Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥы баттаһа «Дохсун» спорт комплексыгар оҕолорго футбол күрэхтэрэ бэрт сэргэхтик ыытылыннылар. Бүгүн тохсунньу 8 күнүгэр сыл ахсын ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут «Виктория кубогын» саҥа дьыллааҕы турнирыгар кырачаан футболистар күөн көрүстүлэр.
«Виктория» оҕо футболун кулуубуттан алта хамаанда ону таһынан «Туймаада» уонна «Якутия» футбол кулууптара иккилии хамаанданан кытыннылар. Хамаандалар икки бөлөҕүнэн кииристилэр. Саҥа дьарыктанан эрэр оҕолор диэтэххэ, бэрт эрийсиилээх, ыһыылаах-хаһыылаах оонньуулары көрдүбүт. Барыта дьиҥнээх курдук. Бэрт тыҥааһыннаах өрө күүрүүлээх күрэхтэһии түмүгүнэн бастакы миэстэ иһин финалга «Виктория» икки хамаандата таҕыста: үрүҥ футболкалары халлаан күөх манишкалар атаакалаатылар. Ол да буоллар «үрүҥнэр» (тренер П.В.Федоров) 3:1 ахсаанынан утарсааччыларын кыайан тахсаннар «Виктория кубогын» 2019 сыллааҕы хаһаайынынан буоллулар, иккис миэстэҕэ халлаан күөх манишкалар(тренер П.В.Федоров), үһүс бириистээх миэстэҕэ ыалдьыт «Якутия»(тренер Никифоров М.В.) бастакы хамаандата таҕыстылар. Турнир кыттыылаахтара бука бары минньигэс бириистэри тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар. Кырачаан футболистарга инникитин ситиһиилэри,ким бэлэмнээх — ол кыайдын. Аныгыскы футболга көрсүөххэ диэри!
Надежда Мордовская, edersaas.ru саайтка анаан.