Бүлүүлэр Ырыа Ыстапаанныын көрүстүлэр
Бүлүү куоратын Олоҥхо дьиэтигэр дьоро күн тосхойдо. Хаҕын нэһилиэгин Сардаҥа учаастагар төрөөбүт Степан Петрову кытта санааны сааһылыыр, дууһаны өрүкүтэр, кэскили түстүүр көрсүһүү буолла. Кини «Тойон кыыл» киинэҕэ сүрүн оруолу толорон, киэҥ эйгэҕэ биллэр. Бу умнуллубат көрсүһүүнү Мария Егорова иилээн-саҕалаан ыытта.
Биллэрин курдук, Степан Дмитриевич Петров суруйааччы Баһылай Яковлев «Тэҥҥэ кырдьыбыт Тэҥкэ тиитим» диэн кэпсээнигэр олоҕуран, Семен Ермолаев сценарийынан, Эдуард Новиков режиссердаан «Тойон Кыыл» диэн саха киинэтигэр сүрүн оруолу – Собо уола Никииппэри оонньоон, омук ааттаахтарын соһутта, дойдутугар сүдү ситиһиини аҕалла.
Степан Дмитриевиһы дойдутугар Бүлүүгэ кэлбитинэн, «Тойон Кыыл» киинэҕэ сүрүн оруолу оонньоон улахан ситиһиилэммитинэн эҕэрдэлээн, улуус дьаһалтатын Махтал суругун улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Луиза Кононова туттарда. Киинэ дьоруойа Бүлүүгэ кэлэн, бар дьонун үөрдэ-көтүтэ элбэҕи сэһэргээтэ, үгүһү кэпсээтэ. Кини билигин Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгин Сэбиэтин дьокутаата, бочуоттаах олохтооҕо, «норуот уус-уран айымньыытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» о.д.а. элбэх бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ культуратын туйгуна, СӨ үтүөлээх артыыһа.
Бүлүү улууһун биир биллэр-көстөр, ураты суоллаах-иистээх, Россия Эбэ Хотун хордарын быйылгы күрэҕэр биир бастыҥ лауреатынан буолбут Владимир Васильев салайар бэтэрээннэрин хора өрө күүрүүлээх, түргэн тэтимнээх хас да ырыанан бу көрсүһүүнү арыйда. Ол кэнниттэн хор салайааччыта Владимир Васильев 50-ча сыл устата эн-мин дэһэн, эдэр сааһын аллар атаһа, эрэллээх доҕоро буолбут Ырыа Ыстапаанныын алтыспыт үтүөкэннээх кэмнэрин аҕынна, эҕэрдэ тылларын, баҕа санаа бастыҥын этэн туран, хор уонна тус бэйэтин аатыттан «Чуумпу Бүлүү» диэн кинигэни уонна Чөмчөө Уус оҥорбут, тэҥнээҕэ суох ураты тыастаах саха хомуһун өйдөбүнньүк бэлэх уунна. Онтон көрсүһүү кыттыылаахтара киинэ артыыһын үлэтин билиэх-көрүөх баҕа санаалара баһыйан, боппуруос бөҕөнү биэрдилэр, ордук тоһоҕолоон бэйэ дьоно, дойдута таптаан ааттаабыт Ырыа Ыстапааннара хайдах киинэ уонна народнай театр артыыһа буолбутун чопчулаан кэпсииригэр көрдөстүлэр.
— Манна дойдубар олорор эрдэхпинэ саас аайы куоракка киирэн, уус-уран самодеятельность фестивалларыгар бары өрө көтөҕүллэн туран кыттар этибит. Биһиги 4 доҕордуулар: Святослав Данилов, Владимир Васильев, Афанасий Яковлев уонна мин итинник фестивалларга элбэхтик алтыһан ыллаабыппытын куруук умнубакка саныыбын, — диэтэ артыыс.
Онтон атын улууска көһөн олохсуйбут сирбэр – II Дьөппөҥҥө бастаан ырыабынан дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыбытым. Ону таба көрөн олохтоох салалта миэхэ Бочуотунай грамота туттарбытын наһаа үчүгэйдик саныыбын. Киһиэхэ кыра да болҕомто наада ээ. Итинтэн кынаттанан салгыы аны народнай театрга оонньуур буолбутум. Онон ырыам олохпор аргыс буолла, ыарахаттары туоруурбар көмөлөстө диэхпин сөп.
Көрсүһүү кыттыылаахтарын көрдөһүүлэринэн Степан Дмитриевич табаарыһа Владимир Васильев баяҥҥа доҕуһуоллааһынынан хас да ырыаны толордо.
Ааптар: Николай Федоров