Кэбээйилэр удьуордарын саҥа кинигэттэн билис

Кэбээйи улууһун, I уонна II Лүүчүн, Мукучу дьаһалталара, “Дуоҕа Боотур” көҥүл түмсүү “Туоҕа Боотур удьуорун утума” кинигэни бэчээккэ таһаардылар. Кинигэни физико-математическай наука хандьыдаата, ХИФУ математикаҕа институтун доцена, наукаҕа 40-тан тахса үлэлээх Марк Григорьев бэлэмнээбит.

edersaas.ru


Кэнники кэмнэргэ төрүччүнү оҥорууга хорутуулаахтык үлэлиир Марк Петрович I уонна II Лүүчүн, Мукучу уо.д.а. улуустар, нэһилиэктэр олохтоохторун, саха суруйааччыларын уо.д.а. төрүттэрин-уустарын үөрэтиигэ бастакы олугу уурбут киһинэн буолар. Ол да иһин, 2001 сылтан саҕалаан, Кэбээйи улууһун нэһилиэктэрин туһунан хас да кинигэни сиэрийэнэн таһааран, дьонун-сэргэтин кэрэхсэбилин, биһирэбилин ылла.


“Туоҕа Боотур удьуорун утума” кинигэҕэ Кэбээйи (уруккута Орто Бүлүү) улууһун Лүүчүн нэһилиэгин Туоҕа Боотуртан утумнаах Соҕуруу аҕатын ууһун төрдө буолбут Клэвинскэй Дакин – Соҕуруу оҕонньор улахан сиэнэ Омук Макин ыччаттарын төрүччүлэрэ, кинилэр тустарынан чугас аймахтарын ахтыылара түмүллэн киллэриллибиттэр. Төрүччүлэр архыып докумуоннарыгар олоҕурбуттар.

Марк Петрович аан тылыгар:
“Саха былыр былыргыттан уруумсаҕынан, аймаҕымсаҕынан биллибит омук. Өбүгэлэрбит төрүттэрин-уустарын оннооҕор сурук-бичик суох кэмигэр тоҕустуу көлүөнэҕэ тиийэ ааҕа билэллэрэ. Ол көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн, салҕанан иһэрэ. Ааспыт ХХ дьалхааннаах үйэҕэ ол ситим быстан, уруу урууну, аймах аймаҕы билиммэт, билбэт буолуута тахсыбыта. Бу омук отуора хамсааһыныгар тириэрдибитэ. Ханна баҕарар, ханнык баҕарар атааннаах-мөҥүөннээх үйэлэргэ төрдү-ууһу, урууну-аймаҕы билбэт омук кэлэр кэскилэ суоҕунан ааҕыллар. ХХI үйэ саҕаланыаҕыттан төрдүнү-ууһу билиигэ-көрүүгэ дьулуһуу, тардыһыы, уруурҕаһыы-аймахтаһыы, хаан тардыһыы сибикитэ биллэн барда. Ол омук быһыытынан уһун улугурууттан тахсан эрэрбит биир көстүүтэ буолуон сөп. Маныаха улуустар, нэһилиэктэр историяларын, биллиилээх дьоннорун олорбут олохторун суруйан киэҥ эйгэҕэ таһаарыы биир улахан төһүү күүһүнэн буолла”, — диэн кинигэ сүрүн сыалын-соругун быһаарбыт.
Кинигэ Тыгын Дархан туһунан чахчылартан саҕаланар. Үһүйээн этэринэн, Орто Бүлүү баһыйар үгүс түөлбэлэрин ытык өбүгэлэринэн Тыгын чугас аймаҕа Туоҕа (Дуоҕа) буолар. Туоҕа Боотур Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылан, Эбэ диэн ааттаах күөлгэ олохсуйбуттар. Туоҕа аҕыс бииргэ төрөөбүттээҕэ эбитэ үһү…
Кинигэҕэ киһи сэҥээрэрэ, сонурҕуура элбэх. Холобур, бу кинигэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр аналлааҕынан, манна киллэриллибит табылыыссаны толорон, бэйэҥ төрүччүгүн салҕыаххын, ситэрэн биэриэххин сөп.

Ахсыс түһүмэххэ киирбит сыһыарыыларга удьуордааһын утумун сүрүн өйдөбүллэрэ аныгы ыччакка туһалаах буолсулар.
Кинигэ ааптардара төрүччүнү оҥорууга биэрбит сүбэлэригэр “Төһөлөөх хаан булкуһуутун түбэлтэтэ тахсыбыта буолуой, төрүччүнү билбэттэн?” диэн эппиттэрин ааҕан, “сык” гына түһэҕин. Ааптар, чахчыта да, бу кинигэнэн хас биирдии киһи төрдүн-ууһун түөрэн, былыргы удьуорун булуон, билиэн сөбүн тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Нууччалыы, сахалыы тылынан суруллубут кинигэ ис хоһоонун элбэх эргэ да, саҥа да хаартыскалар, Тайаана алгыстаах кырыйыылара, аккырыыккалара ситэрэн-хоторон биэрэллэр.
Кыраайы үөрэтээччилэргэ, кэнэҕэски ыччакка, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар кинигэ 750 ахсаанынан ХИФУ кыһатыгар бэчээттэммит.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

1
0