“Сахаада-спорт” ассоциация 2018 сыл түмүгүнэн спорт национальнай көрүҥнэрин уон бастыҥар “Көмүс мүһэ” бириэмийэни туттарда.
2018 сыл бастыҥ спортсменнарынан Егор Филиппов (сахалыы многоборье), Андрей Васильев (атах оонньуута), Оксана Рожина (сахалыы остуол оонньуулара), Михаил Саввинов (киирэ спорда), Алексей Созонов (хотугу многоборье), Николай Николаев (хапсаҕай) буоллулар;
«Бастыҥ тириэньэр» — Иван Белолюбскай (сахалыы многоборье);
«Бастыҥ судьуйа» — Иван Горохов (сахалыы многоборье);
“Бастыҥ тэрийээччи” — Иннокентий Григорьев, спорт миниистирэ.
«Сыл мецената» — Святослав Габышев (хапсаҕай – өлбүтүн кэннэ);
«Бастыҥ спорт суруналыыһа» — Саина Шеломова («Спорт Якутии» хаһыат кэрэспэдьиэнэ);
«Бастыҥ улуустааҕы федерация» — хапсаҕай Тааттатааҕы федерацията (федерация салайааччыта Прокопий Рахлеев);
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорт национальнай көрүҥнэригэр кылаатын иһин”— Гаврил Евсеев, “Бүлүү улууһа” муниципальнай тэриллии физкультураҕа, спорка управлениетын бэрэссэдээтэлэ.
«Оҕо спордун бастыҥ тэрийээччи» — Петр Илларионов, Мэҥэ Хаҥалас муниципальнай тэриллии оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ.
«Сыл спонсора» — Дмитрий Петров, урбаанньыт, Дьокуускай куорат.
Ассоциация бэрэсидьиэнин Махтал суругунан мас тардыһыы тирэх маһын айан оҥорбут спорт бэтэрээнэ Петр Захаров (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) бэлиэтэннэ.
Роман Попов
Хаарстыска Интэриниэттэн ылылынна.