Николай Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамааныгар Сөдүөччүйэ уонна Дьөгүөрдээн Лэглээриннэр үс уоллаахтар. Улаханнара Микиитэ, онтон Өлөксөй уонна үһүс уол Сэмэнчик. Аны бу арамаан «Сир» диэн төрдүс төгүлүгэр болҕомтолоох ааҕааччы икки строкаҕа хараҕа хатаммыт буолуохтаах. Онно маннык суруллубут: «Сөдүөччүйэ биэс уончатыгар кыыс төрөтөн баран, ситэ тиллибэккэ муҥнаммыта ый кэриҥэ буолла».
edersaas.ru
«Сааскы кэм» арамаан сүрүн дьоруойдарын барыларын билэбит. Микиитэ – арамаан ааптара, Саха АССР норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа. Сөдүөччүйэ – кини ийэтэ Феодосия Михайловна, Дьөгүөрдээн – аҕата Егор Дмитриевич Мординовтар. Орто уоллара Өлөксөй – философскай наука дуоктара, профессор Авксентий Егорович Мординов, кыра уол Сэмэнчик – САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, фронтовик Трофим Егорович Мординов. Оттон арамаан былаһын тухары баара-суоҕа икки строкаҕа суруллубут кыыс ханна барда?
Балтылара Баар эбит!
Саха норуотугар киэҥник биллибит үс бырааттыы Мординовтар биир ийэттэн аҕаттан төрөөбүт балтылаахтар эбит! Татьяна Егоровна Мординова диэн. Кэргэн тахсан да баран, араспаанньатын уларыттарбатах. Кини 1918 сыл ахсынньы 29 күнүгэр төрөөбүт (бэйэтэ этэринэн, бу сыыһа күн-дьыл үһү). Убайа Ньукулай 1906 сыл тохсунньу 6 күнүгэр төрөөбүтэ. Өксүөнтэй 1910 сыл олунньу 23 күнүгэр, оттон Торопуун 1915 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр төрөөбүттэр.
Татьяна Егоровна оҕото Наталья Афанасьевна Васильева Дьокуускайга Нина Алексеева тиэхиньиичэскэй лиссиэйигэр омук тылын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Кини ийэтин туһунан кэпсээнин истиэххэ.
— Ийэбит Татьяна Егоровна Чычымах 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Сэрии иннинэ ыал буолбут. Кэргэнэ сэрии хонуутугар сураҕа суох сүппүт. Биир оҕолоохторо ол ыар сылларга ыалдьан өлбүт. Куоракка киирэн, убайа Өксүөнтэй оҕолорун көрсүбүт. Ол сырыттаҕына Тихонов диэн киһи биһиги аҕабытын кытта билиһиннэрбит. Аҕабыт Николаев Афанасий Николаевич Ньурба Дьаарханыгар 1910 сыллаахха төрөөбүт. Кэргэнэ эрдэ өлөн, оҕото Ольганы уонна ииппит кыыһа Зояны кытта Ньурба Куочайыгар кэргэнин дьонугар олорбуттар. Сэрии кэмигэр нэһилиэнньэни байыаннай быһыыга-майгыга, олоххо үөрэтэр Осоавиахим эппиэттээх үлэһитэ эбит. Кини Бүлүү байыаннай комиссариатыгар үлэлии сылдьан, ийэбитин Дьокуускайтан сыарҕалаах атынан көһөрөн илдьибит. Убайа Ньукулай: «Ханнык эрэ Бүлүү киһитигэр биһигини быраҕан барда», — диэн сөбүлээбэтэх саҥата иһиллибит. Кэлин биһиэхэ: «Ийэҕит, хата, Ньурбаҕа баран дьоллонно. Манна убайдарыгар биһиги оҕолорбутун көрсө сылдьыа этэ», – диирэ.
Өҥ буордаах күөх Ньурбаҕа
Дьоммут 1946 сылтан Ньурбаҕа олохсуйбуттар. Мичурин уулуссатын 17 №-гэр билиҥҥэ диэри тэрилтэ хонтуората буолан турар дьиэни ийэлээх аҕабыт иккиэйэҕин туттубуттар. Дьэ, бу биһиэхэ ньээкэ уйабыт буолбут дьиэҕэ олус дьоллоохтук, иллээхтик олорбуппут. Манна ийэлээх аҕабыт оҕолорун төрөтөн, сиэннэрин бүөбэйдээн, эбээ-эһээ диэн үрдүк ааты ылбыттара. Биһиги ийэбит аҕабыт кыыһа Ольганы 6 сааһыттан, ииппит кыыһа Зояны 8 сааһыттан көрбүтэ, оттон бэйэлэрэ үс кыыс оҕоломмуттара. Оксана диэн кыыс кыратыгар ыалдьан өлбүт. Өссө аҕабыт икки быраатын иитэн-аһатан олордубута. Аҕабыт бастакы кэргэнин аймахтарыгар ийэбит олус үчүгэйдик сыһыаннаһан, биһиги билиҥҥэ диэри кинилэри кытта аймахтаһан олоробут.
Аҕабыт Афанасий Николаевич райком эппиэттээх үлэһитэ, «Ньурба» сопхуос бастакы управляющайа, райсовет отделын сэбиэдиссэйэ, онтон биэнсийэҕэ тахсыар диэри 7 сыл Ньурба бөһүөлэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Өрүү үлэ үөһүгэр сылдьара, элбэх командировкалаах буолара. Онон биһиги кырабытыгар ийэбит Татьяна Егоровна дьиэ хаһаайката буолан олорбута. Кини сүрдээх чаҕылхай өйдөөҕө, үрдүк култууралааҕа. Дьиэбитигэр төлөпүөн ыйынньыга кини буолара. Ыаллар, тэрилтэлэр төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин 70 сааһыгар диэри өйүгэр тута сылдьыбыта. Наһаа асчыт этэ. Ыалларбыт улахан бырааһынньыктарыгар көрдөһөн астаталлара. Бэйэтэ тугу эмэ сонуну астаатаҕына, ыалларыгар хайаан да бэрсэрэ. Дьиэбит утары интэринээт баара. Ол иитиллээччилэриттэн биһиэхэ чэйдээбэтэх оҕо суох буолуохтаах. Оҕолор ийэбитин олус сөбүлүүллэрэ, уулуссаҕа батыһа, көмөлөһө сылдьаллара.
Дьоммут биһиэхэ анаан хаһыат, сурунаал бөҕөнү суруйтараллара. «Бэлэм буол» (билиҥҥи «Кэскил») саамай урут ааҕыллара. Ийэбит «Бэлэм буолу» эмиэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ааҕара. Тоҕо диэтэххэ, бу хаһыакка улахан таайбыт Николай Егорович Мординов үлэлииринэн бары киэн туттарбыт. Оҕолор кэпсээннэригэр кини «буочара» баарын ийэбит тута билэрэ, оттон убайын суруйуута таҕыстаҕына, бүтүн дьиэ кэргэҥҥэ доргуччу ааҕыы тэриллэрэ. «Бэлэм буол» биир да нүөмэрэ быраҕыллыбата, барыта сааһыланан, тиһиллэн иһэрэ. Ону интэринээт оҕолоругар эмиэ аахтарара.
Кэлин биһиги, оҕолоро, улаатан, дьүөгэлэрэ: «Дьон ортотугар сырыт» диэн сүбэлээн, Ньурба соҕотох дьааһылатыгар таҥаһы-сабы бэрийэр кастеляншанан киирбитэ. Үлэһиттэр кэтэр, оҕолор утуйар сүүһүнэн ахсааннаах таҥастарын иистэнэр массыынанан тигэн талыгыратара. Ол быыһыгар дьону солбуйан, ас астааччы, ньээнньэ, завхоз буолуталаан ылара. Бу курдук үлэлээн, «Коммунистическай үлэ удаарынньыга» үрдүк ааты ылбыта.
Кими да чорбоппокко таптыыра
Ийэбит биэнсийэҕэ тахсан баран, аны биһиги оҕолорбутун көрөр-харайар түбүккэ түспүтэ. Барыбытын, оҕолору, сиэннэри, кими да чорбоппокко таптыыра. Түөрт кыыһа бары үрдүк үөрэхтэммиппит. Зоя Афанасьевна Ленинградка бибилэтиэкэ институтун бүтэрэн, СГУ бибилэтиэкэтигэр үлэлээн, ССРС култууратын туйгуна буолбута. Ольга Афанасьевна Новосибирскайга сибээс институтун бүтэрэн, «Сахателекомҥа» сүрүн экэнэмииһинэн уһуннук үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыта, икки оҕолоох. Светлана Афанасьевна Пермь педагогическай институтутугар үөрэнэн, Ньурбаҕа 30 сыл оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору кытта үлэлээбитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна. Кини үс оҕолоох, сэттэ сиэннээх, Дьокуускайга олорор. Мин, Наталья Афанасьевна, СГУ омук тылын салаатын бүтэрэн, бастаан Ньурбаҕа, билигин Дьокуускайга учууталлыыбын, үс оҕолоохпун, алта сиэннээхпин.
Таайдарбыт барахсаттар
Биһиги ийэбит убайдарыгар наһаа истиҥник сыһыаннаһара. Кырдьыар диэри «убайдарым мөҥүөхтэрэ» диэн тыллаах этэ. Убайдара биһиэхэ мэлдьи көмөлөһөллөрө. Ол курдук, биһиги үөрэнэрбитигэр Ньурбаттан соҕуруу куораттарга тиийэ кэлэр-барар харчыбытын кинилэр биэрэллэрэ. Сайын аайы ийэбитин кытта Авксентий таайбыт Сэргэлээхтээҕи даачатыгар сайылыырбыт. Ньурбаҕа олорорбутугар биир да бырааһынньыгы көтүппэккэ тэлэгирээмэнэн, аккырыыкканан эҕэрдэлии тураллара. Николай Егорович 86 сааһыгар сылдьан ыыппыт эҕэрдэ аккырыыккатыгар маннык суруйбут:
«Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан мин эйигин ис сүрэхпиттэн эйэҕэстик эҕэрдэлиибин уонна үтүө доруобуйаны, дьоллоох олоҕу эйиэхэ баҕарабын! Хайа, хайдах сылдьаҕыный, доруобуйаҥ хайдаҕый? Тоҕо эн миэхэ биирдэ эмэтэ суруйбаккыный? Мин эйигин тоҕо эрэ уруургуу саныыбын эбээт. Алҕаһаабат буоллахпына, арааһа, өссө бииргэ төрөөбүт балтым буолуоҥ этэ дии… Эн Ноноох уола Дьөгүөрдээн кыыһа этиҥ буолбатах дуо? Ол акаары оҕонньор түөрт оҕотуттан барыларыттан эйигин уһулуччу ордук таптыыр буолара. Ону ыаллара дьоннор дьиибэргээн саҥардахтарына, Дьөгүөрдээннэрэ: «Кини кыра уонна ыарытыган эрэйдээх, ити улахан уолаттар ханна эмэ сотору бырадьаагалыы тарҕаһан хаалыахтара, миигин кэтээн олоруохтара суоҕа. Миэхэ оҕом Татыына хаалан, кини иитиэҕэ, өллөхпүнэ уҥуохпун кини тутуоҕа», – диэхтиир буолар этэ… Олоххо оннук буолбута даҕаны, өлөр күнүгэр Торопуун эһикки баар этигит дии… Аҕа сүрэҕэ таайбыт эбит этэ… Чэ, түксү, үксү-элбэҕи лахсыйан, манан бүтүүм… Саамай улахан убайыҥ Ньукулай оҕонньор. Олус кырдьан, буорайан эрэбин. Билсэ сырыт. Ууруубун-сыллыыбын. Ыччат оҕолоргор эҕэрдэм уонна мин үтүө алгыһым буоллун! Н. Мординов. 22.ХII-1992 сыл».
Бу аккырыыкканы ийэбит 74 сааһыгар күн сириттэн барыа биир сыл иннинэ туппута.
Саха норуотугар киэҥник биллибит үс бырааттыы Мординовтар тапталлаах соҕотох балтылара Татьяна (Николай Егорович таптаан Татыына диирэ) Егоровна Мординова Дьылҕа Хаан төһөнү биэрбитинэн олорон, убайдарын иннинэ 1993 сыллаахха өлбүтэ уонна иккис дойдута буолбут Ньурбатын сиригэр көмүллүбүтэ.
Александр Васильев-Көрдүгэн.