Сунтаар Тойбохойун оҕо дьиэтигэр «Үтүө Дьыала Харыйатын» акцията буолан ааста

Ахсынньы ый 25 кунугэр С.Г. Кривошапкин аатынан Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин үлэһиттэригэр уонна иитиллээччилэригэр бэлиэ күн буолан ааста.

Биһиги биир дойдуллаахпыт, Бордоҥ нэһилиэгиттэн төруттээх, Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх улэһитэ, «Туймаада» үп- харчы агропромышленнай тэрилтэтин салайааччыта  Петр Ефремов уонна тэрилтэ үлэһиттэрин идэлээхтэр сойуустарын бэрэсэдээтэлэ Олег Марков, суол- иис ырааҕын аахсыбахха, күндү бэлэхтээх тиийэн кэллилэр. Оҕолорго уонна улэһиттэргэ үүнээри турар Байанай сылынан  эҕэрдэлээн үөрүү өрөгөйүн бэлэхтээн бардылар.

Ол курдук, Олег Петрович Тойбохойго үктэнээт, нэһилиэк баһылыгын Иван Попову көрсөн сыллааҕы үлэтин түмүгүн кытта билистэ. Инники өттүгэр туохха ураты болҕомто ууруллуон сөбүгэр санаатын эттэ.

Ол кэнниттэн Олег Марков оҕо дьиэтигэр сылдьан иитиллээччилэр олохторун-дьаһахтарын кытта билистэ. Үлэһиттэри, оҕолору араас  дэлэй бэлэхтэринэн күндүлээтэ.Олег Петрович бэйэтэ да тулаайах хаалан интернакка иитиллибитэ. Сэбиэскэй былаас үтүөтүнэн үрдүк үөрэхтэнэн, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр салайааччы быһыытынан үлэлиир. Уйадыйан туран истин-иһирэх эҕэрдэ тыллары эттэ, үтүө алгыс аргыстаах аҕалбыт кэһиитин туттартаата. Бу бэлэх «Туймаада» үп- харчы агропромышленнай тэрилтэтин  үлэһиттэрин биир күннээх хамнастарын өҥөтүнэн ыллыллыбыт эбит. Оҕолор дьоллонон чаҕылыспыт харахтара уратытык көһүннэ. Намтан төрүттээх 11-с кылаас үөрэнээччитэ Алена Константинова иитиллээччилэр ааттарыттан «Үтүө Дьыала Харыйатын» нөҥүө республикатаа5ы акцияҕа кыттан, дьоһун бэлэх оҥорбуттарыгар махтанна. Инникитин үөрэхпитигэр, общественнай олоххо ситиһиилээх буола улаатыахпыт диэн эрэннэрдэ. Оҕо дьиэтин дириэктэр Станислав Егоров оҕолор сыллаҕы ситиһиилэрин кэпсээтэ, «Туймаада» үп- харчы агропромышленнай тэрилтэ үлэһиттэригэр уонна  Кириэстээхэ СХПК салайааччытыгар Владимир Егоровка дэлэй кэһиилэригэр махтал тылларын эттэ.

Мантан киэһэ Олег Марков нэһилиэк баһылыгын сыллааҕы  отчуотугар сырытта. Олохтоохторго Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарарга анаммыт программатын билиһиннэрдэ. Программаны  хайдах нэһилиэк сайдыытыгар олук уурунарга сүбэ биэрдэ.

Түмүккэ нэһилиэк баһылыга Иван Попов махтал тылларын эттэ:

 “«Туймаада» үп- харчы агропромышленнай тэрилтэтин генеральнай дириэктэригэр, биир дойдулаахпытыгар, СР «Норуот хаьаайыстыбатын Утуолээх улэьитэ» Петр Семеновичка уонна тэрилтэ бары улэһиттэригэр махталбыт муҥура суох! Үтүө санаалаах «ТУЙМААДА» тэрилтэ улэһиттэригэр барыгытыгар доруобуйаны, дьоллоох олоҕу, үлэҕитигэр үрдүк чыпчааллары дабайа сылдьаргытыгар алгыс тылбытын аныыбыт! “ .

 

Ону таһынан, бу акцияҕа кыттыһан Аграрнай партия  Сунтаардааҕы салаатын салайааччыта, СХПК «КРЕСТЯХ» бэрэсэдээтэлэ Владимир Егоров оҕо дьиэтигэр эмиэ бэлэх туттарда.

***

Валерий  Илларионов,

Тойбохой сэл.

Сообщение Сунтаар Тойбохойун оҕо дьиэтигэр «Үтүө Дьыала Харыйатын» акцията буолан ааста появились сначала на Aartyk.ru — Хроника, События и Факты.

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *