Бүгүн — Иннокентий Сосин төрөөбүтэ 90 сыла

Майа начаалынай оскуолата Сэбиэскэй уулуссаҕа турар биир этээстээх, улахан, сырдык таас түннүктэрдээх, “Г” буукубалыы моһуоннаах эргэ мас дьиэ этэ. Оскуола иннинээҕи кыра күрүөҕэ суон, лаглайбыт лабаалаах хатыҥ мастар үүнэн тураллара. Онно чыычаахтар мустан, ырыа-тойук эгэлгэтин тардаллара.
Бу оскуолаҕа мин бастаан октябренок буолбутум, онтон пионер кыһыл хаалтыһын бааммытым. Манна саҥа таас оскуолаҕа киириэхпитигэр диэри үөрэммиппит. Иннокентий Михайлович Сосины кытары алтыспыт кэрэ кэмнэрбин, куруук өйбөр-санаабар илдьэ сылдьар үтүө эрэ өйдөбүлбүн саас-сааһынан сааһылаан, сурукка тиһэн, Эйиэхэ, күндү ааҕааччыга, кэпсиирбин көҥүллээ….


 


Арай биирдэ оскуолаҕа саҥа учуутал кэлбитин туһунан сонун оҕолор ортолоругар тарҕанна. 1977-1978 сс. үөрэх дьылыгар биһиги бэһис кылааска үөрэнэрбит. Күһүөрү быһылааҕа… Ол сыл Майа начаалынай оскуолатыгар саха литературатын үөрэтэ Иннокентий Михайлович Сосин кэлбитэ. Сахаҕа улахан, көнө уҥуохтаах, сырдык сиэрэйдиҥи өҥнөөх көстүүмнээх, сымнаҕас, холку саҥалаах киһи биһиги кылааска киирэн кэлбитэ. Оҕолор көрүү-истии күүстээҕэ буолбуппут. Үтэн-анньан көрүү да ханна барыай? Мэниктиирбитин тохтоппокко, күлсэ, бэйэ-бэйэбитин кытары кэпсэтэ олорбуппут. Онуоха Иннокентий Михайловичпыт: “Оҕолоор, ким остуоруйа истиэн баҕарар?” — диэн, олох да мөхпөккө-эппэккэ, оргууй кэпсээнин саҕалаабыта. Онуоха: “Мин, мин!” — дэһэ-дэһэ илиибитин өрө ууна-ууна, былдьаһа-тараһа бары утуу-субуу саҥарбыппыт. “Чэ, оччоҕо чуумпурдубут, уруокпутун эрдэ бүтэрдэхпитинэ, остуоруйа кэпсиэм”, — диэтин кытта, кылаас иһэ уу-чуумпу буолбута, уруокпут саҕаламмыта. Дьэ, ити курдук, орой мэник чолопочуйбуттары “илиитигэр ыллаҕа” ол.
Оҕолор куруук саха тылын уруога хаһан буоларын кэтэһэрбит. Кыһын уоту умулларан баран, уруок кэннэ хаалан, “кутталлах кэпсээннэри” кэпсэтэрбит. Ким тугу истибитин, “көрбүтүн” омуннаах соҕустук кэпсээн, аны дьиэбитигэр барарбытыгар куттал үөскүүрэ. Урут, билиҥҥи курдук, уулусса лаампа уотунан сырдатыллыбат этэ. Ыраах-ыраах турар остуолбаларга онон-манан уот кыламныыра. Оҕолор бары банаарыктаах сылдьарбыт.
Биирдэ Иннокентий Михайлович: “Оҕолоор, миигин мөхтүлэр, оҕолору үөрэппэккэ остуоруйа кэпсээн тахсаҕын диэтилэр. Мантан инньэ аны уруокпутугар болҕомто уурабыт”, — диэбитэ. Биһиги кини биэрбит дьиэҕэ үлэтин: нойосуус буоллун, өйтөн суруйуу буоллун, наһаа кыһаллан толорорбут. Дьэ, уонна тапталлаах остуоруйаларбытын, сэһэннэрбитин истэрбитин тохтоппотохпут. Арааһа, өссө үчүгэйдик үөрэнниннэр диэн эппит болуохтаах дии саныыбын. Баҕар, кырдьык даҕаны, мөҕүллүбүтэ дуу, ким билиэй билигин…
Учууталбыт саха суруйааччыларын ыҥыран, көрсүһүү оҥороро. Биирдэ Рафаэль Баҕатаайыскай кэлбитин өйдүүбүн. Кини үгэлэрин оҕолор өйтөн аахпыттара. Арааһа, үгэни, кэлин саха тылын учуутала буоларын сибикилээбит курдук, Людмила Верховцева аахпыта быһылааҕа. Люда кыра эрдэҕиттэн ааҕарын олус сөбүлүүрэ. Ол көрсүһүүгэ Иннокентий Михайлович таһырдьа күөх лабааларынан тыалга “үҥкүүлүү” турар хатыҥнары ыйа-ыйа: “Бу хатыҥнары биһиги оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олордубуппут”, — диэбитин, тоҕо эрэ, өйдөөн хаалбыппын. Ол аата, бу санаатахха, көрсүһүү саас буолбут эбит. Кини биһигини биир эрэ сыл үөрэппитэ эрээри, оҕолорго чаҕылхай өйдөбүлү, төрөөбүт тылбытыгар тапталы, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрбитин күн бүгүҥҥэ диэри куруук ахтан-санаан ааһабыт.
