ТОХСУННЬУ – ТАҤХА ЫЙА

Тохсунньуну от ыйа батыһар – тибии типтэҕинэ, от ыйыгар улаханнык сөрүүдү-йэн ылар, кыраһа элбэхтик түстэҕинэ, өҥ дьылы күү¬тэллэр. Ый тоҕус күнүгэр Ый уонна Үргэл алтыһыыта буолар. Тохсунньу түүнэ уһун, күнүһэ кылгас.

edersaas.ru


Бу ый ТАҤХА ыйынан бэлиэтэнэр. Тохсунньу 7-18-гар диэри ойбонтон сүллүүкүттэр орто дойдуга тахсаллар. Ол иһин, бу кэмҥэ дьон-сэргэ олохторун инники өттүн билээри таҥхаланан-билгэлэнэн хаалаллар. Сэттээх-сэлээннээх диэн тохсунньуга кэргэн кэпсэппэттэр, уруу, малааһын тэрийбэттэр.

ОРОҺУОСПА – тохсунньу 7 күнэ. Алаадьы буһараллар, сыалаах эт сииллэр. Таҥараны ытыктыылларын бэлиэтигэр ыраас ырбаахы кэтэллэр. Ороһуоспаттан Кириһиэнньэҕэ диэри аньыырҕаан булка сылдьыбаттар.

БАҺЫЛАЙАП (Эргэ Саҥа дьыл) – тохсунньу 14 күнэ. Таҥха – сүллүүкүттэр тахсаллар. Баһылайап чэчиэринньигэр сүллүүкүттэр оҕолуун¬уруулуун бары көһөн тахсаллар. Ити күн таҥха таһырдьа иһиллэммэт, арай киэһэ дьиэ иһигэр таас тардаллар. Дьиҥ таҥха Баһылайа тустаах күнүгэр оонньонор.

КИРИҺИЭННЬЭ – тохсунньу 19 күнэ. Саха саныырынан, Кириһиэнньэ сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр. Ол иһин, ыаллар эрдэ туран, сүөһү уулуур ойбонун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэр. Бу күн уу сибэтиэй ыраастыыр күүстэнэр.

СҮРЭХТЭЭЧЧИ УЙБААН аата – тохсунньу 20 күнэ. Таҥара күлүгүн сууйаллар уонна ол сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллар, арчылыыллар.

БАСТАКЫ ОХОНООҺОЙОП – тохсунньу 31 күнэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Розалия Бравина, Афанасий Федоров үлэлэриттэн.

 

 

2
0