Ньурба оҕолоро «Кэскиллиин» доҕордоһон, айар дьоҕурдарын сайыннараллар

Ньурба оҕолоро «Кэскиллиин» доҕордоһон, айар дьоҕурдарын сайыннараллар

Оҕо аймах сөбүлээн ааҕар «Кэскил» хаһыат аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр. Сылын аайы оҕолорго анаан араас куонкурустары тэрийэр. «Бэргэн» оҕо пресс-агентствота сыл түмүгүнэн элбэхтэ суруйбут, сурутууну тэрийбиттэргэ күрэстэһии ыытар, көхтөөхтүк кыттыбыт пуостары сылын аайы бэлиэтиир. Быйылгы сыл түмүгүнэн Ньурба оҕолоро бастыҥнарынан ааттаннылар.


Соторутааҕыта бастыҥ эдэр кэрэспэндьиэннэри талыыга Ньурбатааҕы тэхиньиичэскэй оҕо дьоҕурун сайыннарар Киин иһинэн үлэлиир  Элен Федорова салайааччылаах «Калейдоскоп» устуудьуйатын иитиллээччитэ Эсланда Аланнырова «Көмүс бүрүө-2018» үрдүк ааты ылла. Пуостар ортолоругар I Хаҥаластан Прасковья Алексеева салайар «Ыллык» пуоһугар «Бэриниилээхтик үлэлиир пуост» аат иҥэрилиннэ.

М.С. Егоров аатынан Ньурба 2 №-дээх оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Эсланда Аланнырова «Кэскил» оҕо хаһыатыгар алтыс кылаастан ыстатыйа суруйар. «Калейдоскоп» оҕо телестудиятыгар сылдьыаҕыттан учуутала Элен Евгеньевна суруйар кыаҕын таба көрөн, сайыннарбыта. «Кэскил» хаһыат айар дьоҕуру сайыннарыыга ыытар күрэхтэрэ олус интэриэһинэйдэр. Эсланда ситиһиилэрэ элбэх. 2017 сыллаахха интервью ылыыга, кириитикэ суруйууга, таайбараҥҥа кыттан «Бэргэн» сыллааҕы күрэҕин кыайыылааҕынан биллэриллэн «Океан» лааҕырга сынньанар путёвканан наҕараадаламмыта. Өрөспүүлүбүкэтээҕи «Я и финансы» өйтөн эссе суруйуу күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан, II-c истиэпэннээх дипломунан, 2018 сыллаахха «Арыгыта суох чөл олох — дьоллоох оҕо саас тускута» өрөспүүбүлүкэтээҕи өйтөн айан суруйуу куонкуруһугар кыттан, I миэстэни ылан, СӨ Арыгы ырыынагын сүрүннүүр судаарыстыбаннай управлениетын салайааччыта Матвей Лыткин илии баттааһыннаах Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта.

2018 сыл сэтинньи ыйыгар «Мой путь к профессии» профориентационнай бырайыактарынан Санкт Петербург-Москуба куораттарга кыттыыны ылбыттара. Санкт Петербурга биир дойдулаахтарын, Саха сирин үөрэҕирии систиэмэтигэр наркомунан үлэлии сылдьыбыт, төрөөбүт дойдута сайдарын туһугар улахан үлэни оҥорбут Семён Сүүлүскэй төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах төгүрүк остуолга кыттыыны ылбытын Эсланда олус истиҥник ахтар. «Калейдоскоп» оҕо студията учууталлара Элен Евгеньевна, Варя Хартасова, Луиза Семёнова буоланнар 3-4 ыйы быһа устубут»Сэрии оҕолоро» киинэлэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бумеранг» киинэ бэстибээлигэр кытыннаран, үһүс миэстэлэммиттэрэ. Эсланда Саха сирин Ил Дархана Саҥа дьыллааҕы Харыйатыгар кыттарга путёвка тутан, кыттыыны ылбыта.

— Ил Дархан Харыйатыгар сылдьан «Кэскил» хаһыакка суруйар оҕолодуун билсибитим. Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ БКЭ күүтэр, үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэххэ киирии сорук турар. Мин ханнык да идэни талларбын, суруйар идэбин тохтотуом суоҕа дии саныыбын. Тус бэйэм учууталбар Элен Евгеньевнаҕа, күндү төрөппүттэрбэр, эбээбэр, аймахтарбар махтаныам этэ, — диир Эсланда.

Салайааччыта Элена Фёдорова: «Эсланда кинигэни элбэхтик ааҕар буолан, билиитэ-көрүүтэ сайдан иһэр. Ыытар куруһуокпутун биирдэ да көтүппэккэ сылдьар. Мин санаабар, оҕо дьарыктаах буоллаҕына санаата-оноото уларыйар, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта күүһүрэр. Сотору кэминэн, кулун тутар ыйга «Кэскил» хаһыат эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин ыытыаҕа, онно бэлэмнэнии үлэ ыытыллар. Оҕолоор, «Кэскил» хаһыакка суруттарыҥ, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар элбэх интэриэһинэй сонуннарын ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ.

«Ыллык» корпуоһу Ньурба оройуонун I Хаҥалас оскуолатын алын сүһүөх учуутала Прасковья Алексеева сэттис сылын салайар. Урут саха тылын уонна литэрэтиирэ тылын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Василий  Максимов «Бэлэм буол» хаһыакка эдэр кэрэспэдьиэннэри түмэн үлэлэтэригэр Прасковья Николаевна оҕо сылдьан дьарыктаммытын туһунан этэр. Василий Егорович «Кыым», «Коммунизм суола» хаһыаттарга уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ буолан, хаһыакка элбэх ыстатыйалара бэчээттэммиттэр. Прасковья Николаевна учууталын утумнаан оҕолору ааҕарга көҕүлээри, суруйар дьоҕурдарын сайыннараары эдкор пуоһу салайан үлэлэтэр. Эдкордар ситиһиилэрэ: 4-с кылаастан Элдьар Мордовской, 6-с кылаас үөрэнээччитэ Олег Адамов П.А.Ойуунускай аналлаах улуустааҕы викторинаҕа I миэстэ, «Пора роста» өрөспүүбүлүкэтээҕи дистанционнай хоһоон аҕыы күрэх кыайыылааҕа. Эдкордар фоторепортаж күрэҕэр кыттаннар грамотанан бэлиэтэнэллэр. Лия Алексеева Николай Заболоцкай айымньыларын ырытааһын күрэҕэр кыттан III-c миэстэни ылан, суруйааччы үбүлүөйүнэй кинигэтинэн, «Кэскил» хаһыат ыытар «Куобах үтүлүгэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи ааксыйаҕа Карина Григорьева үтүлүк тигэн үлэ, тыыл бэтэрээнигэр бэлэхтээн II-с миэстэлэнэн Бочуотунай грамотанан наҕараадаланнылар. X-XI кылаас үөрэнээччилэрэ Мариника Иванова, Саша Аммосов, Юлия Третьякова, Вова Васильев «Ыллык» эдкорпуоһугар үлэлээннэр, сыл түмүгүнэн «Кэскил» хаһыат бириэмийэтинэн, махтал суругунан бэлиэтэннилэр. 2014 сыллаахха пуостар икки ардыларыгар Саша Аммосов лауреат аатын ылан «Азия оҕолоро» оонньууга Бүлүү бөлөх оройуоннарын ааттарыттан талыллан, эдкор быһыытынан үлэлээн «Океан» лааҕырга путёвканан, 2015 сыллаахха Литэрэтиирэ сылыгар Ил Дархан кэмпириэнсийэтигэр Вова Васильев кыттан «Саха» НВК биэриитигэр кыттыыны ылаллар. Быйыл «Океан» лааҕырга Юлия Третьякова сынньанарга путёвканан наҕараадаланан, сотору кэминэн сынньана барыахтаах.

Прасковья Алексеева: «Үрдүкү, алын кылаас оҕолоругар «Ыллык» эдкорпуоһу эбии дьарык быһыытынан ыытабын. «Кэскил» хаһыакка ортотунан сылга 22-28 ыстатыйалар тахсаллар. Оҕолор ситиһиилэрэ өссө да салҕанан барыа турдаҕа. Оҕо төрөөбүт тылын саппааһа хаҥыырыгар, таба суруйа үөрэнэригэр үөрэтэбин. Хаһыаты, сурунаалы, кинигэни ааҕа үөрэммит оҕо билиитэ-көрүүтэ хаҥыыр, кыра да бэлиэтээһиннэри, ыстатыйалары суруйа үөрэммит оҕо айар, суруйар дьоҕура сайдар, инники ситиһиилээх буола үүнэр. «Кэскил» хаһыаттан тирэҕирэн оҕо күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттар буолар. Дьону кытта сатаан кэпсэтэр, алтыһар дьоҕурдара сайдар, олоххо миэстэтин дөбөҥнүк булар. Аныгы ыччат хаһыаты, сурунаалы кытта доҕордоһоллоругар баҕарыам этэ. «Кэксили» кытары доҕордоһуоххут — кэскиллээх ыччат буолуоххут. Биһиги кылааһынан «Кэскил» хаһыакка сүүс бырыһыан сурутууну ыыттыбыт», — диэн этэр.

Ааптар: Антонина СЕМЁНОВА

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *