«Эн сулускун: 50+» бырайыагы көрөөччү ылынна!

Быйыл Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр ыытыллан эрэллэр.

edersaas.ru

Биир оннук дьону сомоҕолуур тэрээһининэн «Эн — сулускун:50+!» диэн «Саха» НКИХ ыытар бэрт интэриэһинэй күөн-күрэһэ буолла. Манна 50 саастарын ааспыт, нэһилиэнньэ саамай көхтөөх араҥата кыттар буолан, кыттааччы ахсаана элбэҕэ, оннооҕор тэрийэр дьону бэйэлэрин соһутта. Бу туһунан куонкурус продюсера Марина Пермякова санаатын маннык үллэһиннэ:

Бу дьиҥнээх норуот бырайыага. Сахабыт сиригэр төһөлөөх элбэх киһи бэйэлэрин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр эрэ ыллаан-туойан, кэнсиэрдэргэ кыттан, киэҥ эйгэҕэ биллибэккэ хаалбыттара буолуой? Ол оннук ырыа куттаах дьону түмэн, кинилэр талааннарын бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ көрдөрөр сыаллаах-соруктаах бу бырайыагы толкуйдаабыппыт. 

Дьүүллүүр сүбэ нэдиэлэ аайы уларыйа туруоҕа. Бастакы туур кыттыылаахтарын СӨ народнай артыыһа Алексей Егоров, СӨ үтүөлээх артыыһа Варя Аманатова,  култуура туйгуна, «Туймаада» ансаамбыл солиһа Николай Роббек дьүүллээтилэр. Бу иннинэ «Эн сулускун!» диэн оҕолорго анаан ыытар этибит. Быйыл тэрийээччилэр 50-тан тахса аҕа саастаах дьоммутун хабыахха диэн толкуйдаатыбыт. Биллэрии биэрээппитин кытта, 300-чэкэ сайаапка киирдэ! Итиччэ элбэх кыттыан баҕалаах киһи биллиэ дии санаабатахпыт. Хас нэдиэлэ аайы сүүмэрдиир түһүмэххэ 32 киһи кыттар. Онтон 16-та куонкуруска кыттар чиэскэ тиксэр. Кинилэртэн 5-һэ финал аҥарыгар тахсар. Куонкурус олунньуга, кулун тутарга ыытыллан баран, муус устарга түмүктэнэр. «Фонограмма, баян, бытаан, түргэн ырыа» — бу маннык ирдэбилинэн наардаан, ырыаны барытын тэрийээччилэр сүүмэрдииллэр. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барытыттан кыттан эрэллэр. Бүлүү бөлөх, киин, хотугу улуустар, быһата, Сунтаартан саҕалаан, Тымныы полюһа Өймөкөөҥҥө тиийэ бааллар. Сорох дьон : «Уус-уран самодеятельноска өрүү кыттар, бэйэлэрэ ырыа ансаамбылын тэрийбит култуура үлэһиттэрин кытта тэҥҥэ уруккута хачыгаар эбэтэр эмчит тахсан күөн күрэстэһэрэ төһө сөптөөҕүй?» — диэн ыйытыахтарын сөп. Манна биир да анал идэлээх ырыаһыт кыттыбат.  Үгүстэрэ сцена бэтэрээннэрэ, тыаҕа кинилэрэ суох кэнсиэр барбат дьоно. Бу дьон улуустарыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ таҕыстыннар диэн санаалаах бу бырайыакка ылыстыбыт.

«Саха» НКИХ «Эн — сулускун:50+!» бырайыагын тэрийээччи Марина Пермякова бу санаатын кыттааччылар бэйэлэрэ бу курдук бигэргэтэллэр.

Ол курдук, 70 саастаах Иннокентий Эверстов Кэбээйи улууһун Чагдатыттан кэлбит. Кини 12 оҕолоох,  36 сиэннээх, 2 хос сиэннээх — Орто дойдуга дьоллоох олоҕу толору билбит баай киһи! Күндү киһилэригэр куораттааҕы чугас дьоно анаан бэлэмнэнэн кэлбиттэр.

Кини туһунан баяниһа Иван Иванов салгыы бу курдук кэпсээтэ:

Мин биир дойдулааҕым нэһилиэккэ биир да кэнсиэри көтүппэт киһи. Куруук ыллатабыт. Куонкуруска кыттарыгар Бэрдьигэстээхтэн уола Сэмэн миэхэ эрийэн көрдөспүтэ: «Аҕабын «сулустар» кэнсиэрдэригэр бэлэмнээн кытыннар дуу», — диэн.  Дьону сэргэхситэр бэрт бырайыак буолсу. Тыа сирин дьоно улахан сценаҕа кыттан, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тахсаллара бэрт баҕайы. Бары да киһи сэргиир ырыаһыттара. Баянистар да, улахан сценаҕа тахсан, бэйэбитин эмиэ көрдөрдүбүт, кыттар дьонтон да уопут ыллыбыт.

Мин анал идэлээх баянист буолбатахпын. Айылҕа биэрбитинэн оонньуур киһи буоллаҕым. Онон «Эн — сулускун!» бырайыакка кыттан, кырдьык да, быйылгы сылга сулус курдук күөх экраҥҥа сулустуу чаҕылыйан аастыбыт. Дьоммут сулустарын тэлэбиисэргэ устан, батсаапка ыыппыттар этэ. 

 

«Эн-сулускун!» диэн ырыа куонкуруһа буоларын туһунан биллэрии кэнниттэн Валентина Прокопьева төлөпүөнэ оргуйа түспүтэ. Биир дойдулаахтара, Тымныы полюһун олохтоохторо: «Хайаан да кытыннаххына табыллар!» — диэн накаас биэрбиттэрэ. Валентина Николаевна бу күөн-күрэскэ кыттыытын туһунан маннык ахтар:

 

Хайдах эрэ бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тахсарбыттан кыбыстар курдук этим. Онуоха кыыһым: «Кытын, дьонуҥ эрэлэ туохтааҕар да күндү», — диэбитин ылынан, кыттарга быһаарыммытым. Мин мелодист Галина Шахурдина ырыаларын наһаа сөбүлүүбүн. Өрүү кини ырыаларын ыллыыбын. Онон бу да сырыыга кумирым репертуарыттан талан кыттыыны ыллым. Куонкурус кэнниттэн Галина Шахурдина: «Итинник буһан-хатан ис!» диэн ырыабын истэн астыммытын туһунан батсаапка суруйбутуттан санаам ордук көтөҕүлүннэ. Ааптартан бэйэтиттэн итинник үрдүк сыанабылы ылыы — дьол! Куонкуруска биир дойдулаахпын — Өймөкөөн Сордоҥнооҕуттан төрүттээх Екатерина Яковлеваны кытта кытынным. Кини Амма Абаҕатыттан кыттыыны ылла.

Валентина Прокопьева  «уопсастыбаннай үлэ» диэн баран, муннукка ытаабыт киһи. Биллиилээх кыраайы үөрэтээччи суруналыыс, Өймөкөөн дьоно баар-суох ытыктыыр киһилэрэ Сергей Егоров промышленнай улууска төрүттээбит «Хотугу сардаҥа» диэн сахалыы тыллаах улуустааҕы хаһыат  уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, дьахтар сэбиэтин салайааччыта, суорумньуһут, ырыаһыт, үҥкүүһүт, соторутааҕыта тэриллибит «Өймөкөөн түмсүүтэ» коммерческайа суох тэрилтэ баар суох актыбыыһа — бу барыта Валентина Прокопьева. Билигин кини киин куоракка кэлэн кыыһыгар олорон сиэннэрин көрсөр. Ол да буоллар күн солото суох киһи. Үһүс көлүөнэ  оскуола туллар тутааҕа буолан, бүгүн кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыллыы сүүрүөҕэ, сарсын Горнай улууһугар тиийэн индийскэй үҥкүүтүн үҥкүүлүөҕэ. Биир дойдулаахтара ол туһунан батсааптан эрэ билэ олороллор. Онон Валентина Прокопьева «Эн — сулускун: 50+!» бырайыакка кыттыытын бүтүн Өймөкөөн улууһа айхаллаата.

Валентинаҕа ыалдьа кэлбит дьүөгэтэ, биир дойдулааҕа, Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Фаина Румянцева бырайыак туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:

— Биэриигэ куонкурус кыттаачыларыгар ыалдьа кэлбит дьону эмиэ кытыннарбыттара олус сонуннук көһүннэ. Хас биирдии кыттааччыны аймахтара, кылааһынньыктара, доҕотторо, кэллиэгэлэрэ, сибэкки дьөрбөтүн ууммутунан көрсөллөрө, кыттааччыга хайдахтаах курдук күндүнүй! Биһиги ыраах хоту улуустан, төһө да баҕарбыппыт иһин, кыайан смс-куоластааһыҥҥа хото кыттар кыахпыт суох: сибээс да мөлтөх, ахсааммыт да аҕыйах. Ол эрээри төрөөбүт дойдубутун бу Валентина Прокопьева курдук дорҕоонноохтук ааттатар дьонноохпутуттан олуһун киэн туттабыт!

«Суоппар Маарыйабын!» — диэн бэйэтин билиһиннэрбит ырыаһыты бары сэргии ылынныбыт. Киниэхэ ыалдьыахтаах оҕолорун, аймахтарын массыынанан анаан аҕалбыт, онтон дьиэлэригэр илдьэн биэриэхтээх эбит. Сааһын тухары суоппарынан үлэлээбит Мария Захарова, билигин сааһырдым диэн санаммакка, таксистыыр эбит. