ЯКУТИЯ СЕГОДНЯ

“Хотугу кыым” хаһыат 65 сааһын туолла

1953 сыллаахтан тахсар “Хотугу кыым” хаһыат быйыл 65 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрин, бэтэрээннэрин, үлэлэһэр дьонун мунньан, ирэ-хоро кэпсэтии, уруккуну-хойуккуну ахтыһыы киэһэтэ буолла. Инновация, инфокоммуникационнай сайдыы министиэристибэтиттэн, Саха сирин суруналыыстарын сойууһун, улуус, бөһүөлэк, Ураһалаах нэһилиэгин дьаһалтатыттан, “Сахамедиа” информационнай холдингтан, “Саха сирэ” хаһыаттан эрэдээксийэҕэ урут үлэлээбит дьон аатыттан үтүмэн үтүө тыл этилиннэ.


Ордук суолталаах, долгутуулаах түгэнинэн, суруналыыстарга эрэдээксийэ, улуус, өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьонун аатынан олохтоммут түөрт бириэмийэни туттарбыттара буолла. Ол курдук типография, дириэктэринэн, хаһыат эрэдээктэринэн 24 сыл устата үлэлээбит Петр Ребров аатынан бириэмийэнэн хас да кинигэ ааптара, хаһыаты кытта ыкса үлэлэһэр Сыаганнаахтан Анастасия Сорокоумова наҕараадаланна. Анал ааты Петр Ребров аймахтара олохтоотулар. Анастасия Сыаганнаах орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы, 2011 сыллаахтан хаһыаты кытта ыкса үлэлэһэр. Бу сыллар тухары 200-тэн тахса ыстатыйата тахсыбыт. Оскуола оҕолорун кытта “Эрэл” хаһыаты таһаарар, оттон оскуола пресс-киинэ нэһилиэккэ “Хотугу кыымы” бэчээттээн ааҕааччыларга тиэрдии үлэтин сүрүннүүр. Онон Анастасия ыраах сытар нэһилиэк дьоно хаһыат тахсыбыт күнүгэр номнуо туталлар. Ону таһынан, Анастасия Гаврильевна үгүс кинигэ ааптара. Оҕону иитиигэ туһалаах босуобуйалары уонна нэһилиэк, улуус биллэр дьонун туһунан ахтыы-кинигэлэри таһаартаабыт өҥөлөөх.

Суруйааччы Карл Новиков-Быйаман аатынан бириэмийэни Абый кыраайы үөрэтэр мусуойун дириэктэрэ, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Сергей Голиковка Быйаман төрөппүт кыыһа, култуура бырабылыанньатын салайааччыта Жанна Новикова олохтоон туттарда. Сергей атын үлэҕэ үлэлээтэр даҕаны, эрэдээксийэни кытта ситимин быспат.

Суруйааччы, суруналыыс Христина Хабарова аатынан бириэмийэни “Хотугу кыым” кэрэспэдьиэнэ Любовь Худаева ылла. Кини Арассыыйа үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара. Кини “Хотугу кыымҥа” 2015 сыллаахтан таһаарыылаахтык үлэлиир. Любовь Гаврильевна Абый дьонун-сэргэтин, үлэтин-хамнаһын, тэрээһиннэр тустарынан уочаркалара, репортажтара, сэһэргэһиилэрэ, ойуулааһыннара улуус олоҕун укулаатын чаҕылхайдык арыйаллар.

Оттон биллэр суруйааччы Николай Абыйчанин аатынан бириэмийэнэн “Хотугу кыым” хаһыат суруналыыһа, Муома, Орто Халыма уонна Ил Түмэн хаһыаттарыгар үлэлээбит Афанасий Иванов наҕараадаланна. Кини “Хотугу кыымҥа” 2016 сыллаахтан кэлэн эппиэттиир сэкиритээр дуоһунаһыгар бэриниилээхтик үлэлиир. Хаһыакка суруйуулара улуус социальнай-экэнэмиичэскэй эйгэтин барытын таарыйар. Матырыйааллара дириҥ ырытыылаах, эриэ-дэхси тиэмэни быһааран биэрэринэн уратылаахтар.

Хаһыат бэтэрээннэригэр, үлэлээбит дьоҥҥо эрэдээксийэ аатыттан эрэдээктэр-дириэктэрэ Сусанна Андреева махтанан туран, бэлэхтэри туттартаата. Хас да сыллааҕыта кэрэспэдьиэнинэн ананан үлэлии кэлбит эдэркээн кыргыттар номнуо эрэдээксийэттэн архыыпка, дьаһалтаҕа, библиотекаҕа салайар үлэҕэ ананан барбыттар. Ол эрээри “төрөөбүт” эрэдээксийэлэрин умнубаттар, кэлэ-бара сылдьаллар, билсэллэр, бииргэ үлэлэһэллэр эбит. Онтон көстөр, ситим салҕанара, эрэдээктэр Сусанна Лукинична уон сэттэ сыл салҕаммыт утумнаах үлэтэ.

Хаһыат хаһаайыстыбатыттан, күннээҕи олоҕор хайдах тэринэн, дьаһанан олороруттан үлэ көдьүүһэ ыкса тутулуктаах. “Хотугу кыым” эрэдээксийэтэ тоҥмуту ириэрэр, аччыктаабыты аһатар саха ыалын сиэринэн олорор. Куукунаҕа куруук итии чэй, сылаас ас баар. Маннык тэрилтэҕэ таһаарыылаах үлэ, иллээх кэлэктиип үөскүүрэ чахчы.

Хомойуох иһин, хаһыат суруналыыһа Иван Старостин эмискэ балыыһаҕа киирэн, эрэдээксийэ үбүлүөйүнэн сэмэй көрсүһүүнү тэрийдэ. Иван үтүөрэн дойдутугар кэллэҕинэ, эһиил тохсунньуга нэһилиэнньэни кытта бэлиэтиир былааннаахтар. Суруналыыстар этэллэринэн, хаһыат биир-икки киһи дуу, тэрилтэ дуу бас билиитэ буолбатах, хаһыат – нэһилиэнньэ киэнэ. Абый олохтоохторун кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһөр, кинилэр санааларын тустаах сиргэ тиэрдэр, буола турар быһыыны-майгыны хайдах баарынан сырдатар аналлаах.

Ааптар: Надежда Самсонова