Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа ааспыт 2018 сыл түмүгүн таһаарда. Литература эйгэтигэр көдьүүстээх үлэни ыыппыт, айар талааннаах дьонугар-сэргэтигэр күүс-көмө буолбут улуустары, баһылыктары, меценаттары бэлиэтээтэ.
Ол курдук, “Бастыҥ литературнай улууһунан” Таатта улууһа, “Бастыҥ баһылыгынан” Горнай улууһун аҕа баһылыга Никита Андреев, “Бастыҥ меценатынан” “Якутцемент” тэрилтэ дириэктэрэ Алиш Мамедов ааттаннылар. Алексей, Марта Михайловтар ааттарынан Литературнай бириэмийэни бэйиэт, бард-ырыаһыт Марина Клюеваҕа туттардылар. Бу бириэмийэни соторутааҕыта олохтон туораабыт суруналыыс, издатель Леонид Левин уонна Суруйааччылар сойуустара олохтообуттара.
— Ааспыт сыл Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар чэпчэкитэ суох сыл этэ. Үбүлээһин, грант көрүллүбэккэ, ыйы-ыйынан хамнаһа суох үлэлээбиппит. Ол эрээри, араас тэрээһиннэр, айар айаннар тиһигин быспакка ыытылыннылар, ол иһигэр Суруйааччылар сойуустарын 17-с сийиэстэрэ. Ону тэҥэ сыл түмүгэ хаһааҥҥытааҕар да үөрүүлээх түгэннэри бэлэхтээтэ. Биһиги сойууспут Арассыыйа үрдүнэн бастыҥ үлэлээх холбоһугунан ааттанна. Драматург, прозаик Баһылай Харысхалга норуодунай суруйааччы үрдүк аата иҥэрилиннэ. Олоҕун барытын оҕо литературатыгар анаабыт, өр кэмҥэ бу чэпчэкитэ суох хайысханан сыралаһан үлэлээбит Константин Сосиҥҥа Амма Аччыгыйын аатынан Ил Дархан бириэмийэтэ ананна. Онон бары көмөлөспүт, өйөөбүт, араас тэрээһиннэри ыыппыт дьоммутугар, салайааччыларга махтанарбыт, бэлиэтиирбит оруннаах, — диэн Суруйааччылар сойуустарын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева эттэ.
Алиш Мамедов Азербайджан уонна Саха сирин литератураларын, норуоттар доҕоодоһууларын бөҕөргөтүүгэ үлэлэһэр. Былатыан Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” айымньыта азербайджанныы тылынан тылбаастанан, күн сирин көрбүтүгэр улахан өҥөлөөх. Кини этэринэн, түүр тыллаах норуоттар түҥ былыргы, баай духуобунай култуураларын хардарыта билиэхтээхтэр, сибээс олохтонуохтаах.
Горнай улууһугар норуодунай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар ааттарын үйэтитиигэ үгүс үлэ ыытыллар. Кинилэр төрөөбүт алаастарыгар «Бор көмүс күһүнэ» тэрээһин, ыччакка, оҕолорго аналлаах куонкурустар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Баһылык Никита Андреев айар дьоҕурдаах дьонун куруук өйүүр.
Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Мирон Эртюков:
— Таатта саха литературата төрүттэммит сиринэн-уотунан урут-уруккуттан биллэр. Ол иһин да дьоммут-сэргэбит суруйааччылары олус ытыктыыллар, сүгүрүйэллэр. Быйылгы сылбыт барыта Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын чэрчитинэн ааспыта. Ахсынньыга ол сылбытын түмүктээбиппит. Биһиэхэ билигин эдэр суруйааччыларбыт элбэхтэр, кинилэри куруук өйүү сатыыбыт, күүс-көмө буолабыт. Нэһилиэк аайы литературнай түмсүүлэр бааллар, сылы эргиччи араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онон бу эйгэҕэ бастыҥ улууһунан ааттаммыппытын сыллааҕы сыралаах үлэбит түмүгүн быһыытынан сыаналыыбыт. Сүрдээх элбэх киһи үлэлээтэ, — диэн бэлиэтээтэ.
Ыллыыр Марина Клюева.
Түмүккэ мустубут дьоҥҥо анаан опера уонна эстрада ырыаһыттара ыллаан, дьоро киэһэни киэргэттилэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru