Бүгүн тымныы полюһугар, Өймөкөөн улууһугар, Чысхаан  Эбэ хайатыгар баар  бэйэтин муус хаспаҕыттан тымныыны хостоото.

edersaas.ru


Ол иһин Саха сирин үрдүнэн  сарсыардаттан үүт туман түһэн, ахсынньы тымныыта билиннэ. Тымныы хаһаайына Чысхаан кырыа кыһын кэлбитин биллэрэн,  Аар Айылҕатын алҕаата уонна аан дойдуга чысхаан тымныытын, туманын ыытта.

— Кэккэлэһэн кэлэр кэрэ кэмнэргэ, үтүөнү, кэрэни үксэтэн, Айыы тыына аргыстаһан, туппуккут тупса турдун, турууласпыккыт туһалыы турдун диэн саргылаах санаабын салайан, кэрэкэ тылларбын кэккэлэттим, алгыстаах тылларбын анаатым, —— диэн Чысхаан алгыс тылын эттэ.

Улуус дьаһалтатын баһылыга Михаил Захаров биир дойдулаахтарын  кырыа кыһын Өймөкөөнтөн саҕаламмытынан эҕэрдэлээн туран:

Тымныыны эттэринэн-хааннарынан билээри, Өймөкөөҥҥө, аны аҕыйах хонугунан туристар халҕаһалыы анньан кэлиэхтэрэ. Биһиги улууспут кинилэри көрсөргө бэлэм. Тымныыбытын, Чысхааммытын инники күөҥҥэ тутан, Саха сирин сирэйэ — бренд оҥордубут. Кэскиллээх салааны — туризмы сайыннаран, өссө да Өймөкөөммүт аатын дорҕоонноохтук ааттата туруохха, — диэн бэлиэтээн эттэ.

Тымныы полюһун киинигэр, Томторго, бу күн аан дойдуга Саҥа дьыллааҕы харыйа уота аан бастакынан араас өҥүнэн күлүмүрдүү умайда.

Ахсынньы 1 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн, Чысхаан Великай Устюгтан ыалдьыттыы кэлбит Тымныы оҕонньорго Тымныы символын туттарыаҕа уонна остуоруйа дьоруойдара Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун күлүмүрдэтэ уматыахтара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

 

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *