Саҥа Дьыл иннинэ Дьокуускайга аан дойду классическай муусукатын биһигэ —Австрия Венатааҕы консерваториятын магистрана, пианистка Джулия Слепцова кэлэн ыалдьыттаата, чаҕылхай талаанынан биир дойдулаахтарыгар үрдүк кэрэ түгэннэри бэлэхтээтэ.
Аан бастаан Джулия, биллэн турар, олус күндүтүк саныыр үөрэммит кыһатыгар – В.А.Босиков аатынан Муусука Үрдүкү оскуолатыгар тиийэн учууталларын көрүстэ. Манна кини сольнай кэнсиэрэ буолла. Оттон үөрэнээччилэр –эдэркээн пианистар Джулия Слепцова маастар-кылааһыгар сылдьар, үөрэнэр дьоллоннулар.
Джулия ытыктыыр преподавателлэринээн бэйэтин үөрүүтүн биир бастакынан үллэһиннэ – улахан куонкуруһу ааһан, кини саҥа үүммүт 2019 сыл сааһыгар, муус устар 11 күнүгэр, “Музикферайн” — Австрия аатырбыт мусукаалынай Көмүс саалатыгар кэнсиэртиир буолбут! Манна аан дойду ааттаах-суоллаах мусукааннара оонньообуттара, оонньууллар. Онон, ыраах Саха сириттэн сылдьар эдэр мусукааҥҥа, чахчы, улахан чиэс уонна соччонон үрдүк эппиэтинэс сүктэрилиннэ.
Джулия сольнай кэнсиэрин бырагырааматыгар улуу нуучча композитордарын Петр Чайковскай, Сергей Рахманинов, Модест Мусоргскай айымньылара киирбиттэр.
—Бу, чахчы даҕаны, историяҕа киирэр сабыытыйа! Санаан көрүҥ — саха толорор ускуустубата аан дойду таһымыгар тахсар, аан дойду бастыҥ мусукаалынай саалаларын баһылыыр.., — диэн, ахсынньы 25 күнүгэр Саха тыйаатырыгар буолбут көрсүһүүгэ дириэктэр, саха норуодунай артыыһа Анатолий Николаев, айар куттаах киһи, долгуйа-үөрбүтүн кистээбэтэ.
Аан дойду таһымнаах пианистка, саха кыыһа Джулия Слепцова Саха тыйаатырыгар, композитор Петр Ильич Чайковскай, Большая соната соль мажор чаҕылхайдык толордо. Джулия фортепианоҕа оонньуурун “Саха” НКИХ оператора уһулла. Мусукаан суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата. Онон, ыраах кыраныысса таһыгар саха омук аатын-суолун аатырда сылдьар биир чулуу ыччаппыт дьон-сэргэ киэҥ билиитигэр тахсыа диэн эрэнэбит.
Көрсүһүүгэ саха бэчээтин бэтэрээнэ, биллиилээх суруналыыс Николай Крылов кэргэниниин Анна Семеновналыын бааллар. Кинилэр талааннаах эдэр биир дойдулаахтарын мэлдьи өйүүллэр. Николай Александрович көх-нэм буолан, тэрийээччилэр кыһамньыларынан, бу күн күнүс Джулия Слепцова култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприяновтыын көрсөн, үөрэҕин, инники былааннарын билиһиннэрдэ уонна муус устарга Вена бастыҥ саалатыгар буолар сольнай кэнсиэригэр ыҥырыытын туттарда.
Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ кыттар чиэстэммит, Вена консерваториятын бүтэрээччилэртэн бастыҥнара буолбут саха кыыһа Джулия Слепцова Саха сирин Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалбыт кыысчааны эбээтэ Александра Ильинична Слепцова ииппитэ, киһи-хара оҥорбута. Хомойуох иһин, эбээтэ билигин инсуллаан, ыалдьан олорор… Чуолаан кини аҕыс саастаах Джулияны Бүлүүтээҕи Марк Жирков аатынан Оҕо мусукаалынай оскуолатыгар сиэтэн аҕалбыта. Кыысчаан муусука кэрэ эйэгэтигэр киирэригэр бастакы учууталынан Наталья Андреевна Крюкова буолбута. Онтон, ураты талааннааҕын билэннэр, Джулияны Бүлүүттэн салгыы Дьокуускайга, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Муусука Үрдүкү оскуолатыгар (доцент Альбина Герасимова кылааһа) үөрэххэ ыыппыттыра.
—Мин муусуканан олоҕум устата дьарыктанабын. Олус сөбүлүүбүн. Бүгүн, бу түгэнинэн туһанан, Бүлүүгэ оҕо эрдэхпиттэн үөрэппит учууталбар Наталья Андреевнаҕа, Муусука Үрдүкү оскуолатын кэлэктиибигэр, преподавательбэр Альбина Ильиничнаҕа, ректорбар Вера Семеновнаҕа, учууталларбар бука барыларыгар дириҥ махталбын биллэрэбин. Мин кинилэри олус ытыктыыбын, муусукаҕа үөрэтии-иитии айымньылаах үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Истиҥник махтанабын тапталлаах эбээбэр Александра Ильиничнаҕа, бу мин кылаабынай киһим! Махтанабын аймах-билэ дьоммор, биир дойдулаахтарбар, көмөлөһөр, өйүүр дьоммор бука барыларыгар. Билигин туох баар күүспүн ууран, Венаҕа Музикферайн муус устарга буолар кэнсиэрбэр бэлэмнэнэ сылдьабын. Бу миэхэ улахан бырааһынньык уонна сүдү эппиэтинэс, — диир мусукаан.
Джулия эбээтиниин Александра Ильиничналыын.
Джулия төрөөбүт Сахатын сирин олохтоохторун, биир дойдулаахтарын Саҥа үүммүт 2019 сылынан, Ороһооспонон уонна Тыйаатыр сылынан уу сахалыы тылынан эҕэрдэлээн туран, Сир үрдүгэр туох баар үтүөнү, кэрэни, кэскиллээҕи баҕарда.
— Джулияҕа мин духуобунай аймах буолабын диэхпин сөп. Эбээтэ Александра Ильинична мусукаалынай оскуолаҕа сиэтэн аҕалбытын өйдүүбүн. Бу оскуолаҕа Джулия ийэтэ Нина эмиэ үөрэммитэ, муусукаҕа бэрт дьоҕурдаах этэ. Үчүгэй учууталларга түбэһии – дьол. Гнесиннэр ааттарынан Арассыыйатааҕы Муусука академиятыгар Джулияны Виктор Мержанов диэн улахан талааннаах педагог үөрэппитэ, онтон Москватааҕы П.И. Чайковскай аатынан консерсаторияҕа, билигин Венатааҕы консерваторияҕа – преподавателлэрэ бары олус кыһамньылаахтар, үрдүк профессионаллар. Кыыс дойдутугар кэлэн үлэлиэн баҕалаах быһыылаах. Оттон мин тус санаабар, кини Венаҕа, бу, аан дойду муусукаҕа сүгүрүйээччилэрэ бука бары дьулуһар киин сирдэригэр үлэлиирэ, Сахабыт сирин ааттата, үүнэ-сайда турара наада. Вена — аан дойду дьоно барыта муусука истэ тиийэр куората буоллаҕа!
Джулия ньиэмэс тылынан үөрэнэр, хас да омук тылын билэр. Абсолютнай мусукаалынай сулуухтаах, талааннаах. Бэйэтэ муусука суруйар, импровизациялыыр. Олус үлэһит, сыалын-соругун сатаан туруорунар уонна олоххо киллэрэр дьулуурдаах, дьүккүөрдээх. Бөлүһүөктүү өйдөөх-санаалаах кыыс. Барытын ситиһиэ диэн эрэнэбин. Ол эрээри, ханнык даҕаны кэрэ сибэкки, ураты болҕомтоҕо ылан, кыһанан көрдөххө-иһиттэххэ өссө эбии тупсан, ситэн-силигилээн, чэчирээн тахсарын курдук, биһиги Джулиябытыгар өрөспүүбүлүкэбититтэн, дьоммутуттан-сэргэбититтэн бары өттүнэн истиҥ көмө, өйөбүл олус наада, — диэн саамай сөпкө бэлиэтээтэ Джулия биир дойдулааҕа, психологическай наука кандидата, доцент Антонина Михалева.
Муусука куората Вена, Венатааҕы симфоническай оркестр. Музикферайн Көмүс саалата… Этэллэр: “Манна, оннооҕор үйэҕэр биирдэ кэнсиэргэ сылдьыбыт буоллаххына – эн дьоллоох киһигин”.
Татьяна Маркова.
.