Кэлин күн сирин көрбүт “Өссө кэпсээ эрэ” (1985 с.), “Ойуурга моҕотой угуйар” (1990 с.), “Абааһы туһунан кэпсээннэр” (1993 с.), “Төгүрүк сыл. Күн-дьыл халандаара” (1993) кинигэлэргэ киирбит сэһэннэрин, суруйууларын, кэтээн көрүүлэрин биһиги бастакынан истибит эбиппит. “Өссө кэпсээ эрэ, өссө кэпсээ эрэ”, — дии-дии кинини тула мустарбытын Иннокентий Михайлович кэлин кинигэтигэр аат биэрэригэр киллэрбит эбит дии саныыбын.
1980-1981 үөрэх дьылыгар быһылааҕа, саҥа таас оскуолаҕа ахсыс кылааска үөрэнэр кэммитигэр Иннокентий Михайловиһы Чүүйэ диэкиттэн сарсыарда эрдэ хааман иһэрин куруук көрсөөччүбүт. Оҕолор, саас хаар ууллубутун кэннэ, оскуолаҕа үөрэнэ барыах иннинэ, муода курдук, сарсыарда эрдэ туран, сүүрэн кэлэр үгэстэммиппит. Биһиги, “сыроватскайдар”, промкомбинаты ааһан, Чүүйэҕэ тиийэ сүүрэн кэлэн баран, таҥаспытын уларыттаат, уруокпутугар хойутаабакка оскуолабытыгар тиийэрбит. Олус да үчүгэй этэ. Ол сылдьан, куруук Иннокентий Михайловиһы көрсөрбүт, дорооболоһо-дорооболоһо аттынан ааһарбыт. Ол аата кини биһигиннээҕэр өссө эрдэ туран хаамар эбит. Кэлин ыйыппыппар: “Биһиги кэргэмминээн иккиэн хаамар этибит. Ардыгар лесхоз сыырынан эмиэ сылдьарбыт”, — диэбитэ. Ити кэмҥэ кини, тоҕо эрэ, оскуолаҕа үөрэппэт этэ. Кэлин билбитим, үлэһит ыччат оскуолатыгар (киэһээҥи оскуола) үлэлээбит эбит.
ххх
Оскуоланы бүтэрэн, ыал буолан, ыраах Нерюнгри куоратынан тэлэһийэн, өр сылларга алтыспакка, көрсүбэккэ сылдьыбытым. Дьэ, куоракка көһөн кэлэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуот айымньытын киинигэр үлэлии киирэн баран, араас күөн-күрэстэр дьүүллүүр сүбэлэригэр чилиэн, бэрэссэдээтэл быһыытынан олорор этим. Ол курдук, 2004 сыллаахха Валерий Власьевич Ноев төрөөбүтэ 65 сылын көрсө Бэдьимэҕэ кини ырыатын толорооччуларга күөн-күрэс буолбута. Онно тахсыбыппар, арай дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн учууталым Иннокентий Михайлович Сосин ананан кэлэн олорор эбит. Мин олус үөрбүтүм. Хас оҕону өйдүөй? Бэйэбин билсиһиннэрэн, уруккуну-хойуккуну санатыһан, дьэ “эн-мин” дэһэн, ити күнтэн ыла ыкса алтыспытынан барбыппыт. Араас тэрээһиҥҥэ: “Таммахтар” ыытар көрсүһүүлэригэр, тыйаатыр бэстибээллэригэр, кинигэ сүрэхтэниитигэр, дөрүн-дөрүн да буоллар, көрсөн ааһар этибит.
Ол курдук, кинини кытта өссө “айдааннаах” быыбарга үлэлэһэн турардаахпын. Билигин саныахха наһаа күндү… Ол сылдьан, куруук миигин үөрэтэрэ-такайара. Туохтан эмэ эбэтэр кимтэн эмит хомойон этиннэхпинэ: “Пахай, доҕоор, итиннэ кыһаныма. Тыаҕа мас үүнэрин курдук, киһи-киһи араас буолар. Кэлин бэйэтэ өйдүө”, — диирэ. Иннокентий Михайлович — сахалыы майгылаах, киэҥ көҕүстээх, ыраас ис туруктаах Саха Саарына… Хаһан да атын дьону намтатан дуу, баттаан ду саҥарбытын өйдөөбөппүн. Киниэхэ дьон барыта куруук үчүгэй, бары ситэри ситэ илик сибэккилэр, лыахтар… Ол курдук, Иннокентий Михайлович сахатын дьонун таптыыра, ситиһиилэринэн үөрэрэ, сыыһаларын көрбөтөх-истибэтэх буолара… Ити майгытын ордук кинини кытары быыбарга үлэлии сылдьан бэлиэтии көрбүтүм, киниттэн элбэххэ үөрэммитим… Учуутал киһи киһиэхэ куруук учуутал буоларын онно билбитим.

2009 сыллаахха эмиэ ханнык эрэ тэрээһиҥҥэ сылдьан: “Михайлыч, дьэ эрэ, тапталлаах Суолабыт туһунан кинигэтэ суруй эрэ. Былыргытыттан саҕалаан билиҥҥэ диэри”, — диэн көрдөспүтүм. Ону сэргии истибитэ эрэээри, тутатына “ээх” диэбэтэҕэ. Толкуйдуох буолбута. Ол курдук, биир сыл ааспыта. 2010 сыл үүммүтэ.. Арай биирдэ төлөпүөннээбитэ, онон Майаҕа “Туос мааска” тыйаатыр бэстибээлин саҕана быыс булан кэпсэтиэх буолбуппут. Болдьоспут кэммитигэр бириэмэ булан кэпсэппиппит. Онуоха “Суон сурахтаах Суола үрэх” трилогия-кинигэ былаанын аҕалан көрдөрбүтэ. Кини суруйар, мин эрэдээксийэлээһиҥҥэ уонна үп-харчы булан таһааттарарга эппиэттиир буолан арахсыбыппыт. Дьэ, ити күнтэн ыла утуйар уубутун умнан туран, үлэбитин саҕалаабыппыт. Ол түмүгэр 2013 сыллаахха (ааптар тыыннааҕар), оттон 2016 сыллаахха күн сиригэр суох буолбутун кэннэ “Суон сурахтаах Суола үрэх” трилогия-кинигэ икки тома тахсыбыта. Элбэх мэһэйдэри көрсүбүппүт. Ону барытын бу кыра ахтыыга суруллубат буоллаҕа.
Иннокентий Михайлович бу тиһэх улахан үлэтин дьон-сэргэ кэлин сыаналыа, төрөөбүт түөлбэлэрин историятын үөрэтэллэригэр бигэ тирэх буоларын өйдүөхтэрэ диэн санааттан, төһө да Учууталым ыра санаатын ситэрбэккэ бу орто дойдуттан күрэммитин иһин, кини оҥорбут былаанынан үһүс түһүмэх тахсыаҕа. Бу да сырыыга эмиэ барыта эриэ-дэхси буолбатаҕын да иһин, үһүс томҥа үлэ бара турар. Учууталым санаатын толоруом диэн бигэ эрэллээхпин. “Суон сурахтаах Суола үрэх” трилогия-кинигэ үстүү сылынан быысаһан түмүктэниэ. Ону Иннокентий Михайлович таптыыр дойдутун дьоно долгуйа күүтэр, эрэнэр.
Мин Иннокентий Михайлович сырдык аатын кини таптыыр Майатааҕы бибилэтиэкэтэ сүгэриттэн, Учууталым баарын курдук, сыл аайы саҥаттан саҥа кинигэ күн сирин көрөрүттэн, эдэр көлүөнэ ыччат хас сыл аайы кини айымньыларыгар ыытыллар араас тэрээһиннэргэ сэргэхтик кыттарыттан, кини оҕолоро, сиэннэрэ эһэлэрин үрдүк аатын үйэтитиигэ сыраларын, санааларын ууран туран күүскэ үлэлии-хмсыы сылдьалларыттан олус үөрэбин!
Түгэнинэн туһанан, Иннокентий Михайлович Сосин айымньылара күн сирин көрөллөрүгэр күүс-көмө буолбут Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын дьаһалталарыгар, Суола үрэх нэһилиэктэрин аҕа баһылыктарыгар махтанабын!
Суоссун — сүгүрүйэр Суола эбэтин сүүрүгүн курдук, аата куруук ааттана, ахтылла турдун!
Суоссун — тапталлаах дойдутун аламаҕай дьоно-сэргэтэ силигилии сайда, үүнэ турдуннар!
Суоссун — кэрэ ыччата кэскиллээх, айыылартан алгыстаах, арчылаах буоллун!

Саргылана АДАМОВА-АЛТАН КЫЫС, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан

0
0