Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата Еремей Чиряев Ил Дархан Анал Туһаайыытын ырытарга ыҥырар
Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата Еремей Чиряев Ил Дархан Анал Туһаайыытын ырытарга ыҥырар
Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата Еремей Чиряев Ил Дархан Айсен Николаев этииитин өйүүр. Кини Анал Туһаайыытыгар аан бастаан илин эҥэри, хас да хотугу улуустары хаарыйбыт сааскы халааны бэлиэтээбитин тоһоҕолуур: «В уходящем году Якутия столкнулась с самым разрушительным за последние 18 лет наводнением». Дьокутаат этэринэн, хайа да соруктары чопчулааһын улууспут уратыларын сааһылаан ырытыыттан саҕаланыахтаах.
Сыл бүтүүтэ — түмүктэри таһаарар, инники былааны торумнуур кэм. Бүлүү улууһун биир ытыктанар дьокутаата Еремей Чиряев Ил Дархан Айсен Николаев Анал Туһаайыытын ырытарга уонна ылынарга ыҥырар.
— Сааскы ууттан эмсэҕэлээбиттэр этэҥҥэ кыстыкка киирбиттэрин бэлиэтээн туран, ол биир төрүөтүнэн Арассыыйаттан кэлиэхтээх үп хаһааҥҥытааҕар да эрдэ кэлиитэ ситиһиллибитин санаппыта. Оттон биһиэхэ, бүлүүлэргэ түбүлээбит кыһалҕа ааспыт кэм сорох алҕастарын, өссө да үгүс сыл ыарык буолуохтаах соруктарбытын арыйда курдук.
Олохпут-дьаһахпыт сайдыытын ыаллыы улуустарбытын кытары тэҥниир идэлээхпит. Ити сөп. Ол эрээри көстөн турар уратыларбытын өйдөөһүн, олору табатык сыаналааһын эмиэ баар буолуохтаах. Холобур, сирбит-уоппут уратыта Сунтаары кытары тэҥнээн көрүүгэ дьэҥкэтик көстөр. Сунтаар сыһыыларыгар оттуур, сүөһү мэччитэр сирдэрэ киэҥин билэбит. Оттон биһиэхэ, төттөрүтүн, күөллэрбит ахсааннара элбэҕин таһынан, үгүстэригэр тыатын саҕата эрэ оттоноро, мэччирэҥҥэ туһаныллар кыахтааҕа ахсааҥҥа ылыллыахтаах дии саныыбын. Бу уратыбыт тыа хаһаайыстыбатын тэрээһинигэр, үбүлээһинигэр улахан суолталааҕа өйдөнөр. Ил Дархан үп-харчы эйгэтигэр туттуллар «индикатордар» ис хоһооннорун Москуба үрдүк сололоохторун кытары илдьиритиһэн, ботуччу үбү ситэ ылбакка олорбуппутун быһаарсыбытын үөрэ истибиттээхпин. Ол түгэни Туһаайыытыгар маннык киллэрбит: «Благодаря этому, здравоохранение республики получит в наступающем году на 6,7 млрд. рублей больше, чем в 2018 году».
Алын Бүлүү дэнэр уратыбыт улуус иһинээҕи суолларбыт таһымнарыгар, туруктарыгар дьайыылааҕа көстөр дии саныыбын. Сииктээх сиргэ тутуллар суол хас биирдии биэрэстэтэ ордук үлэлээх буоллаҕа. Онон Айсен Николаев туруорар: «… нужно достичь нового уровня транспортной доступности» — диэн соругар улахан кыһалҕалаах улуус — биһиги. Бу хайысхаҕа биһиги сүрүн сорукпут быһыытынан дойду да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнарынан үлэлиир тустаах бырагырааммаларга киирэн, үп өлүүлэһиитин көрүөхтээхпит. Манна уулуссаларбыт, суолларбыт, нэһилиэктэрбит сирдэрин-уоттарын пааспардааһын таһыма улахан суолталаах.
Ахсынньы саҥатыгар оройуон Сэбиэтин дьокутаата Игорь Григорьев көҕүлээһининэн үөһээ бүлүүлэр бу хайысхаҕа үлэлэрин билсэ бара сылдьыбыппыт. Оройуоннарын киинин уулуссаларын аспааллыылларын билэбит, онон куораппыт дьаһалтатыттан баһылык солбуйааччыта Айталина Иванованы уонна Анатолий Николаевы, Татьяна Сафонованы кытта тиийэн, киһи туһаныах үгүс суоллары истэн-билэн кэлбиппит. Холобур, баара-суоҕа 400-чэ киһи олорор Өргүөтүгэр уулуссалары пааспардааһын түмүгэр Арассыыйа хааһынатыттан биһиги Бүлүүбүт куоратын кытары иэрэ-баара үп сыл аайы кэлэрин, ону туһанан, нэһилиэк сиригэр баар суоллар букатын үрдүк таһымнаммыттарын тус бэйэм алтынньы ыйга көрөн турардаахпын.
Сылларынан аттарыллыбыт чопчу соруктар (кэнсиэпсийэ дэниэн сөп), үлэ хаамыытын барылларын ырытан оҥоруу тэриллиэхтээх, диир дьокутаат. Кини этэринэн, манна бастаан кэлимник көрүү олохтоноро ситиһиллиэхтээх. Уулусса дэнэри нэһилиэк дьаһалтата көрүнүөхтээх, улуус нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы муниципальнай суоллары быһаарыахтаах диэн курдук «полномочие тыырсыыта» сааһыланыахтаах, сатаатар биир сүрүннэниэхтээх.
Айсен Николаев Туһаайыытыгар: тыа сирин сайыннарыы олохтоох бэйэни салайыныыга сүктэриллибит тутаах сорук диэн өйдөбүллээҕин өссө төгүл санатта.
Бу түгэҥҥэ мин хас да сыл Чинэкэтээҕи ПК «саҥа хотонун» тула үөскээбит быһыыны-майгыны, кэпсэтиилэри санаан кэлэбин. 2016 сыл алтынньы 21 күнүнээҕи сиэссийэҕэ анал кэпсэтии буолбуттаах. Тустаах хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Иван Афанасьевич Волков «саҥа хотон» кыһалҕаларын «быһаарар суоллары букатын көрбөтүн» этиммитэ, тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы салалтатыттан, буолаары буолан Чинэкэттэн дьокутаат Константин Дьяконов күттүөннээх этиини эмиэ оҥорботоҕо. Онуоха улууспут баһылыга: «Константин Лукич, анал идэлээх уонна олохтоох киһи быһыытынан, Чинэкэҕэ тахсан, ити хотону тус бэйэҥ илиигэр ыларгын уонна үөскээбит кыһалҕаны быһаараргын кэтэһэбин», – диэн ис хоһоонноох тыл эппиттээх. «Сүөһү ахсаанын энчирэппэт» туһуттан «саҥа хотон ититиллиитигэр» анал үп көрүллүбүтэ. Ол эһиилигэр эмиэ хатыламмыта.
Оттон быйыл хотоммут сабылынна. «Анал идэлээх» дьон төрдүттэн кыаллыбаты көрбүттэрэ эрээри, икки сыл «туһанылынна» диэн отчуоттаммыт үппүт туохха туһалаабытын ким быһаарар? Билигин кэлэн тугу ирдэһиэхпитий?
Айсен Николаев: «Вместе с тем, работа по подготовке нацпроектов в республике высветила глубокую архаичность механизмов управления, привлечения и использования финансовых средств. Многое у нас буквально осталось на уровне начала 2000-х годов», — диэбитэ ити сылдьар буолбатах дуо? Бүлүүлэр үбү туһаныыга сыһыаммыт биир холобурун, бу сэрэдэҕэ үлэлээбит бүддьүөт хамыыһыйатын мунньаҕар тахсыбыт кэпсэтии боротокуолугар ырылыччы көстөр.
Халбаакыттан дьокутаат Василий Мандаров сыл аайы кэриэтэ ууга барар суол кыһалҕатын быһаарыыга үп көрөргө туруоруста. Мунньахха уҥуоргу нэһилиэктэртэн сылдьар дьон тылларынан өйөөтүлэр эрээри, тыл аата тыл эрэ буоллаҕа. Бүтүн аҕыс нэһилиэк биир сомоҕо туруорсуулара тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри кыаллыбата элбэҕи этэр. Онон хайа да түгэҥҥэ бастаан биир кыһалҕалаахтар чопчу сорукка түмсэллэрэ сөп курдук. Бу түгэҥҥэ улуус үпкэ салаатын үлэһиттэрэ «син-биир кыаллыбат, бюджетнай процесс көҥүллээбэт» эҥин диэн этиилэрэ син оруннаах курдук эрээри, Ил Дархан Туһаайыытыгар: «Больше нельзя допускать ситуации, когда при формировании государственного бюджета начинается распределение не полученных, не заработанных доходов», – диэбитэ үгүһү толкуйдатар.
Улууспут тус дохуотугар (собственный доход) дивидиэн кэлэр буолбута хаһыс да сыла. Ахсынньы 29-гар кэлэр 2019 сыллааҕы улуус бүддьүөтэ «иккис ааҕыыга» көрүллүөхтээх. Онно 2019 сылга кэлиэхтээх дохуоту туһаныы барыла диэн баар. Улуус дьаһалтата уонна оройуон Сэбиэтин бүддьүөккэ хамыыһыйата хас эмэ төгүл мунньахтаан баран сөбүлэһиигэ киирбэтэх түгэннэрин табылыыссатыгар (таблица поправок) бу сырыыга күүлэттэр туруорсуулара: «Уһун сэлиэнньэтигэр саҥа оскуола акылаатын түһэриигэ 26 мөл. 553 тыһ. 672 солк. көрөргө» диэн этии киллэрилиннэ. Манна даҕатан хамыыһыйа улахан туруорсуутунан Үгүлээккэ тутуллуохтаах 50 оҕоҕо суоттаммыт оҕо саадын тутуутугар бастакы барылга 8 мөл. 252 тыһ. 092 солк. көрүллүбүтэ 22 мөл. 985 тыһ. 922 солк. тиийэ улаатыннарыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Бу холобурдарынан дьокутааттар улуус дохуота дэнэр үппүтүн туохха уонна хайдах туһанары туруорсалларын ааҕааччы сыаналаан көрөргөр ыҥырабын.
Ааптар: Еремей ЧИРЯЕВ