Хара харахтар (кэпсээн)
Лидалаах Алеша маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэнэллэр. Лида уһун курбуу, ис киирбэх, киһи эрэ таптыы көрүөх кыыһа. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэлэр, ийэлээх аҕата коллективнай табаарыстыбаҕа үлэлииллэр. Ийэтэ нэһилиэк бастыҥ ыанньыксыта, аҕата тарбахха баттанар үлэһит — водовоз суоппара. Лида ыал улахан оҕото буолан боччумнаах, сүрдээх бүгүрү, тугу барытын сатыыр, кылааһыгар биир бас-көс киһилэрэ, кини тылын бары ылыналлар. Үөрэҕэр үчүгэй, улууска ыытыллар олимпиадаларга биологияҕа, экологияҕа куруутун иккис миэстэттэн түспэт, ырыаһыт, үҥкүүһүт.
Оттон Алеша ыал кыра оҕото, бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Ийэтэ участковай балыыһаҕа сиэстэрэ, аҕата – тракторист. Иккиэн да нэһилиэккэ сирдэрбэт үлэһит дьон. Алеша үөрэҕэр орто, мөлтөөн аллараа да куугунаабат, үчүгэй буолан өрө көтөн да тахсыбат. Үөрэммитин тухары олимпиадаларга кыттыбыта суох, хата ол оннугар спортивнай күрэхтэһиилэргэ тэҥнээҕин булбат, оскуолаҕа да, улууска да ыытыллар баскетболга, волейболга, чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиилэр кинитэ суох ыытыллыбаттар. Тас көрүҥүнэн да кыргыттарга сирдэрбэт, хайа эрэ төрдүгэр бааһынай хаана баар буолан чоҕулуччу көрөн, кыыс аймах кутун тутар.
Ахсыс кылаастан ыла Лиданы сөбүлүүр да, кыыс чугаһаппат. Бииргэ үөрэнэр табаарыһын эрэ курдук көрөн кэбиһэр. Ол иһин кылааһын уолаттара уолу күлүү-элэк гынан, хаадьылаан: —Алеша, уруогу истибэккэ эмиэ Лиданы өрө мыҥаан олордуҥ дуу? Лида саҥарыа эрэ кэрэх сүүрбүтүнэн бараҕын, уол оҕо гонордаах буолуохтаах. Кини эйигин кыра оҕо курдук көрөр. Улахан уолаттары кытта табаарыстаһарын көрбөккүн дуо? – дииллэр да, хайыай, өйдөөбүтүн иһин, сүрэх билиниэн баҕарбат. “Таптыыртан харах, ыалдьартан илии арахпат” диэн өбүгэлэрбит өс хоһоонноругар сөпкө да этэллэр. Алеша үөрэҕин кэнниттэн, Лида сылдьар куруһуогар, секциятыгар хайаан да элиэтээн, кыыһы көрөн хараҕын сымнатан ааһар. Оттон биэчэрдэргэ, бырааһынньыктарга мааны көстүүмүн кэтэн спортивнай саала эркинигэр өйөнөн киэһэни бүтэрэр. Кини аттынан Лида тырымнаан, ис-иһиттэн үөрэн мичилийэн оскуоланы бүтэрбит уолаттары кытары вальстаан эргичийэрин эбэтэр танго музыкатыгар уйдаран үҥкүүлүү сылдьарын көрдөҕүнэ төһө да харааһыннар, доҕотторун кытта хаадьылаһа туран, кыыстан хараҕын араарбакка одуулаһар. Субуоталарга, үҥкүү буолар киэһэтигэр, бэл кыра кылаас кыргыттара бэйэтэ да кыһалҕаҕа ыллара сылдьар киһини суустууллар:
—Алеша, бүгүн оскуола муостата дьигиһийэр, сыбаҕа тохтор таансыта буолар. Хайаан да кэлээр, эркини өйөөтөххүнэ табыллар. Сууллан иэдээн буолуо.
