Табалаахтар Ойуунускайы оҕо эрдэхтэн кэрэхсииллэр
Табалаахтар Ойуунускайы оҕо эрдэхтэн кэрэхсииллэр
Суруйааччы, учуонай уонна бэлиитик Платон Алексеевич Ойуунускай сырдык аата, норуотугар хаалларбыт үлэлэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ суолталара өссө дириҥээн иһэр. Саха норуотун чулуу уола Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын бүтүн Саха сирэ бэлиэтээтэ. Үөһээ Дьааҥылар саха улуу суруйааччытыгар урут уруккуттан, хайа күн үтүө аата тиллиэҕиттэн сүгүрүйэллэр.
Табалаах бибилэтиэкэтэ уонна «Һэкэт» култуура киинэ П.А. Ойуунускайга аналлаах тэрээһиннэри оскуолаҕа, оҕо саадыгар уонна нэһилиэнньэҕэ ыыттылар. Дьон-сэргэ бу күннэри күүппүтэ ырааппыт, «Ойуунускайбыт аата ааттаныахтаах» дииллэр. Ойуунускай айымньыларыгар кинигэ быыстапката, киэҥ бырагараамалаах элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар. 50-тан тахса кыттааччылаах литературнай-музыкальнай киэһэҕэ араас көлүөнэ дьон кытынна. Казах биллиилээх поэтессата Турсынай Оразбаева Ойуунускай туһунан сахалыы ыллаабыт ырыата көрдөрүлүннэ.
Бибилэтиэкэр Марина Эверстова: «Былатыан Ойуунускай аата тилиннэриллибитин кэнниттэн, 1958 сыллаахха, сэттэ туомнаах кинигэтэ тахсыбыта. Ол кинигэлэрэ манна, бибилэтиэкэҕэ аҕалыллыбыттар. Мин оскуолаҕа киирэ иликпинэ төрөппүттэрим чүмэчи уотунан ааҕаллара. Ийэм наһаа үчүгэй куоластаах этэ, кинини тула олорон Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун бүтүннүүтүн истибиппит», — диэн ахтар.
Саха чулуу уола Былатыан айымньылара олоҥхону уһун тыыннаан, бүтүн Саха сирин ааттаттылар, ааттатыахтара да турдаҕа.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА