Уус алданнар собоҕо аналлаах күрэх тэрийдилэр
Ааспыт бээтинсэҕэ Уус Алдан улууһугар “Оо, собо, собо барахсан” диэн улууска бастакы тэрээһин буолла. Сонун күрэҕи Мүрү нэһилиэгин “Түһүлгэ” балаҕаныгар эр дьон “Эр хоһуун» уонна “Алаас хотуна” дьахталлар түмсүүлэрэ тэрийэн ыыттылар.
Уус Алдан Бороҕонугар собоҕо аналлаах күрэх буолла. Бу күн ыалдьыттары – нэһилиэк олохтоохторун саламаатынан, алаадьынан күндүлүү көрүстүлэр. “Саамай улахан собо” күрэскэ 32.5 см усталаах Николай Стручков (Мүрү) собото кыайыылаах таҕыста. Балык уҥуоҕуттан, хатырыгыттан оҥоһукка Уһун Күөл бөһүөлэгиттэн Саргылаана Копырина кыайыы үөрүүтүн биллэ. Кини 50 устуука собо уҥуоҕуттан мамонт уонна “Чужой” фантастика киинэ персонаһын оҥорбута дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.
Биир кэрэхсэбиллээх көстүүнэн – соботтон бүлүүдэ күрэһэ буолла. Манна соботтон алаадьы, блины, лэппиэскэ, тылыттан салаат, паштет уо.д.а эгэлгэ 30-тан тахса бүлүүдэ көрүҥэ бэлиэтэннэ. Түмүккэ 28 устуука араас сиэдэрэй бүлүүдэлэри астаабыт Светлана Аржакова (Мүрү) бастакы миэстэни ситистэ.
Салгыы күөгүлээһин, мөһөччүк иһигэр угуллубут илими илиини уган хастаах харахтааҕын таайыы, балыгы хатырыктаан, үөстээн бэлэмнээһин уонна собону түргэнник сиэһин күрэстэрэ олус бэһиэлэйдик, көхтөөхтүк ыытылыннылар. Кыайыылаахтар дипломунан, бирииһинэн наҕараадаланнылар. Итии чэй тэрилиннэ.
Ааптар: Мария АРГУНОВА