“Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ 33 улуус кытынна

Академик В.П.Ларионов аатынан быйылгы “Инникигэ хардыы” XXIII научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ, уопсайа, 33 улуус үөрэнээччитэ 1000-тан тахса үлэнэн кытынна.

edersaas.ru

Бу, оскуола үөрэнээччитин наука эйгэтигэр сирдиир, кынат анньар өрөспүүбүлүкэтээҕи саамай улахан тэрээһин буолар. Саха сирин биллэр-көстөр учуонайдара биэрбит мэктиэ суруктарынан, үлэлэрин өссө чочуйан, салгыы Арассыыйатааҕы таһымҥа кыттар кыахтаналлар.

Чурапчы гимназиятын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Сахаяна Яковлева «Устройство для быстрого охлаждения жидкости в вихре Рэнкина» диэн тиэмэнэн лауреат үрдүк аатын ылан, салгыы Москваҕа кыттар чиэскэ тигистэ:

— Холодильнигы солбуйар тэрили айбытым. Салайааччым – физика учуутала М.И.Хоютанова. Үлэбин сыл курдук чинчийдим. Көннөрү холодильниктан уратыта диэн, үбү кэмчилиир.  Өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа аан маҥнай таҕыстым. Онон үөрүүм улахан. Быйыл оскуоланы бүтэрэбин. Тиэхиньиичэскэй хайысхаҕа туттарсар санаалаахпын, — диэн кылгастык санаатын үллэстэр.

Оттон Хара (Мэҥэ Хаҥалас) оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Дархан Одун тоҕус сыл тухары биир тиэмэни чинчийбит:

Тиэмэм уһун ааттаах — «Выявление закономерности в изменении среднегодовых показателей температуры, основываясь на двух периодах наблюдения разных веков на примере с. Хара Мегино-Кангаласского улуса». Научнай салайааччым – география учуутала М.Н.Алексеева. Бу үлэбин 2-с кылаастан ыла чинчийэбин. Ол иннинэ 1950-с сылларга эһээм Е.П.Кондаков халлаан уларыйыытын кэтээн көрөрө. Ону салҕаан, урукку уонна билиҥҥи кэми тэҥнээтим. Кэлиҥҥи тоҕус сыл тухары күҥҥэ үстэ электроннай термометрынан кэтээн көрөбүн. Мин суоттаан көрүүбүнэн, 6,19 кыраадыс сылыйыы барбыт эбит диэн түмүккэ кэллим, — диэн кэпсиир.

Дархан бу үлэтинэн Арассыыйаҕа миэстэлэһэн турар. Быйыл эмиэ кыттарга мэктиэ суругу тутта.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

2
0