Бүлүү Дьөккөнүгэр пушка кэлиитин көрүстүлэр
Бүлүү Дьөккөнүгэр пушка кэлиитин көрүстүлэр
Бүлүү улууһугар Дьөккөн нэһилиэгэр ахсынньы 21 күнэ үйэ-саас тухары өйгө хаалар улахан үөрүүлээх күн буолла. Ол курдук улуус аҕа баһылыга Винокуров Сергей Николаевич туруорсуутунан Бүлүү улууһун икки Геройдаах нэһилиэктэригэр Хампаҕа уонна Дьөккөҥҥө Российскай Федерация оборонатын миниистирин солбуйааччытын бирикээһинэн 122 мм артиллерийскай пушкалар кэллилэр.
М-30 диэн 1938 сыллардааҕы образеһынан оҥоһуллубут гаубицалар Хабаровскай куоракка баар 59313-45 нүөмэрдээх байыаннай чаастан аҕаллылар. Дьөккөн нэһилиэгин баһылыга Егор Степанов маннык кэпсээтэ:
— Пушкалары аҕалыы икки Геройдаах Хампа уонна Дьөккөн дьаһалталара уйуннулар. Кэлиэхтээх сирдэрин бултарын кэннэ үстүү туонна кэриҥэ ыарахан ыйааһыннаах пушкалары массыынаттан сүөкүүргэ улахан кыамталаах кыраан өҥөтүн булууга Бүлүү улууһуттан Ил Түмэн дьокутаата Гоголев Александр Васильевич күүс-көмө буолла.
Бу бэлиэ түгэни бэлиэтээһин Дьөккөн нэһилиэгэр ахсынньы 21 күнүгэр оскуола үөрэнээччилэрин, нэһилиэк олохтоохторун кытта буолла. Бу күн киэн туттар киһибит, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, артиллерист, Советскай Союз Геройа Николай Алексеевич Кондаков аата өссө төгүл ахтылынна. Тэрээһиҥҥэ Дьөккөн нэһилиэгин баһылыга Степанов Е.И., оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Жирохова В.А., физкультура уонна ОБЖ предметтэрин учуутала Иванов В.А. уонна оскуола туйгун үөрэнээччитэ, лиидэрэ Петров Данил бэйэлэрин эҕэрдэлэрин бар дьонноругар тириэртилэр.
Дьөккөн нэһилиэгэр кэлбит пушка быйыл ППМИ бырагыраамматынан тупсарыллан, саҥардыллан оҥоһуллубут Кыайыы болуоссатыгар үйэ-саас тухары нэһилиэк өйдөбүнньүгэ буолан туруо.
Ааптар: «Олох суола» хаһыат