Түбэ нэһилиэгэр үөрэхтээһин түстэммитэ 130 сылын бэлиэтээтилэр
Cэтинньи 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр үөрэхтээһин түстэммитэ 130 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сахалыы тыллаах букубаар ааптара Мария Егоровна Охлопкова аатынан мусуой арыллыыта уонна Түбэ оскуолатын үс чаҕылхай учууталлара Лариса Егоровна Дьяконова, Мария Андреевна Гуляева уонна Петр Петрович Попов тустарынан кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Түбэ орто оскуолатын иккис этээһин фойетыгар сахалыы тыллаах букубаар төрүттэммитин кэпсиир, нэһилиэк остуоруйатын уонна Түбэҕэ үөрэхтээһин түстэммитин сырдатар мусуойу оҥорон, үөрүүлээх арыллыытын тэрээһинэ ыытылынна. Түбэ нэһилиэгэ баай остуоруйалаах буоларын быһыытынан, олус элбэх киһи олорон, үлэлээн-хамнаан ааспыт сирэ буолар. Үөрэххэ угуйбут, улахан суолга сирдээбит оскуолаларын бэлиэ күнүгэр олус элбэх киһи ыалдьыттыы, сылаас эҕэрдэ тылларын эттилэр уонна бэлэхтэрин туттардылар.
Нам улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччыта Екатерина Ядреева Түбэ орто оскуолатын история учууталыгар Варвара Поповаҕа СӨ үөрэҕин туйгуна аат иҥэриллибитин туоһулуур бирикээһин туттарда. Түбэ орто оскуолатыгар чаҕылҕайдык үлэлии сылдьыбыт, алыҥ кылаас учуутала, «учууталлар учууталлара» Лариса Егоровна Дьяконова, Арассыыйа үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, биология уонна география учуутала Мария Андреевна Гуляева, СӨ үөрэҕин туйгуна, физкультура уонна ОБЖ учуутала Петр Петрович Попов олохторун уонна үлэлэрин туһунан «Эһиэхэ махтана сүгүрүйэбит, учуутал доҕорбор» серия бастакы үс кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Түбэ орто оскуолатын учууталлара Полина Слепцова, Варвара Попова, Кира Никонова, Виктория Григорьева ахтыылары хомуйан, таҥан, редакциялаан таһаардылар. Кинигэ бэчээттэнэн тахсарыгар, оскуола дириэктэрэ Евдокия Шарина уонна Түбэ орто оскуолатын библиотекара Марита Сивцева эккирэтиһэн, улуустааҕы Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы библиотекаҕа бэчээттэппиттэрэ.
Тэрээһиҥҥэ, Түбэ орто оскуолатыгар дириэктэрдээбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, билигин социальнай педагог Варвара Дьяконованы Түбэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо ааты Түбэ нэһилиэгин аҕа баһылыга Константин Федоров туттарда. Оскуола үлэһиттэрэ ыалдьыттарга саҥа мусуойу көрдөрдүлэр, ис тутулун туһунан кэпсээтилэр. Мария Егоровна төрөппүт кыргыттара Марианна уонна Евдокия Охлопкова мусуойга ийэлэрэ тутта сылдьыбыт малларын уонна хаартыскаларын туттарбыттара, ийэлэрин аатынан анал стипендия олохтоотулар. Түбэ оскуолатын попечителя, «Көмүөл» кинигэ издательствота оскуола оҕолоругар наҕараадаларын туттарда уонна стипендия анаата. Маны таһынан, Түбэ нэһилиэгин тэрилтэлэрэ оскуола коллективын эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Мария Егоровна Охлопкова 1930 сыллаахха Түбэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ол саҕанааҕы олох ирдэбилинэн, оҕо эрдэҕиттэн колхозка үлэлээбит. Түбэ алыҥ кылаастаах, Хатырык, Нам оскуолаларын бүтэрэн, 1950 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститутка үөрэнэ киирбит. 1954 сыллаахха саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин баһылаан, үлэтин Бөтүҥ оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн саҕалаабыта. Онтон, Түбэ оскуолатыгар учууталлаабыта. 1963 с. Саха национальнай оскуолатын чинчийэр үнүстүтүүтүгэр балыс научнай үлэһитинэн киирбитэ. Оскуола саҕаттан доҕордоспут Николай Охлопковтыын ыал буолан, биэс оҕону күн сирин көрдөрөн, сиэн, хос сиэннэммиттэрэ. 1966 сыллаахха, Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омолоону кытта сахалыы тыллаах букубаары суруйбуттара.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru