Экстремал-спортсмен Молдоваттан Өймөкөөҥҥө Гиннес рекордун олохтуу кэллэ

Бу күннэргэ Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө Кириһиэнньэ тымныыта ордук сатыылаан турар кэмэ. Онон араас рекорду олохтооччулар саамай хамнанар, «түһүнэр» кэмнэрэ.

edersaas.ru

Ол курдук, бу күннэргэ Молдова Өрөспүүбүлүкэтиттэн  ультрамарафонец Дмитрий Волошин  Өймөкөөҥҥө анаан кэлэн,  Арассыыйаҕа Гиннес рекордун олохтуу кэллэ. Бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, сарсыарда 5 ч. күнүс 12 ч. диэри -50С тымныыга 42 км 195 м сүүрэн,   Гиннес рекордун олохтуохтааҕа. Ол эрээри ону тохтотто. Тоҕотун быһаарыам иннинэ, бастаан экстремал-сүүрүгү кытта билсиэххэ.

Дмитрий Волошин диэн кимий?

Молдова Кишинев куоратын олохтооҕо, фридайвинг (уу аннынан тыыммакка устуу)  көрүҥэр спорт маастара,  ультрамарафонец (үгэс быһыытынан ыытыллар 42 км 195 м дистанцияны куоһарар ырааҕы сүүрэр спортсмен), Sporter уопсастыбаннай спортивнай уопсастыба бэрэсидьиэнэ. 50-тан тахса Comrades, Marathon Des Sables, North Pole Marathon, Ironman, OtillO, Strait of Gibraltar, OceanMan курдук аан дойдутааҕы таһымнаах аатырбыт спортивнай күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт экстремальнай усулуобуйаҕа сүүрэр марафонец-сүүрүүк. Тымныы муустаах ууну кытта сибээстээх Tough Guy диэн аатырбыт уустук сорудахтардаах күрэхтэһии кыттыылааҕа.

4810 м үрдүктээх   Монблан уонна 5642 м үрдүктээх Эльбрус хайаларга тахса сылдьыбыт уопуттаах спортсмен.   Молдова Өрөспүүбүлүкэтин триатлоҥҥа ( харбааһын, бэлэсипиэтинэн сүүрдүү уонна сүүрүү) федерациятын бэрэсидьиэнэ.

Өймөкөөнү Молдавия экстремал-сүүрүүгэ тоҕо булла?

Улахан таһымнаах спортсмен диэх курдук, тиийбит сиригэр суруналыыстарга таба тайаннахха сатанарын бэркэ билэр киһи быһыытынан, олохтоохтортон ыйдараат, тута миэхэ тахсыбыта. Былырыыҥҥыттан  үлэҕэ киллэрбит Томтор ыччата Иван Заболоцкай толору хааччыллыылаах гостиницатыгар ааттаах-суоллаах туристар кэлэн түһэр буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Иван интэриэһиргээбит туристарын миэхэ «анньан» биэрэрэ үгэскэ кубулуйан эрэрэ хайҕаллаах суол. Кини Дмитрий Волошины биһиккини ситимнээн, аатырбыт экстремал-спортсмен тоҕо Өймөкөөнү булбутун туһунан кэпсээтэ.

Дмитрий Волошин Тымныы полюһугар сүүрээри сыл аҥаара бэлэмнэммит. Экстремал-спортсмены Дьокуускай куораттан сүүрүүгэ Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах суудьуйа Василий Алексеев арыаллыыр. Дмитрий Волошин хас биирдии күрэхтэһиигэ кыттыытын устан, хаартыскаҕа түһэрэн бэйэтин блогар үйэтитэн иһэр эбит. Онтон сэһэргэһээччим: «Мин олоҕум устата экстремальнай  хайысхалаах күрэхтэһиилэргэ кыттыым — Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө кэлэн сүүрүүбэр бэлэмнэнии эбит. Тоҕо маннык  санааҕа кэлбиппин эн интернеттэн www. fasebook.com/revoloshin уонна  vimeo. com/ voloshin саайтпын киирэн аахтаххына өйдүөҥ», — диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

Интернети хасыһан билистэххэ…

Иһиттим-истибэтим диэт, Дмитрий Волошин диэн туох киһи эбитин билээри интернети хасыһан баран, соһуйан уҥа сыстым. Дьэ, кырдьык да, киһини соһутар кыахтаах спортсмен кэлбит эбит! Бу тулуурун, дьулуурун, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэрин көр. Ону ааҕа-ааҕа киһи сөҕөр эрэ. Аны суруйааччы бэрдэ эбит. Кини хас биирдии күрэхтэһиитигэр киһи тэҥҥэ сүүрэ сылдьар курдук турукка киирэҕин. Онон Өймөкөөҥҥө сүүрүүтэ бестселлер буолан тахсарын эмиэ кэтэһэр буоллахпыт…

Сахара кумах куйаарыгар сүүрүү

Мин спортсмен 50-тан тахса күрэхтэһиититтэн 250 км сиргэ Сахара кумах куйаарыгар сүүрбүтүн суруйуутун анаан аахтым. Киһи тулуйбат куйааһыгар хайдах сүүрэр эбитин билээри. Көлөһүн алла-алла, тыына хаайтара-хаайтара  экстремал-спортсмен хайдах сүүрбүтүн кэпсиирэ, дьэ, дьикти!

Бу хаартыскаҕа кини хайдахтаах курдук уу чаккырас буолан сүүрэн иһэрий? Уу ыһыллан иһэрин өйдөөн көрүҥ эрэ.

Севернай полюска кыайыы амтанын билии

Муус устар 16 күнүгэр Дмитрий Волошин аны  Севернай полюска тиийэн сүүрбүт. Улахан марафоҥҥа сүүрэргэ уопуттаах киһи буолан, сүүрүүнү бастаан олох чэпчэкитик ылыммыт. «Кэннибэр күрэстэһээччилэрим суохтарын кэриэтэ. Арай биир киһи анньыһан иһэр да, ыраах. -27°C кыраадыс эрэ тымныы. Ол эрээри тыаллаах буолан, -35°C кыраадыска тэҥнээх. Кэннибин хайыһарбын сөбүлээбэппин. Күрэстэһээччилэр куттанар, ол иһин сэрэхэчийэр диэхтэрин сөп. Ол эн кыаххын сыппатар. Ол эрээри кэннибин хайыстым — икки киһи тилэх баттаһан иһэллэр да ыраахтар. Чэ, ити дьон ситэн кэллэхтэринэ да, үһүс миэстэттэн түспэт эбиппин, дии саныы истим. Финиш чугаһаата. Арай кэннибэр киһи тыынара бу кэллэ. Мин олох эһинним. Тыын быһаҕаһынан сүүрэ сатыыр курдукпун. Ыксаан, күүс эбээрэй диэн  Молдовам былааҕын бүрүннүм. Финиш бу кэллэ да, сэниэм эстэн, тыыннаах хаалбыт киһи эрэ диэн санааҕа ыллардым. Ити курдук төрөөбүт дойдум былааҕын бүрүммүтүнэн фиништээтим.

Кэнники кэлбит киһим, кыһыылаах баҕайытык миигин 8 эрэ сөкүүндэнэн баһыйбыт. Ити курдук 2-c миэстэҕэ тиксэн хааллым. Тугу да өйдөөбөт турукка киирбит киһи түлүк-балык өйдүүрбэр — арай миэхэ мэтээл иилэн эрэллэр эбит!», — диэн бэйэтин саайтыгар суруйар Дмитрий Волошин.

Дьэ, онон кумах куйаарга көлөһүнүн уута саккыраабыт эбит буоллаҕына, ааҕааччым, бу хаартыскаҕа Севернай Полюска экстремал-спортсмен сирэйэ мууһунан бүрүллүбүт хаартыскатын көрөҕүн.

Кытаанах усулуобуйаҕа сүүрбүт бэлиэтэ — Дмитрий Волошиҥҥа «Севернай Полюска сылдьыбытын туһунан» сертификата буолар.

Аатырбыт спортсмен — үтүө санаа посола

Экстремал-спортсмен Дмитрий Волошин  Тымныы полюһугар сүүрүүтүн ДЦП ыарыылаах Кишинев куорат кырачаан олохтооҕо Ева Письменюк эмтэниитигэр аныыр эбит. Ол эбэтэр спортсмен Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө сүүрэн, аһымал аахсыйа ыытар. Кырачаан кыыс ыарыытыгар болҕомто туһаайыллан, үтүө санаалаах дьон көмө оҥороллоругар эрэнэр эбит.  Аһымал бырайыага Unfrozen диэн ааттаах. Спортсмен бэйэтэ остуоруйа суруйбут Ева кыыһы үтүөрдээри аһыныгас сүрэхтээх сүүрүүк Улуу Тойон диэн тымныы хаһаайынын дойдутугар Өймөкөөҥҥө тиийиэхтээх. Бу Улуу Тойон дойдутугар киһи бөҕө тиийэ сатыыр эбит да, тоҥон хамсаабат буолан, аара хайа буолан хаалаллар эбит. «Суох, мин хаамыам суоҕа, сүүрүөм. Оччоҕо итийэн, Улуу Тойоҥҥо бэриниэм суоҕа уонна кини тымныы саарыстыбатыгар Өймөкөөҥҥө хайаан да тиийэм «, — диэн ааптар Дмитрий Волошин остуоруйа бастакы чааһын бүтэрэр.

Дмитрий Волошин ахсынньы 16 күнүгэр Maratonul de Craciun көстүүмнээх сүүрүү аахсыйатын оҥорбут. Онно аһымал пуонданан киирбит үбү Письменюктар дьиэ кэргэннэригэр  кыыстарын эмтэтэллэригэр ыыппыт.  Онон Өймөкөөҥҥө сүүрүүгэ киирбит үбүлээһин эмиэ оҕо эмтэниитигэр барыахтаах. Биирдиилээн да дьон оҕо кыһалҕатын болҕомтоҕо ылан көмөлөһөллөр эбит.

Өймөкөөҥҥө сүүрүүгэ бэлэмнэнии

Молдова марафонеһа Дмитрий Волошинтан Тымныы Полюһугар Өймөкөөҥҥө сүүрэ баран эрэрин истэн, «МИР 24» телеканал анаан интевью ылбыт. Онно кини: «Былырыын муус устарга Севернай полюска сүүрэн баран, тымныыга сүүрэрбин олус интэриэһиргээбитим. Оччолорго отучча кыраадыс тымныыга киһи сүүрүөн сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Быраастар 20 кыраадыс тымныыттан сүүрэрдээҕэр буолуох, түргэнник хаамары боболлор. Мин отуттан тахса кыраадыс тымныыга сүүрэргэ сананан, интернеккэ көрдөөн, Өймөкөөнү булбутум. Миэхэ Тымныы полюһунан аатырар оройуон тымныыта саамай сөп — 50- 60 кыраадыс табыгастаах эбит. Аэропортан массыынаныынан холкутук Өймөкөөҥҥө тиийиэххэ сөп. Томтортон Өймөкөөҥҥө диэри 40-тан тахса км. Марафонскай сүүрүүгэ сөп түбэһэр трасса. Суол устун сүүрүөм«, — диэн санаатын үллэстибит. Кишиневка Дмитрий Волошин -100 кыраадыска тиийэр барокамераҕа эмчит кэтэбилигэр киирэн, -50С тымныыга этин үөрэппит. Онон бэлэмэ диэн сүрдээх!

Өймөкөөҥҥө сүүрүүтүн экстремал-сүүрүүк тоҕо тохтотто?

Дьэ, аны маарыын саҕалаабыппын ситэриим. Этиллибитин курдук, сарсыарда 5 чааска туран экстремал-спортсмен сүүрүүтүн саҕалаабыт.

Ол эрээри 10 км сүүрээт, тохтуурга күһэллибит. Тоҕо?

Мин Өймөкөөҥҥө -60С кыраадыс тымныыга сүүрээри кэлбитим. Аара термометрым -48 кыраадыһы көрдөрбүтэ.

Ол аата Гиннес рекорда олохтоммот буоллаҕа. Ол иһин сүүрүүбүн тохтотон, -60С кыраадыһы кэтэһиэм, — диэн бэлиэтиир Дмитрий Волошин. Онон Өймөкөөҥҥө -48 кыраадыс «сылыйан», рекорд олохтооччу былаанын уларытта. Кырдьык, Кириһиэнньэ тымныылара син биир кэлиэхтэрэ. Былырыын баччаларга -65C кыраадыс тымныйбыта.

Спортсмен 10 км сүүрээри туохха болҕомтотун уурда?

Экстремал-сүүрүүк хас да өрүккэ болҕомтотун уурбут. Мин кини кэпсээниттэн ону холобурдуубун:

  •  Аттыбар чугас массыына арыаллыыра хайаан да наада эбит. Таҥас уларыттарга, аһыырга, видеоҕа устарга, хаартыскаҕа түһэрэргэ. Миигин тохтуу-тохтуу дьонум ситэн кэлэллэр. Кинилэи күүтэргэ бириэмэ да барар, киһи тоҥор да.
  • Тыынарга наһаа ыарахан. Киһи тыына хаайтарар. Илиим тоҥно аҕай.
  • Мааскалаах, ачыкылаах сүүрэр олох наадата суох эбит. Тыынарбар ачыкым тоҥон, мууһуран хаалта. Мааскаттан сирэйиҥ ордук хаарынан-мууһунан бүрүллэр.
  • Саамай тоҥор эттик — сирэй эбит. Субу-субу имэринэ иһэҕин.
  • Атахпар «обогревателлээх» сүүрбүтүм туһалаата. Онтон атын кэһэйиэ эбиппин.             —  Чэ, сити курдук, ити эппиппин учуоттаатахха — киһи холкутук сүүрүүһү. Онон 10 км сүүрбүтүм — бэлэмнэнии курдук буолла. Суудьуйа хас биирдии хамнаныыбын уста, бириэмэбин ааҕа-суоттуу иһэр. Онон  тэрээһиҥҥэ эппиэттээхтик сыһыаннаһабын, — диэн кэпсиир Дмитрий Волошин.

Экстремал-спортсмен -60C кыраадыс тымныыны кэтэһэр кэмигэр былаана үгүс: Чысхаан резиденциятыга Эбэ Хайаҕа, кыраайы үөрэтэр уонна ГУЛАГ лааҕырдарын мусуойдарыгар, «Арчы» балаҕаныгар сылдьыаҕа. Дьэ, онон Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө ыалдьар оҕоҕо анаммыт аһымал аахсыйа аргыстаах уочараттаах Гиннес рекорда олохтонорун биһиги эмиэ кэтэһэр буоллахпыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

Хаартыскалар — Дмитрий Волошин архыыбыттан.

 

 

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *