«Саха сирин киэн туттуута» бириэмийэ үлэтэ салҕанар уонна өссө саҥа таһымҥа тахсар. Бу туһунан республика премьерэ Владимир Солодов бүгүн долгутуулаах, умнуллубат кэрэ күҥҥэ бэлиэтээн эттэ диэн иһитиннэрэр СИА.
Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут дьоҥҥо туһаайан, Владимир Солодов ыарахан үлэттэн толлубат туруу үлэһит дьонноох буолан, биһиги региоммут аата ааттанарын, ситиһиилэнэрин бэлиэтээтэ.
«Бириэмийэ сүрүн сыала-соруга, аттыбытыгар күн ахсын бэриниилээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык сыраларын ууран үлэлии-хамсыы, республикаларыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсэ сылдьар дьону саамай тоҕоостоох кэмигэр таба көрөн сыаналыырга туһаайыллар. Кинилэр биһиги доруобуйабыт чэбдигирэригэр кыһамньыларын уураллар, оҕолорбутун үөрэтэллэр, олохпут-дьаһахпыт тупсарыгар күүстэрин-күдэхтэрин уураллар. Эһигини ыччат холобур оҥосторуттан мин үөрэбин, киэн туттабын», — диэтэ кини.
Маны сэргэ, «Сахамедиа» холдинг бырайыагар куоластааһыҥҥа кыттыбыт бар дьоҥҥо, 442 номинаҥҥа махтанна. «Холдинг кэлэктиибэ бырайыак сайдарыгар улахан кыһамньытын уурар. Кинилэр көдьүүстээх үлэни тиһиктээхтик ыыталларыгар эрэнэбин», — диэтэ Владимир Солодов.
Премьер кэлэр сылга «Саха сирин киэн туттуута» бириэмийэ салгыы ыытылларын, өссө саҥа таһымҥа тахсарын иһитиннэрдэ. «Номинациялары талыыга уларыйыылар киириэхтэрэ. Туруу үлэһит дьону киэҥ аудиторияҕа билиһиннэрэргэ, көрдөрөргө улахан болҕомтолоох буолуохтаахпыт», — диэн эттэ.
Санатан эттэххэ, 12 номинацияҕа 442 номинант кыттыбыта. Сайаапкалар республика 34 улууһуттан, 13 куораттан киллэриллибиттэрэ. Барыта 395 тыһыынча киһи куоластаабытыттан, саамай көхтөөхтүк «Врач» номинацияҕа киирсии буолбута бэлиэтэммитэ. Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр быһа холуйан 100 тыһыынча киһи куоластаабыта.
Тэрийээччилэр «Сахамедиа» холдинг, «Саха Сирэ», «Якутия» хаһыаттар, YSIA.RU информагентство, Edersaas.ru уонна Ulus.medi саайтар. Официальай спонсордарынан саха национальнай иһитин оҥорор «Көмүлүөк» компания уонна «Киэргэ» ювелирнай фирма буолаллар.
Андрей СОРОКИН хаартыскаҕа түһэриилэрэ