Харысхал хайҕаллаах хардыылара
Василий Васильев–Харысхалга норуодунай суруйааччы аата иҥэриллибитигэр доҕотторо олус үөрбүппүт.
Мин тута кинилиин алтыһыыларбын, айымньыларын санаан кэлбитим. Харысхалы сырыы аайы таҥаһа-саба, соно-көстүүмэ уратытын, муодунайын, ырааһын сөҕөбүн. Баһылай элбэхтик кэпсэтэр, ордук айылҕаҕа сылдьар туһалааҕын билэр. Эдэр сылдьан ориентированиенан дьарыктанан Чочур Мырааны биир гына сүүрбүт. Инньэ гынан ханна үчүгэй айылҕалаах сир баарын бэрткэ билэр. Массыынатынан онно-манна илдьэ сылдьар буолбута. Онно олорон, сөтүөлүү сылдьан, бу сирдэргэ доҕотторун, казах, кыргыыс, татаар, башкир суруйааччыларын сырытыннаран, Саха сирин кэрэтин сөхтөрбүтүн, анараалар дойдуларыгар ыалдьыттаппыттарын наһаа үчүгэйдик кэпсээччи.
Төһө омук хастыы бүлүүдэтин сатыыра буолла, онтукаларын астаан, сервировкалаан, туттан-хаптан, сылдьыбыт сирдэрин, дьонун култууратын, омуктарын историятын, литературатын, юмордарын кытта ситимнээн кэпсээн-ипсээн бардаҕына, аһыа да суох, олорсуо да суох киһи кыттыһан барааччы. Доҕотторбут Виталий Андросовтыын, Василий Винокуровтыын, Семен Ермолаевтыын, Михаил Дьяковскай — Көлбөлүүн хардарыта истиҥник ахтыһабыт, сыаналаһабыт.
1980 сыллаахха оччолорго номнуо литератураҕа кэскиллээҕинэн биллибитэ биэс-хас сыл буолбут эдэр Баһылайдыын бастаан аатырар суруналыыс Вячеслав Степанов билиһиннэрбитэ. Кинилэр үөлээннээхтэр, “Молодежь Якутии” бииргэ үлэлээбиттэр уонна ыаллыы олороллор эбит. “Эдэр коммунист” хаһыакка тыа оскуолатыттан саҥардыы кэлэн, кэрэспэдьиэннээн эрэрим. Уонча сыл балыскын, оҕоҕун диэбэттэрэ. “Кыымнарга”, “Хотугу сулуска”, суруйааччыларга киирэ-тахса сылдьарбыт.
Онно Баһылай Харысхал эрдэттэн билсибит буолан, дьээбэлэһэн, үөрэ-көтө түһэрэ. Суруйааччылар Амма Аччыгыйыттан, Күннүк Уурастыыраптан, Суорун Омоллоонтон саҕалаан Софрон Даниловтыын, Даланныын элбэхтик бииргэ сылдьыбыт буолан, кинилэр тустарынан билэрэ элбэҕэ.
Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Василий Васильев диэн эмиэ саҥардыы суруйар киһи баара. Онон Амгинскай диэн ааты ылыммыт. Сэмэн Тумат биирдэ дьээбэлэммит: ”Сүрдээх да ааттаммыккын. Норуодунай суруйааччыбыт баара-суоҕа Амма Аччыгыйа диэн”. Онтон сотору псевдонимын Харысхал диэҥҥэ уларыппыта.
Аммаҕа “Кырыс сири баһылааһын байыастара” диэн фестиваль буолара. Онно Дьокуускайтан балайда улахан дэлэгээссийэ тиийбититтэн, миигин уонна Харысхалы оччотооҕу райисполком бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, мелодист Дмитрий Емельянов дьиэтигэр хоннорбута. Үһүөн ырыа бөҕө ыллаан, кэпсэтии бөҕөнү кэпсэтэн хоммуппут.
Быыбар хампаанньаларыгар, айар үлэ агитацияларыгар (таарыччы олоҕу билсэ, ону анаарбакка суруйар оччото суох — И.У.) кини учуутала, мин күтүөтүм Василий Гольдеров салайар бюротунан, литфондатынан (сотору ити тэрилтэлэри Харысхал бэйэтэ салайбыта), Василий Яковлев – Даланныын, Николай Лугиновтуун, Андрей Борисовтыын, Егор Жирковтуун, Егор Алексеевтыын, Иван Федосеев – Доосолуун атын да интеллигенция дьонунуун, артыыстардыын улуустарга бииргэ сылдьыбыппыт. Дьону-сэргэни мунньан көрсүһүүлэри оҥорбуппут. Онно да Харысхал айымньыларыттан быһа тардыылары аахтаҕына, ордук ыччат сэргиирэ.