Үҥкүү кэнниттэн Алеша табаарыстарын кытта дьиэтигэр бэйэтэ сукуҥнуур. Лиданы улахан уолаттар күө-дьаа буолан, дьиэтигэр тиэрдэн биэрэллэр. Ол эрээри кыыс анаан биир да уоллуун доҕордоһо илик. Барыларын кытта атас-доҕор буолан оонньоһор, күлэр-салар. Лида уол сөбүлүүрүн билэр, ону туһанар, ол иһин кыргыттар саҥараллар да, истибэт:
—Туох буолуой, бэйэтигэр үчүгэй, үлэттэн куһаҕан буолбут суох. Хата сүрдээх бүгүрү дьиэ кэргэн баһылыга буолуоҕа. Кэлин, баҕар, бииргит эмэ кэргэн таҕыстаҕына, миэхэ махтаныаххыт, — диэн сэмэлээбити саҥарбатах оҥорон кэбиһэр.
Кыыһы бэйэтин сүрэҕэ суох диир табыллыбат: дьиэтин-уотун бэйэтэ тутан олорорун бэркэ билэллэр.
Былырыыҥҥыттан Лидалаах Алеша араспаанньаларын инники буукубата биир буолан, кылаастарын бииргэ сууйаллар. Ол үлэни уол саҥата суох бэйэтэ толорор. Биирдэ эмэ кыыс кэлэн паарта, түннүк быылын соттоҕуна, дуоскатын сууйдаҕына уол үөрэр. Алеша санаатын түһэрбэт, куруутун хара харахтарынан Лиданы батыһа имэрийэ, сөбүлүү одуулуурун уураппат. Кинилэр сыһыаннарын бэл үөрэтэр учууталлара билэллэр, уолу аһыналлар. Переменаҕа, сынньана таарыйа, сороҕор маннык да кэпсэтиилэр тахсыталыыллар:
—Алеша ситтэҕинэ-хоттоҕуна, уол да уол буолара буолуо, кыһамньылаах, үлэһит бэрдэ, хайаан да киһи буолуоҕа. Кэлин Лидабыт ытыыр эрэ хайыыр. Дьэ, көрөн иһиэхпит…
Күүтүүлээх Саҥа дьыл чугаһаата. Оҕолор чиэппэр бүтүүтэ үөрэхтэригэр кыһаллыы бөҕө, зачет туттараары учууталларын эккирэтэ сылдьаллар, онно эбии кылаастарынан хостору киэргэтии, маскараат оҥостуу, хаһыат таһаарыыта – күн иллэҥэ суохтар. Оскуола олоҕо биир кэм оргуйан олорор.
Саҥа дьыл киэһэ оҕолор бары киэргэнэн кэлбиттэр.Кыргыттар ким хайдах таҥныбытын, оҥостубутун одуулаһан харахтара чаҕылыҥнас. Уон биирис кылаас кыргыттара баттахтарын араастаан оҥостуммуттар, үрдүк хобулуктаах түүппүлэ кэппиттэр. Кылаастарын уолаттарыгар кыһамматтар, улахан уолаттартан ким кэлбитин-кэлбэтэҕин сураһаллар, долгуйаллар, иэдэстэрэ тэтэрэ кыыспыт. Лида кыргыттарыттан барыларыттан ордук. Сырдык, маҥан бэйэтигэр олус барар былааччыйалаах, күөкэгэр моонньугар сип-синньигэс көмүс сыапачыка иилиммитэ кылабачыйан көстөр. Хара долгуннурар баттаҕын олус чочуонайдык оҥостуммут. Кыргыттар ордугургуу, уолаттар сөбүлүү көрөллөрүн бэйэтэ да билэр.
Быйыл оскуоланы бүтэрэр оҕолор бүтэһик Саҥа дьыллара буолан түбүктэрэ-садьыктара элбэх: харыйаны, сааланы кинилэр киэргэттилэр. Саҥа дьыллааҕы постановканы учууталларын көмөтүнэн эмиэ кинилэр туруордулар. Онон сүүрүү-көтүү бөҕө. Дед Мороз оҕонньор Хаарчаанатынаан киирбитигэр биирдэ “һуу” гыннылар. Үлэлэммит үлэ хайдах түмүгэ суох хаалыай? Маскараакка, хаһыакка, сааланы киэргэтиигэ бастакы миэстэни ыланнар, үс тордунан наҕараадаланан уруй-айхал бөҕө буоллулар. Онно эбии үчүгэйдик үөрэнэр үөрэнээччилэрэ, бастык общественниктара, спортсменнара бириис, бэлэх бөҕөнү ылан үөрүү-көтүү үксээтэ.
Кылаас салайааччытын Луиза Ивановнаны ыҥыран, кылаастарыгар тоҕо сууллан киирэн аһааһын буолла. Арай Лида уку-суку соҕус, уруккутунуу наһаа мичилийэ үөрбэт, оҕолор үөрүүлэригэр-көтүүлэригэр оҥоро сатаан күлэр-салар. Тугу эрэ суохтуур курдук да, туга итэҕэһин бэйэтэ да өйдөөбөт.
Биир чааска шоу-программа ыытар бириэмэлэрэ ыган кэлбитигэр, Лида ыллыыр да, үҥкүүлүүр да буолан, дьүөгэтиниин Ирочкалыын иккис мэндиэмэнтэн аллараа түһэн истэҕинэ, оҕо эрдэҕиттэн табаарыһа, дэриэбинэ саамай кыраһыабай уола, армияттан саҥа кэлбит Дима күөйэ түстэ. Сабыс-саҥа байыаннай формалаах, чырбалдьыйан уол да уол.
—Лидочка, Саҥа дьылынан! Тупсубуккун даҕаны. Үүммүт дьыл бастакы вальсын миэхэ бэлэхтиир инигин? – диэт кыыһы өйдөтөр бокуойа суох, саалаҕа киллэрэн эргитэн кулахачыппытынан барда. Ким да үҥкүүлүү илик эбит, дьон хараҕа барыта кинилэргэ туһаайылынна. Кыыс уолаттар үмүөрүһэн турар сирдэригэр эргийэн ааһарыгар кими эрэ көрдүүр курдук кэрийэ көрөн ааһар. Дима кэпсиирин ис хоһоонун ситэ өйдөөбөтөр да, кэҕиҥниир. Уолга мичээрдээн көрөр да, курус санааҕа эбии куустаран иһэргэ дылы.
Шоу-программа саҕаланан, бииртэн-биир үчүгэй ньүөмэр толоруллан, саала ытыс тыаһынан ньиргийэ олордо. Лида саамай ыарахан “Кыталык үҥкүүтэ” үҥкүүгэ тахсаары туран, Алеша табаарыстара Юркалаах Мичил кэпсэтэллэрин истэн аһарда:
—Алеша кэлбэтэ дии. Эбэлэрэ балыыһаҕа киирэн, онно дьуһуурунайдыыллар үһү. Онон дьиэтин котельнайын харабыллаан олорор, хойутаан да кэлиэм диэбитэ.
Кыыс итини истээт, сэргэхсийэ түстэ. Кини Алеша чоҕулуспут хара харахтарын суохтаабытын чуолкай өйдөөтө. Итинтэн эмиэ да соһуйа, эмиэ да үөрэ санаата. Кылаас оҕолоруттан мин эрэ кини кыһалҕатын истибэтэхпин диэн иһигэр хомойо санаатар да, уку-суку сылдьыбыта мэлийэн, ис-иһиттэн доҕорун суохтаабыт кыталык үҥкүүтүн толорон, саала ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Кыргыттара сүүрэн кэлэн кууһан ыллылар.
Шоу-программа оһуохайынан түмүктэннэ. Дималаах Лида сэргэстэстилэр, иккис эргииргэ кинилэри быһан, кытаанах илии кыыс илиитин нарыннык имэрийэ ытыһын иһигэр туппутугар Лида өрө көрө түспүтэ, хара чоҕулуспут харахтар мичээрдии көрдүлэр. Бу хара харахтарга хаһан да эппиэттээбэтэҕин эппиэттээн, кыыс үөрэн сандаарыс гынаат, уол илиитин сэмэйдик ыга тутта…
Татьяна НАХОДКИНА
“Сасыһа оонньуур эдэр саас” кинигэттэн ылылынна
Хаартыскалар, уруһуйдар: интэриниэттэн