Дьарҕаалаах кырачааннарыгар икки бүк үөрүү бэлэхтээтилэр
Дьарҕаалаах кырачааннарыгар икки бүк үөрүү бэлэхтээтилэр
Дьарҕаалаах нэһилиэгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» аахсыйаҕа кыттыһар. Нэһилиэк киин болуоссатыгар күөх харыйа уоттара сандаардылар.
Эбээн Бытантай Дьарҕаалааҕар саҥа дьыллааҕы харыйа уоттара умайдылар. Итиэннэ «Үтүө санаа» аахсыйа чэрчитинэн элбэх оҕолоох ыаллар кырачааннарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттардылар.
Инньэ гынан кытыы нэhилиэк оҕолоро үөрүүлэрэ икки бүк буолла.
«Бытантай уоттара» хаһыат