1990 сыллаахха Василий Васильев Амматтан, мин Дьокуускай куораттан Үрдүкү Сэбиэт 12-с ыҥырыытыгар дьокутаат буолбуппут. Ыччат кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн Афанасий Мигалкин, Баһылай солбуйааччынан, мин сэкирэтээринэн анаммыппыт. Үһүөн бэйэбит эйгэбит, историяҕа хасыһыыбыт элбэҕэ. Афанасийдыын биир дойдулаахтарбыт Сэһэн Ардьакыап, Иван Мигалкин, Лөгөй, Күлүмнүүр, Афанасьевтар… Онон урукку докумуоннары, саҥа сокуоннары, суверинитеты ылыныыга силис оҥосторго дьулуһарбыт. Бэрэссэдээтэлбит Михаил Ефимович Николаевка хайдах көмөлөһөбүт, Саха сирин сайдыытыгар тугу оҥоробут диэн элбэхтэ интеллигенциялыын сүбэлэһэрбит, коллегаларбытыгар – Боткуновка эҥин, ардыгар санаабытын соҥнуур да этибит.
История “үрүҥ бээтинэлэрин суруйууну” 1980-с сыллар бүтүүлэригэр саҕалаабыппыт. “Орто дойду“ хаһыаппар Иван Николаев, Олег Сидоров буолан үлэлэһэн, лаппа киэргэппиттэрэ. Историяны эрдэттэн үөрэтиибит “Саха омук” түмсүүнү хаттаан тэрийиигэ, суверенитет торумнара оҥоһулларыгар элбэх сабыдыалы биэртэ.
Баһылай төрөөбүт дойдута Амма, Соморсун сирдэринэн былыргы үс аартык:
— Лээгинэн – Амырга;
— Уус Маайанан – Ньылханынан Айааҥҥа;
— Сулҕаччынан – Чымынаайынан Охотскайга.
Суол сайдыыны аҕалар. Ол иһин Амматтан бастакы үөрэхтээхтэр тахсыбыттара. Баһылай оннооҕор Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр үөрэхтээх Рязанскайдааҕы, үрүҥнэри кэпсиирэ. Гражданскай сэрии кэмигэр кыһыллар, үрүҥнэр диэн кыргыһыыга улахан кэхтии барбытын оччотооҕу кырдьаҕастартан истибитин өйдүү сылдьара түргэнник бөдөҥ айымньылары суруйарыгар көмөлөстөҕө. Харысхал этэринэн, саха интеллигенцията – Софрон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап, Степной думаны тэрийбит Мигалкин, Күлүмнүүр, Байбал Ксенофонтов буоллуннар – былыр былыргыттан саамай улахан туруорсуулара — саха омук баһын бэйэтэ бас билэр буолуута — судаарыстыбаннас. Биһиги омукпут симэлийбэккэ тыыннаах хаалыахтаах, атын улахан омуктар быыстарыгар суураллыа суохтаахпыт диэн. Баһылай этэринэн, Софрон Сыранов сахалар бэйэбит сууттаах-сокуоннаах, сирбитин-уоппутун бэйэбит бас билэр буолуохтаахпыт диэн ыраахтааҕыга тиийэн туруорсубут. Өйдөөн көрдөххө, барыта эргийэн кэлэ турар. Холобура, Байбал Ксенофонтов конфедералист буолан союзнай статуһу туруорсубут эрээри, бириэмэтэ ааһан хаалбыт. Билигин даҕаны саха интеллигенцията хайдах эмэ гынан бу урбанизация, аан дойдуга хамсааһын өрүү бара турар кэмигэр олохпутун, тылбытын-өспүтүн, култуурабытын чөл хааллардарбыт диэн үлэлэһэр…
Итиннэ санаабыт сөп түбэһэр. Архыыптарга олоҕуран, араас айымньы таҕыстаҕын аайы норуот өйдөөн иһэр.
Суруйааччы, драматург, чинчийээччи В.Е.Васильев-Харысхал киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн ХХ үйэ саҥатыгар олорон ааспыт саха интеллигенциятын дьылҕатын суоллаан, сонордоон Эмиэрикэни эргийдэ, Скандинавияҕа сырытта, Кытайынан хаамыталаата, Дьоппуоньуйанан дьоһун дьонун көрдөөтө, Арассыыйаны биир гына айаннаата. Ол түмүгэр Саха театрыгар “Эргиллиэм хайаан да”, “Көмүөл”, “Бастыҥ хатыыта”, “Учуутал”, “Кэт Марсден. Үтүө санаа аанньала”… хас туруулара аншлаг. Айымньылар геройдара миллионер атыыһыт Г.В.Никифоров-Манньыаттаах Уола, саха омук лидерэ В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, Ксенофонтовтар, Илья Винокуров былыргы интеллигенция чулуулара. Кинилэр илэ бэйэлэринэн тиллэн кэлэн, сценаҕа тахсан, санааларын тыҥааһыннаах түгэннэргэ этэр-тыынар курдуктар. Ити туруорааччы, ааптар артыыстардыын таба өйдөһүүлэрэ.
Харысхал норуодунай буолбутун бэлиэтииргэ “ити дьон” бары түмсэн кэлбиттэр.
Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаата, үтүө үгэс быһыытынан, Харысхал сэттэ кинигэтинэн, ыстатыйаларынан, кини туһунан публикацияларынан тыйаатыр фойетыгар бэртээхэй быыстапканы бэлэмнээн туруорбут.
Норуот суруйааччытын СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, муниципальнай тэриллиилэри кытта үлэҕэ департамент салайааччыта Афанасий Владимиров, СӨ култууратын миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин, РФ Суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гавриил Андросов, Уус-Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, дьокутааттар, биир дойдулаахтара аммалар, өрөспүүбүлүкэ айар сойуустара, кэлэктииптэр, тэрилтэлэр салайааччылара, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, махталлаах көрөөччүлэрэ, ааҕааччылар уонна, биллэн турар, доҕотторо эҕэрдэлээтилэр.
Харысхал, аҕа көлүөнэ саха суруйааччыларын үгүстэрин кытта бииргэ алтыспыт, доҕордоспут, кинилэртэн элбэххэ үөрэммит, алгыстарын ылбыт дьоллоох. Оттон норуодунай суруйааччы Софрон Данилов драматургияҕа саха литературатын кэскилин чуолаан Харысхалга көрөрө, диэн кэпсээччилэр суруйааччылар.
Норуодунай суруйааччы Николай Лугинов эттэ: “Баһылай эдэр эрдэҕиттэн этитиилээх киһи эбит. Биһигиттэн ураты. Саха бастакы интэлигиэнсийэтин дьылҕатын хара маҥнайгыттан кэрэхсиирэ, интэриэһиргиирэ. Бу тиэмэтин хаһан даҕаны ыһыктыбатаҕа. Онто – кини дьылҕата эбит! Кини эрэ дьылҕата буолуо дуо – барахсаттар, сүтэн хаалбыт, былаҕайга былдьаппыт дьон дьоллоругар маннык киһи көстөн, тахсан, норуоттарыгар төнүннэхтэрэ.
Оттон норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат:
—Саха литературатын историятыгар олус улахан суолталаах суолу солообут дьоннортон бастакыларынан Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Кини бэйэтин дьулуурунан, дьүккүөрүнэн хоту улуустарга, Өймөкөөҥҥө тиийэ айаннаан, саха тылын ирдэһэн-тордоһон, хайдах курдук айымньылаахтык үлэлээбитин бары билэбит. Иккис итинник киһинэн биһиги доҕорбутун-табаарыспытын Баһылайы ааттыыбын. Устудьуоннуур да кэмнэрбитигэр арааһы кэпсэтэр эбиппит. “Атын омук сирдэригэр эмиграциялаабыт интэлигиэнсийэ, биир дойдулаахтарбыт суолларын ирдэһэриҥ буоллар” диэн биирдэ санаабын эппиттээхпин. Баһылай бэйэтэ-бэйэтигэр эспэдьииссийэ тэрийэн, уһун сылларга саха бастакы интэлигиэнсийэтин дьылҕатын сыныйан үөрэтэн суруйбут пьесаларын эһиги, көрөөччүлэр, сэргээҥҥит, биһирээҥҥит, уолгутун саха норуотун суруйааччытын килбиэннээх үрдүк аатыгар таһаардыгыт! — диэн көрөөччүлэргэ махтанна.
Ханна да көрүстэллэр, Николай Лугинов, Андрей Борисов, Ньукулай Урсун буллан куруук сүбэлэһэ сылдьааччылар. Ону театральнай дьүһүйүүнэн хаптылар. Режиссердар, артыыстар Герасим Васильев, Анатолий Николаев, Иннокентий Дакаяров уо.д.а. репетицияларга “өссө маннык тупсарыахха баар эбит” диэтэллэр эрэ, Харысхал бэлэмэ бэрдинэн, сонно суруйан, эбии киллэрэн биэрэрин тус бэйэм көрбүтүм. Итини үтүөлээх артыыс, театральнай деятеллэр сойуустарын салайааччыта Айаал Аммосов эмиэ бэлиэтээтэ. Коллектив дьоҕур тахсарыгар оруола оннук.
Харысхал бу киэһэ бэйэтэ саха таҥаһын кэтэн, урукку интеллигенция оруолугар киирэ сылдьардыы көһүннэ. Айар киэһээтигэр чахчы норуоднай буолуон буолла диэн астыммыт дьонтон сүргэм өссө көтөҕүлүннэ.
***
Иван Ушницкай,
«Киин куорат» хаһыат.
.
Сообщение Харысхал хайҕаллаах хардыылара появились сначала на Aartyk.ru — Хроника, События и Факты.