах дьоммут иэйиилэрин уһугуннаран эрдэхтэрэ, дии саныыбын.

 

ххх

Үчүгэй ырыа үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Ырыа ылланарын тухары тыыннаах!

 

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

 

 

5
0