«Күн табата» бэстибээл кыайыылааҕа — Калмыкия уран тарбахтааҕа Татьяна Милованова

«Күн табата»  норуоттар икки ардыларынааҕы этническэй мода көһө сылдьар бэстибээлин Гран-притын Калмыкияттан кэлбит Татьяна Милованова ылла.


А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр дуорааннаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Түһүлгэҕэ ыраахтан-чугастан суон сурахтаах модельердар, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр, маастардар маанылара, бастыҥнара муһуннулар. Забайкалье, Хабаровскай кыраайдарыттан, Алтайтан, Калмыкияттан, Бурятияттан, Казахстантан, Монголияттан, Таймыртан , Саха өрөспүүбүлүкэтин 20 улууһуттан, орто анал үөрэх тоҕус кыһатыттан, оскуолалартан, уһуйааннартан кытыннылар.

Тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт «ЭтноАксессуар» куонкуруһугар 58 киһи кытынна.Манна киирбит үлэлэри СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин дириэктэрэ Александр Гоголев салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Бу хайысха кыайыылааҕынан Бүлүү улууһуттан кэлбит уран тарбахтаах Анна Семенова кыайыылааҕынан тахсан бар дьонун үөртэ.

«Күн табата» бэстибээлгэ аныгы, сценаҕа кэтиллэр  уонна өбүгэ үгэһин тутуһан тикпит этническэй көстүүмнэрэ хайысхаларынан ыытыллыбыт күөн күрэскэ барыта 63 модельер кытынна. Бу хайысхаҕа көрдөрүллүбүт үлэлэри Москваттан кэлбит Раушан Канапьянова салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.

«Күн табата» үһүс төгүлүн ыытыллыбыт этническэй мода көһө сылдьар бэстибээлин Гран-при дипломунан Татьяна Милованова наҕараадаланна. Калмыкия судаарыстыбаннай филармониятын көстүүмҥэ уонна пластикаҕа тыйаатырын уус-уран салайааччыта «Стародавний век золотой» коллекциянан кытынна. Кыайыылааҕы А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева эҕэрдэлээтэ.

Долгутуулаах тэрээһин түмүктэннэ. Маастардар бэйэ-бэйэлэрин кытары бу икки күннээх далааһыннаах тэрээһиҥҥэ бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса билистилэр,үөрүйэхтэрин атастастылар. Онтон көрөөччүлэр уран тарбахтаахтар кэрэ, мааны таҥастарын-саптары, киэргэллэрин  сөҕө-хайгыы көрдүлэр.

Биһиги корр.,«Саха сирэ»  хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *