Үөһээ Бүлүү Хомустааҕар саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ
Үөһээ Бүлүү улууһун дьоҕус Хомустаах нэһилиэгэр 20 миэстэлээх саҥа оскуола бастакы сыбаайатын былырыын ыам ыйыгар түһэрбиттэрэ. Тутуу үлэтэ сөпкө тэтимнээхтик ыытыллан, Саҥа дьыл кэнниттэн оҕолор саҥа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар. Бүгүн Хомустаахха икки бүк үөрүүлээх түгэн буолла. Саҥа оскуоланы аһыы уонна оҕо саада тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр.
Үөһээ Бүлүү Хомустааҕар икки төгүл үөрүүлээх күн үүннэ. Саҥа оскуола аһыллыыта уонна оҕо саадын 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр. Тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Люция Тойтонова, Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев кытыннылар.
2014 сылтан Хомустаах нэһилиэгэр сүрүн оскуола аһылларыгар улуус салалтатын кытта сөптөөх үлэ ыытыллыбыта. Аҕа баһылык Владимир Поскачин быһаччы өйөбүлүнэн нэһилиэк олохтоохторо өр кэмҥэ күүппүт кыһалҕалара туолан, 2017 сыллаахха сүрүн оскуола программатынан үөрэтэр кыах ситиһиллибитэ. Ити түмүгэр саҥа үлэ миэстэлэрэ аһыллан, кэлэктиип лаппа улаатта. Нэһилиэккэ улахан сэргэхсийии барда.
Үтүө үгэскэ кубулуйбут аалай лиэнтэни быһыы кэнниттэн саҥа оскуоланы көрүү-истии буолла. Барыта уурбут-туппут курдук дьоһуннаахтык оҥоһуллубут. «Үөрэх управлениетын начаалынньыгынан үлэлээбитим балтараа сыл буолла. Онон ити дуоһунаска үлэлии сылдьар кэммэр бастакы эбийиэгим буолар. Былырыын ыам ыйыгар Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Габышева оччолорго үөрэх миниистирин солбуйааччынан үлэлии сырыттаҕына анаан-минээн кэлэн бастакы сыбаайаны түһэрбиппит. Онон эбийиэк үйэлээх тутуу буолуоҕа, хамсыа, түһүө суоҕа диэн эрэнэбит. Оптимизация буола турар кэмигэр улуус баһылыгын быһаччы өйөбүлүнэн дьоҕус нэһилиэккэ маннык үчүгэй оскуола үлэҕэ киирдэ», — диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев санаатын үллэһиннэ.
Хомустаах оскуолата саҥа сайдыы кирбиитигэр үктэммитинэн ааҕыллар. Ол курдук, дьоҕус уонна тэйиччи сытар нэһилиэккэ саҥа оскуола үлэҕэ киириитэ улахан оруоллаах.
Кылгас ыспыраапка
Хомустаах нэһилиэнньэтин ахсаана 230. Оскуолаҕа 2018-2019 үөрэх дьылыгар 23 оҕо үөрэнэр, оҕо саадыгар 20 кырачаан сылдьар. Үөрэх кыһатыгар 11 педагог, 16 техническэй персонал үлэлиир.
Ааптар: «Үөһээ Бүлүү» хаһыат