Александр Кузнецов сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕа Эрчим Баппаҕай
Александр Кузнецов сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕа Эрчим Баппаҕай
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улуустарга араас күрэхтэһиилэр буола тураллар. Спорду өрө туппут, элбэх биллиилээх спортсменнардаах Үөһээ Бүлүүгэ бэҕэһээҥиттэн мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытылынна. Саха Сирин норуоттарын lll-с спортивнай оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа Александр Кузнецов сырдык кэриэһигэр ананна. Кимнээх кыайбыттара билиннэ.
Александр Кузнецов сырдык кэриэһигэр спортивнай оонньуу Үөһээ Бүлүүгэ быйыл алтыс төгүлүн ыытылынна. Күрэхтэһиини түмүктүүр тэрээһин иннинэ 75 киилэҕэ диэри уонна онтон үөһээ ыйааһыннаахтарга диэри муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар киирсиигэ мадьынылар жеребьевканан быһаарыстылар. 75 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа аҕыс, онтон 75 киилэттэн үөһэҕэ биэс спортсмен кииристэ.
Күрэхтэһии түмүгүн таһаарыы
Күрэхтэһиини түмүктүүр тэрээһиҥҥэ сэттэ ыйааһыҥҥа кыайбыттары (эр дьоҥҥо уонна дьахталларга) чиэстээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бары наҕаарадаланнылар, кыайыы үрдүк чыпчаалын билэн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Күрэхтэһии кыттааччыларын Үөһээ Бүлүү олохтоохторун ааттарыттан улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Семен Михалев эҕэрдэлээтэ.
Ыйааһыннарыгар бастаабыт мадьынылар бириистэрин бэйэлэрэ тардан ыллылар. «Супер бириис» суруктаах кумааҕы Уус Алдан мадьыныта, бэтэрээннэргэ 80 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга бастаабыт Егор Слепцовка түбэһэн, үөрүүтэ үс бүк үрдээтэ. Александр Кузнецов аймахтара туруорбут 80 тыһ. солк уу харчыны үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Дьэ бу буолар түөрэх түһүүтэ, баат сатаныыта.
Муҥутуур күүстээхтэри быһаарыы
Салгыы күрэхтэһии муҥутуур кыайыылаахтарын быһаарар түмүк киирсии буолла. Бэрт тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн 75 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга муҥутуур кыайыылаах Уус Алдан мадьыныта Айсен Атастыров буолан, 43 тыһ. солк наҕараадаланна. Онтон 75 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа муҥутуур күүстээх аатын Үөһээ Бүлүү мадьыныта Эрчим Баппаҕай ылан, Ороһу нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут убаһатын ылла. Утарсааччыларын адьас тулуппата.
Күрэхтэһиигэ 12 улуустан (Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Дьокуускай, Нам, Амма, Уус Алдан, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы уонна ХИФУ) 70-тан тахса мадьыны, ол иһигэр 12 спорт маастар кытынна.
Күрэхтэһээччилэр, ыалдьыттар санаалара
Эрчим Баппаҕай, Европа күрэхтэһиитин чөмпүйүөнэ, 2017 сыллааҕы Манчаары оонньуутугар мас тардыһыытын муҥутуур кыайыылааҕа:
— Күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ааста. Миигин анаан-минээн чиэстээбит улууһум дьонугар-сэргэтигэр ис сүрэхтэн махталбын тиэрдэбин. Барыгытыгар тус олоххутугар дьолу-соргуну, кэрэни-үтүөнү баҕарабын.
Николай Дьяконов, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата, Дыгын оонньууларын хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ:
— Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр мадьынылар кыттыылара тэрээһин таһымын үрдэттэ. Александр Кузнецов кэриэһигэр аналлаах күрэхтэһии инники да өттүгэр күүскэ ыытыллыаҕа диэн эрэнэбин.
Николай Константинов, Дьокуускай куорат, 70 киилэҕэ бэтэрээннэргэ бастакы миэстэлээх:
— Үөһээ Бүлүү улууһа ханнык баҕарар күрэхтэһиини кыайа тутан, үрдүк таһымнаахтык ыытар уратылаах. Эҕэрдэбин тиэрдэбин. Судьуйалар эппиэтинэстээхтик, хаачыстыбалаахтык үлэлээбиттэрин бэлиэтиибин.
Ааптар: «Үөһээ Бүлүү» хаһыат