Байанай сыла дуу, Сибиинньэ сыла дуу?

Батсаапка соторутааҕыта: “Саха омуга бэйэбит түҥ былыргы итэҕэллээх омуктарбыт. Аныгы кэмҥэ атын омук итэҕэлинэн салаллан олорон эрэбит: Сибиинньэ сылын кытай итэҕэлинэн көрсөр сыыһа. Быйыл биһиэхэ Баай Барыылаах Байанай сыла кэлээри турар”, — диэн суруйуу тарҕаммыта.

edersaas.ru

Салгыы сылларынан, ыйдарынан сахалыы ааттара суруллубут. Холобур:

Тохсунньу – Таҥха ыйа,

Олунньу – Одун Хаан ыйа,

Кулун тутар —  Дьөһөгөй ыйа,

Муус устар – Иэйиэхсит ыйа,

Ыам ыйа – Айыыһыт ыйа,

От ыйа – Сир иччитин ыйа,

Атырдьах ыйа – Сүҥ Дьааһын ыйа,

Балаҕан ыйа – Улуу Суорун ыйа,

Алтынньы – Хотой Айыы ыйа,

Сэтинньи – Байанай ыйа,

Ахсынньы – Билгэ ыйа.

 

Сыллары эмиэ ити бэрээдэгинэн араарбыттар:

Таҥха – 1913,1925, 1937, 1949, 1961, 1973, 1985, 1997, 2009.

Одун Хаан – 1914,1926,1938, 1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010.

Дьөһөгөй – 1915, 1927, 1939, 1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011.

Айыыһыт – 1916, 1928, 1940, 1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012.

Иэйиэхсит – 1917, 1929, 1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013.

Үрүҥ Айыы – 1918, 1930, 1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014.

Сир иччитэ – 1919, 1931, 1943, 1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015.

Сүҥ Дьааһын – 1920, 1932, 1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016

Улуу Суорун – 1921, 1933, 1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017.

Хотой Айыы – 1922, 1934, 1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018.

Байанай – 1923, 1935, 1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019.

Билгэ – 1924, 1936, 1948, 1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008, 2020.

Ый майгыта: Байанай – бүтэй, булугас-талыгас, мындыр.

Дьолуолаах сыл

Ол гынан баран, бу сылларынан араарыыны ким оҥорбута, туохха олоҕурбута биллибэт. Баҕар, “тарбаҕыттан эмэн” таһаарбыта буолуо? Сылларынан араарарга айыылар эрэ киириэхтээхтэр дуу, иччилэр эмиэ дуу?

Ыйытыы элбэх. Интэриниэккэ хасыһан көрдүм да, күттүөннээҕи булбатым. Онон чуолкайдаары, саха төрүт култууратын чинчийээччи, “Кут-сүр” үөрэх түсчүтэ, бөлүһүөк Анатолий Павлов-Дабылтан ыйыталастым:

Ити биһиги, “Кут-сүр” кыһата, урут, сүүрбэччэ сыллааҕыта оҥорбут таблицабыт сылдьар. Быйыл иччилэргэ хайыһан, 4 улуу эйгэҕэ: ууга, уокка, буорга, салгыҥҥа сыһыаннаах, сүрү көтөҕөр, дабатыылаах ыһыахтар буолуохтаахтар.

Барыылаах баай хара тыа иччитэ Байанай сылыгар тыынар тыыннааҕы, тулалыыр эйгэни, айылҕаны харыстааһын өрө тутуллар. Дьолуо (удача) сыла буолар, — диэн кини быһааран биэрдэ.

 

 

 

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru   

 

0
0

Добавить комментарий