Бүгүн “Күн табата” норуоттар икки ардыларынааҕы этническай мода көһө сылдьар бэстибээлэ өрө көтөҕүллүүлээхтик, дуорааннаахтык саҕаланна.
Саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэри, ыалдьыттары тэрээһин ааптара, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева истиҥник эҕэрдэлээтэ. Бырайыак “Доҕордоһуу бэлиэтэ – Күн табата, аан дойду үрдүнэн кыырайа көт” диэн девиһинэн ыытылларын иһитиннэриитэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна, уруй-айхал тылынан арыалланна.
Көһө сылдьан ыытыллар үһүс тэрээһин дуорааннаах түһүлгэтигэр быйыл Казахстантан, Монголияттан, Забайкалье уонна Хабаровскай кыраайдартан, Алтайтан, Бурятияттан, Калмыкияттан, Таймыыр долганнар-ненецтэр автономнай уокуруктарыттан барыта 63 модельер-дизайнер, Саха сирин 20 улууһуттан ааттаах-суоллаах маастардар, анал үөрэх тоҕус кыһатыттан, оскуолалартан уонна оҕо саадтарыттан кытталлар. Тэрээһиҥҥэ кыттар хас биирдии киһи үлэтин, үгэс буолбут национальнай көстүүмүн уратытын, хатыламмат кэрэтин, аныгы модаҕа хабааннаан оҥоруутун көрдөрөр, сыаналатар. Бу дьоһун түһүлгэ эдэрдэр дьоҕурдарын арыйалларыгар, үлэлэрин-хамнастарын бар дьон көрүүтүгэр-истиитигэр таһааран сыаналаталларыгар, өбүгэлэрин культураларын, таҥастарын-саптарын, киэргэллэрин эгэлгэтин билиһиннэрэллэригэр кыаҕы биэрэр, суолу арыйар.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытын С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс “Битии” ансаамбыла бэртээхэй театрализованнай туруоруутунан, “Гирилкэн” эбэҥки фольклорнай ансаамбылын, РФ образцовай кэлэктиибин сэргэх ньүөмэрдэринэн, “Сюрприз” уонна “Тетрис” ансаамбыллар чаҕылхай үҥкүүлэринэн киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр. 2015 сыллааҕы “Мисс Республика Саха (Якутия)” кыайыылааҕа Александра Павлова Күн табата буолан сааланы сандаарта.
Бүгүҥҥү долгутуулаах күн сценаҕа көрдөрүүгэ аҕалбыт уһулуччу уратылаах сиэдэрэй таҥастарын-саптарын “Монгольские мотивы” — Баянжаргал Баяндуурэн (Монголия); “Восточные мотивы” — Колиева Хурдан (Казахстан); “Наследие Энчи” — Таханова Зинаида (Алтай); “Магия духа” – “Далитай” айар мастарыскыайа, Шадапова Ханда (Бурятия); “Стародавний век золотой” — Милованова Татьяна, Калмыкия судаарыстыбаннай филармониятын тыйаатыра (Калмыкия); “Древо жизни” — Болгоева Валерия (Таймыр); “Соохорой түбэрөөн” — Жалсанова Дарима (Забайкалье кыраайа) дохсун ытыс тыаһыгар арыаллатан көрдөрдүлэр. Маны сэргэ, Саха сирин худуоһунньук-модельера Лидия Будищева “Северянки” кэллиэксийэтин сыаналатта. Манна даҕатан эттэххэ, кини Саха сирин төрүт олохтоох нууччаларын этнографическай көстүүмнэрин саҥалыы уларытан оҥоруута култуура уонна ускуустуба уобалаһыгар бүттүүн национальнай суолталаммыта, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын ылар үрдүк чиэскэ тиксибитэ.
“Күн табата” дуорааннаах түһүлгэ кыттыылаахтарын үлэлэрин сыаналааһыҥҥа дьүүллүүр сүбэни “Этно-Эрато” национальнай көстүүмнэр модаларын Евразиятааҕы куонкуруһун” ааптара уонна координатора Раушан Канапьянова, “ЭтноАксессуар” хайысханы “Симэх” национальнай киин дириэктэрэ Александр Гоголев салайаллар.
“Күн табата” улахан дуорааннаах тэрээһин мода эйгэтигэр саҥа ааттары арыйар уонна Саха сирин олохтоохторугар умнуллубат кэрэ, чаҕылхай түгэннэри бэлэхтиир. Икки күннээх долгутуулаах тэрээһиҥҥэ ыалдьыттар саҥаттан-саҥаны, сонунтан-сонуну, уратыны, уһулуччуну көрүөхтэрэ диэн тэрийээччилэр уонна ыалдьыттар эрэннэрэллэр.
Далааһыннаах тэрээһини: СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, “Симэх” национальный киин, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинэ, СӨ “Уус” маастардар, дизайнердар сойуустара тэрийдилэр. Далааһыннаах тэрээһини СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ өйөөтө.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата