Эбээн Бытантай улууһугар Тыйаатыр сылын арыллыытын бэлиэтээтилэр

Эбээн Бытантай улууһугар Тыйаатыр сылын арыллыытын бэлиэтээтилэр

Эбээн Бытантай улууһун, Түгэһиир нэһилиэгэр ахсынньы 12 күнүгэр «Гарпан» култуурунай киинигэр тыйаатыр сылын арыллыытын, ону кытта Ойуунускай 125 сааһын бэлиэтээтилэр.


Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан быйыл үтүө дьулуур сыла түмүктэнэн эрэр, онтон кэлэр 2019 сыл
дойду үрдүнэн тыйаатыр сылынан анаммыта биллибитэ.

Түгэһииргэ тыйаатыр сылын бэлиэтээтилэр. Култуурунай кииҥҥэ Былатыан Ойуунускай 125 сааһыгар анаан Тамара Слепцова Ойуунускай олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин туһунан кэпсэтии, ырытыһыы ыытта.

Полина Ефимова салайыытынан култуура үлэһиттэрэ, оскуола оҕолорун кытта Былатыан Ойуунускай хоһоонноруттан, айымньыларыттан быһа тардан аахтылар-көрдөрдүлэр. Кыттааччылар сахалыы таҥас кэтэн, оруолларыгар киирэн, сүрдээх иһирэхтик хоһоонноотулар, оонньоотулар. Түмүгэр бары туран оһуохай этэн эргийдилэр.

Ааптар: Марианна Слепцова

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *