Хаҥаластарга «бөх реформатын» туһунан кэпсээтилэр
Хаҥаластарга «бөх реформатын» туһунан кэпсээтилэр
Саха сиригэр бөҕү сүөкүүр 470 тахса эбийиэк баарыттан бары нуормаларга сөп түбэһэр 12 эрэ полигон баар. Онтон атыттара — көҥүлэ суох сыбаалкалар. Хаҥалас улууһугар киин зонаҕа анаммыт региональнай оператор — «Якутскэкосети» ХЭТ салайааччыта Денис Тон кэлэн нэһилиэк баһылыктарын, управляющай хампаанньалары кытта көрүстэ.
Былаан быһыытынан 2017 сылтан дойдуга кытаанах хомунаалынай тобохтору кытта үлэлиир салаа олоххо киириэхтээҕэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ региональнай оператордар талылланнар, сыбаалка кыһалҕатын быһаарыы, «бөх-сах, тобох реформатын» олоххо киллэрии кэлэр 2019 сыл тохсунньутуттан, дьэ, саҕаланыа.
Хаҥалас улууһун дьаһалтатыгар ОДьКХ министиэристибэтиттэн Ольга Матвеева уонна киин зонаҕа анаммыт региональнай оператор — «Якутскэкосети» ХЭТ салайааччыта Денис Тон кэлэ сылдьан нэһилиэк баһылыктарын, управляющай хампаанньалары кытта көрүстүлэр.
Ольга Иннокентьевна бастатан туран нэһилиэнньэлээх пууннарга тобохтору хомуйуу уонна тиэйии тиһилигэ хайдах барыахтааҕын, полигоннар тутууларын, бөҕү-саҕы хаттаан эргитии ыстаансыйаларын тутуутун туһунан билиһиннэрдэ. Ол курдук, бөҕү харайыы бигэргэммит территориальнай схематыгар олоҕуран бастаан бөх хомуйуллуохтаах, онтон кытаанах тобоҕу буортута суох оҥоруу олохтонуохтаах уонна дьон доруобуйатыгар кутталлаах тобохтору харайыы тэриллиэхтээх.
Оттон «Якутскэкосети» салайааччыта Денис Валентинович оператор быһыытынан эбээһинэһин туһунан сиһилии быһаарда. Ол курдук, саҥа сокуон олоххо киириитин сүрүн соруга — нэһилиэнньэлээх пууннарга сыбаалкалары суох оҥоруу, кытаанах тобохтору туһаҕа таһаарыы буолар, диир кини. Оператор эбээһинэһэ — кытаанах коммунальнай тобоҕу хомуйуу, тиэйии, көдьүүскэ таһаарыы, буортута суох оҥоруу уонна көмүү-харайыы. Бастатан туран, хас биирдии бөҕү тоҕор сир хаһаайыннаныахтаах, о.э. бу сир туругар эппиэттиир сирэй баар буолара ирдэнэр. Региональнай оператор бөх контейнердарын былаһааккатын тэрийиигэ, ыраастааһыҥҥа туох да сыһыана суох, кини эбээһинэһэ — «мусоровозкаҕа» тиэйиллибит кытаанах хомунаалынай тобохтору харайыы буолар.
Тохсунньуттан операторы кытта дуогабардаспыт уонна Росприроднадзор тэрилтэттэн лицензиялаах эрэ тэрилтэ бөҕү тиэйиинэн дьарыктаныа.
— Тыа сиригэр биһиги бөҕү контейнернай былаһаакка реестргэ суруллубут уонна территориальнай схемаҕа баар эрэ буоллаҕына тиэйэбит. Маны таһынан убаҕас бөҕү тиэйбэппит. Чааһынай дьиэлэртэн бөҕү хомуйууга бөх тоҕуллар контейнердарын тутууга эппиэтинэһи олохтоох былаас сүгэр. Биһигини кытта дуогабары управляющай хампаанньалар эбэтэр ТСЖ-лар баттаһаллар. Өскөтүн дьиэлээх дьон УХ уонна ТСЖ быһаарымматах буоллахтарына, утары дуогабар түһэрсэбит, — диэтэ Денис Тон.
Оттон кыра муниципальнай тэриллиилэргэ бөҕү хомуйар, тиэйэр, көрөр-истэр тэрилтэни тутар барыыһа суох. Бөҕү арааран таҥастааһын, бэл диэтэр, улуус кииннэригэр да кыаллыбат. Арай Аллараа Бэстээххэ кытаанах хомунаалынай бөҕү-тобоҕу ырытар-ыраастыыр ыстаансыйа тутуута 2019 сылтан саҕаланыа. Бу тутууга Айылҕа ресурсаларыгар уонна экология министиэристибэтин чэрчитинэн экологическай хомуур үбүттэн федерацияттан 16,3 мөл. солк. субсидия, өрөспүүбүлүкэттэн 1,4 мөл. солк. көрүллүөҕэ, маны таһынан Мэҥэ Хаҥалас улууһа эмиэ үбүнэн кыттыһар.
Биллэрин курдук, билигин Европа бөҕү хаттаан туһаҕа таһаарыы салаатын биир саамай барыстаах бизнеска кубулуппут. Бөҕү туһаҕа таһаарыы салаатын инвестициялааһын бу дойдуларга кэскиллээх, дохуоту аҕалар дьарыгынан буолар эбит. Холобур, Швецияҕа кытаанах тобохтор 96%-ра туһаҕа таһаарыллар буоллаҕына, биһиэхэ бөх муҥутаан 5%-на эрэ хаттаан туһаҕа таһаарыллар. Тас дойдулары ситэрбит ыраах гынан баран, бу хайысханан үлэ саҕаланна. Урут бөҕү-саҕы харайыы муниципалитеттар боломуочуйаларыгар эбит буоллаҕына, билигин бу үлэ регионнарга сүктэрилиннэ.
Регионнааҕы оператордар бөҕү хомуйуу, тиэйии, туһаҕа таһаарыы үлэтин оҥорорго эбээһинэстэнэллэр. Саха сирэ биэс зонаҕа араарыллыбыта: киин зонаҕа Дьокуускай куорат, Жатай, Нам, Хаҥалас, Горнай улуустара киирэллэр, соҕуруу зонаҕа — Алдан, Нерюнгри улуустара, арҕаа зонаҕа — Мирнэй, Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Бүлүү бөлөх улуустара. Илиҥҥи киин зонаҕа — илин эҥэр улуустар, илиҥҥи зонаҕа Томпо, Өймөкөөн, Уус-Майа, Кэбээйи киирсэллэр. Хотугу зонаҕа 13 хотугу уонна арктическай улуустар киирсэллэр. Бөҕү харайыы тиһигин иһинэн тутуллуохтаах эбийиэктэри регионнааҕы оператордар буолбакка олохтоох дьаһалталар туттарыахтаахтар. Манна туспа тарыып олохтонуохтаах.
Билигин бөҕү тиэйиигэ төлөбүрү дьиэни көрүү-истии өҥөтүн быһыытынан ыла сылдьаллар. Регионнааҕы оператордар үлэлэрин саҕалаатахтарына, бөҕү таһыыга туспа тарифтаах саҥа коммунальнай өҥө баар буолуоҕа. СӨ Госкомцен бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова иһитиннэрбитинэн, киин зонаҕа үс киһилээх дьиэ кэргэн төлөбүрэ 300 солк. эбэтэр онтон арыый элбэх буолуон сөп. Тарыыбы олохтооһун общественнай сэбиэккэ уонна биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйаҕа ырытыллан, ахсынньы 20 күнүгэр диэри бигэргэтиллэрэ күүтүллэр.
Онон бу саҥа сокуон төһө да киин Россия нэһилиэнньэлээх пууннарыгар (суоллаах-иистээх, чугастыы сытар нэһилиэктэрдээх сиргэ бөҕү араарыы ордук кыаллар) быдан табыгастаах гына оҥоһулуннар, Саха сиригэр олоххо киириитэ арыый да уустуктардаах буолуоҕа. Дьон-сэргэ бастаан бөҕү-тобоҕу арааран харайарга үөрэниэн наада. Аны бу наардаммыт бөҕү тиэйии эмиэ туһунан төлөбүрү, ол эбэтэр тарыып үрдээһинин эрэйэр. Онон бөҕү-саҕы туһаҕа таһаарыы уонна харайыы салаатыгар улахан үлэлэр, уларыйыылар чахчы экология харыстабылыгар туһалаахтык дьайарыгар уонна, биллэн турар, дьон-сэргэ хармааныгар, үбүгэр охсубатар эрэ диэн баҕара хаалабыт.
Ааптар: Ольга ГЕРМОГЕНОВА.