Анна ТОТОНОВА: “Айыы киһитэ аһыныгас”

“Уоттаах таптал кууһара – дьол!

Оҕо көтө-дайара – дьол!

Тахсар сарыал сырдыга – дьол!

Эдэр сэнэх эрдэххэ – дьол!”

— диэн тыллардаах ырыанан Сунтаар улууһун Кэппэндээйитин кулуубун дириэктэрэ Анна Фомична Тотонова аҕыйах сыллааҕыта ырыа күрэҕэр кыттан, онно өссө кыайыылаах тахсан, саха эстрадатын, саха ырыатын эйгэтигэр сонун сүүрээни киллэрбитэ дии саныыбын. Аҥаардас “Сахам алаадьыта” диэн ырыатын истээччи сүрэҕин-быарын ортотунан аһарар эбээт. Тыа сирин култууратын үлэһитэ Анна Тотонова толорор саха олоҕун-дьаһаҕын, урааҥхай дьылҕатын туһунан кэпсиир дириҥ ис хоһоонноох ырыалара, “кэллим-бардым, таптаатым, онтон эрэйдэнним” диэбит курдук үгүс солуута суох ырыалардаах билиҥҥи кэммитигэр, чахчы уратылар уонна ис киирбэхтэр диибин.

Анна Тотонова — «Сайдыы» Култуурунай-спортивнай киин дириэктэрэ, СӨ Култууратын туйгуна, «Үрдэл — 2016» национальнай музыкальнай бириэмийэ кыайыылааҕа, «Сыл бастыҥ киһитэ — 2016» (Сунтаар түмсүүтүн билиниитэ), Сунтаар улууһун ырыа айааччыларын салайааччыта, «Лучший менеджер клубной деятельности” аат хаһаайына, «Кэмпэндээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

 КЭППЭНДЭЭЙИЛЭР КУЛУУПТАРА УОККА БЫЛДЬАННА!

Кини айар үлэтин үрүҥ күнэ түспэтийбитин кэннэ күүскэ чаҕылыйа күөрэйдэ, бу далбар хотуну утары көрөн олорон, киһи хайдах да “сааһырбытын кэннэ” диэ суох курдук, оннук сырдык, күүстээх уонна кэпсэтэр киһитин дьикти иэйиинэн иитэр, байытар, үчүгэй санаанан толорон кэбиһэр ураты энергетикалаах.

    

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт дьиҥэ санаата саппаҕыран сылдьар кэмигэр кэпсэттибит – саҥа дьыл буолар күнүгэр кэппэндээйилэр кулууптара бүтүннүү уокка былдьанна. Бу тустаахтарга, нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр, олоҕор-дьаһаҕар охсуулаах быһылаан буолла.

— Сайдыы» култуурунай-спортивнай киин 2004 сыллаахха 618 квадратнай миэтэрэ иэннээх 2 этээстээх объект үлэҕэ киирбитэ. Мин ол сыл дириэктэринэн ананан үлэлээн барбытым. Быйыл номнуо 15-ис сылым туолар эбит. 2004-2010 сылга диэри «Чэбдик» диэн ааттааҕа. Онтон 2011 сыллаахха «Сайдыы» култуурунай-спортивнай киин диэн ааттаммыта.

Элбэх функциялаах объект быһыытынан иллэрээ сылга диэри үлэлээбиппит: кулууп, физкультура саалата (оскуола уруоктара, спортивнай секциялар буолаллара ), модельнай библиотека уонна түмэл (музей) бааллара.

Онтон “Музей «Соли и Цеолита» диэн ааттанан 2017 сылга  бэйэбит сирбитигэр саҥа тутуу дьэндэйэн тахсыбыта. Нэһилиэк музейын 1996 сыллаахха «Үлэ, Албан аат» музейын К.Г. Евсеева, М.А. Евсеева тэрийбиттэрэ. Маны таһынан оскуола музейа кытары баара (сал. М.Г. Романова). Олор холбоһон кыраайы үөрэтэр «Кэскил» музей буолан кулуупка 2017 сылга диэри үлэлээбитэ. Туспа дьиэлэнэн 2018 сыллаахха музей уонна библиотека көһөн тахсыбыт буоланнар, хата, уокка былдьамматылар…

2018 сылга ППМИ (“Программа поддержки местных инициатив”) бырагыраамаҕа олоҕуран, нэһилиэк уопсай мунньаҕын нөҥүө куоластааһынынан кыайан, кулууп ис өттүн обшивкалыырга диэн буолбута. Инньэ гынан 1 мөлүйүөн 94 тыһыынча анаммыта — сэтинньи ыйга кулууппут иккис тыыннанан үлэҕэ киирбитэ. Маны таһынан “Инники көлүөнэлэр пуондаларын” нөҥүө 500 тыһыынчаҕа араас спортивнай тренажердары, урукку бильярдка эбии 2 саҥа бильярд комплегын, боксерскай көбүөр уо.д.а. нэһилиэк баһылыга Александр Романович Игнатьев сүүрэн-көтөн, тиэйэн аҕалан таҥыллыбыта.  Дьэ, чахчы «Өссө күүскэ үлэлээҥ!» диэбиттии объекпыт сандааран, сырдаан, килэбэчийэн турбута. Онтубут баара, ханна баарый?!

Ити 1 мөлүйүөн 94 тыһыынчалаах үлэбит барыта сайыҥҥыттан тэтимнээхтик барбыта, кулууппут сабараанньатын көтүттэрэн саҥаны туттарбыппыт, иккис мэндиэмэн муостата барыта уларыйбыта, сарайбытыгар, муостабытыгар субуотунньуктаан эпиилкэ куппуппут. Ону таһынан киирэр ааммытын пандустаан уларытан биэрбиппит о.д.а. Барытын кэмигэр туттаран, ахсынньыга Дьокуускайга икки күннээх “Кэппэндээйи күннэрэ” тэрээһин ыытан кэлбиппит.

Биһиги кулууппут иккис дьиэбит кэриэтэ этэ. Онтукабыт силигэ ситэн, оҥоһуллан, уурбут-туппут курдук тупсарыллан, саҥа оборудование бөҕө атыылаһыллан, туохпут барыта саҥардыллан, куоракка тиийэн үчүгэйдик кэнсиэрдээн, нэһилиэкпитин сөптөөхтүк ааттаттыбыт диэн сүргэбит көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн сырыттахпытына, саҥа дьыл саҕана бүтүннүү уокка былдьанан хаалаахтаата. Үөрүүбүт 17 эрэ күн буолаахтаата… Баһаар уота 18.20 чааска турбута. Үлэһиттэр бары онно баар, Саҥа дьылы бырааһынньыктыырга бэлэм этибит. Арыый хойут саҕаламмыта буоллар, дьон мустубутун кэннэ баһаар буолан, туох-туох буолуоҕун киһи өйүгэр батарбат эбит…

Кулууппут умайбытын көрөн, туттуммакка хараҕым уу-хаар баспыта. Өр сылларга манна ааспыт олоҕум үтүө кэмнэрин, эдэр сааһым сылларын санаан, бар дьонум сырата, кыһамньыта барыта күл-көмөр буолбутун аһыйан… Ыарахан кэмнэргэ киһиэхэ олох кыра да наада эбит. Дьон суруйбут истиҥ тылларыттан санаа көтөҕүллэр, тохтуу түһэн баран бэйэҥ эрэ буоллаххына, син биир санаа баттыга буолар эбит. «2018 сыл бүтүүтэ куһаҕан буолла, онон 2019 Саҥа үчүгэй сыл буолуо» диэн эрэннэрэллэр. Оннук эрэ буоллун…

50 СААСПАР – 50 ЫРЫАЛААХ ЫРЫАННЬЫК

Анна Фомична элбэх оҕолоох ыал ийэтэ, оҕолоро бары бэйэтин курдук айылҕа араас талаанынан маанылаабыт дьоно, олох араас эйгэтигэр үүнэн-сайдан эрэр дьону, киһи быһа этимээри даҕаны, олус хайҕаабат куолута.

— 2004 сылга диэри мин Кэппэндээйи орто оскуолатыгар дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии олорбутум. Ол саҕаттан култуура эйгэтигэр сыстыбытым, кулууп диэриэктэрин солбуйарым.

Кыра-кыралаан уруккуттан ырыа суруйар этим, айар үлэм кэнники сылларга ордук табылынна. Аан бастакы улахан айар кэнсиэрим 2016 сыллаахха Дьокуускайга “Айылҕа тыллар кэмигэр” диэн ааттанан “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр, онтон иккис кэнсиэрим 2017 сыллаахха “Дьоҥҥо дьолу баҕаран” диэн ыытан турабын. Былырыын эмиэ кэнсиэртээри гынан баран, чэ бээ, дьону сынньатыахха, ол кэриэтэ ырыанньык оҥордохпуна үйэлээх буолсу диэммин, 50 сааспар 50 ноталаммыт ырыалаах, 100 страницалаах “Ырыаларым – кынаттарым” ырыанньыгым таҕыста. Мантан саас киэҥ эйгэҕэ, Сунтаартан саҕалаан Докуускайга тиийэ таһааран, дьоҥҥо билиһиннэрэр тэрээһиннэрбин ыытар былааннаахпын.  Ырыанньыкпар төрдүс диискэм киирэр. Бу иннинэ “Уруйданнын Сахам сирэ!”, “Үөрүү кыыма”, “Сахам алаадьыта” диэн диискэлэри таһаарбытым.

— Айымньылаах үлэҕэр чугас дьонуҥ өйөбүллэрэ улахан сабыдыаллаах буоллаҕа…

— Кэргэмминээн Василий Тойбохойевич Тотоновтыын 1995 сыллаахха ыал буолбуппут. 2020 сылга бииргэ олорбуппут 25 сыла буолар эбит. Үс кыталык кыргыттардаахпыт. Кэргэним, оҕолорум, күтүөтүм өйөбүллэрэ миэхэ наһаа көмөлөһөр. Бу кулуубум умайан улахан стресскэ киирбит кэмнэрбэр, Ороһооспо өрөбүллэригэр бары кэлэн, өйөбүл буолан абыраатылар.

— Олохтоох салалта өттүттэн төһө өйөбүллээххитий?

— Дириэктэрдиирим кэмигэр барыта 7-с баһылыкпын кытары үлэлии олоробун. Бииргэ үлэлээбит баһылыктарым бары даҕаны култуура эйгэтин өйүүр, өрө тутар салайааччылар. Онон, үлэлэспит баһылыктарбар барҕа махталбын тиэрдэбин. Улууспут да, нэһилиэкпит да салалтата өрүү өйүүр.

 

НЭҺИЛИЭК ОЛОҔОР КӨХТӨӨХ БУОЛУУ – СИТИҺИИ ТИРЭҔЭ

— Маны таһынан, эн араас бырайыактары толкуйдаан олоххо киллэрэҕин…

— Биһиэхэ Кэппэндээйи нэһилиэгэр  2012 сыллаахтан сыл аайы муус устар 27 күнүгэр  научнай-практическай конференция ыытыллар. Манна олохтоохтор, тэрилтэ салайааччылара бырайыак көмүскүүллэр.

Оннук конференция чэрчитинэн, түөрт сыл анараа өттүгэр “Үҥкүүлүүр Туус Кэҥэли” диэн бырайыак суруйбутум. Ол саҕана толкуйдаан көрбүтүм нэһилиэкпитигэр ырыа-тойук балай эмэ сайдар, оттон үҥкүүбүт суох эбит. Нэһилиэкпитигэр үҥкүү специалиһа аҕалан үлэлэтиэххэ диэн этии көтөхпүтүм.

Онтон ыла түөрт сыл устата “Үҥкүүлүүр Туус Кэҥэли”  бырайыакпытын сайыннаран, быйыл отчуоттуур кэнсиэрдээх, таарыччы “Дьокуускайга Кэппэндээйи күннэрин” ситиһиилээхтик ыытан кэлбиппит. Кэппэндээйи нэһилиэгэ төрүттэниэҕиттэн маннык киэҥ далааһыннаах тэрээһин өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар хаһан да ыытылла илигэ.

Биһиги нэһилиэкпит талааннаах дьонунан биллэр. Холобур, икки норуот маастардаахпыт – худуоһунньук Виссарион Никитич Семенов; иистэнньэҥ, баайааччы, түүлээҕинэн дьарыктанар Наталья Прокопьевна Егорова уонна да атыттар.

 

БАР ДЬОММУТУГАР ЭРЭНЭБИТ

— Билигин хайдах, ханна үлэлии олороҕут?

— 2017 сыллаахха музей дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ диэбитим дии. Билигин онно көһөн таҕыстыбыт. Онтукабыт олох кыччыгый дьиэ,  618 кв.м. иэннээх дьиэҕэ үлэлии олорбут дьон кыра дьиэҕэ көһөргө күһэллибиппит, биллэн турар, кэккэ ыарахаттардаах, саҥа кулууппут тутуллуор диэри манна олоруохпут.

Аһымал кэнсиэртэри тэрийэн кулууппут тутуутугар үп хомуйуохпут. Билиҥҥи туругунан үс сүрүн гастроллуур бөлөхтөөхпүт, куоракка туруорбуппут курдук толору кэнсиэрпит бөлөҕүнэн Сунтаар улууһун бөдөҥ нэһилиэктэригэр уонна Ньурба куоратыгар барар баҕалаахпыт.

“Тууһаммыт кумаардар” диэн көр-күлүү бөлөҕүн тэрийбиппит. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр кэнсиэрдиэхтээх этибит… Урут 1997 сыллаахха, кулуупка дириэктэрдиир эрдэхпинэ, “Эриэхэ-бэтиэхэ” диэн көр-күлүү бөлөх тэриммиппит, куоракка бастакы истиэпэннээх лауреат буолбуппут, Гран-прины “Көөчөөн көрдөрө” Аркадий Новиковтаах ылбыттара. Аҕыйах кэмҥэ гастроллаабыппыт, онтон тохтоон хаалбыппыт. Онтукабытын сөргүтэн иккис гастроллуур бөлөх тэринэр былааннаахпыт.

“Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас” диэн санаанан салайтаран, өрөспүүбүлүкэ бар дьоно көмөлөһөн эрэр, лицевой счекка харчы ыыта олороллор. Кулууптарбыт, кэллиэгэлэрбит биир күннээҕи хамнастарын биэрэн эрэллэр, аһымал кэнсиэртэри тэрийтэлээтилэр. Кулууппутугар иккиэбит – мин дириэктэрбин уонна худруктаахпын. Иккиэн Дьаархантан төрүттээхпит, биир дойдулаахтарбыт, биэнсийэлээхтэрбит оннооҕор 500-1000 солк. хомуйан, 60-ча тыһыынчаны ыыппыттара. Улууспут кулууптара кэнсиэртэн киирбит харчыларын туттараллар. Култуура управлениета көҕүлээн, Олоҥхо дьиэтин, “Тещин язык” туркомплекс кыттыһан, “Супердискотека” диэн улахан тэрээһин ыытан, 13 тыһыынча солкуобайы күн бүгүн туттардылар. “Өрөгөй” эр дьон ансаамбыла эмиэ харчынан көмөлөстө. Ити курдук дьон санаатынан, үбүнэн-харчынан өйөөтө, онуоха улаханнык махтанабыт, бар дьоммутугар эрэнэбит.

***

Кэпсэттэ Розалия ТОМСКАЯ

 «Киин куорат» хаһыат.

 

Кэппэндээйи кулуубун тутуутугар көмөлөһүөн баҕалаахтарга:

Инн 1424008277

кпп 142401001

Бик 049805001

Рс 40701810998051000055

Отделение-НБ Республики Саха Якутия

ОКТМО 98648425

Кбк 00000000000000000189

УФК по Республике Саха (Якутия) (СП «Кемпендяйский наслег») (МБУ КСЦ «Сайдыы» л/с 20272000267)

 

Сообщение Анна ТОТОНОВА: “Айыы киһитэ аһыныгас” появились сначала на Aartyk.ru — Хроника, События и Факты.

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *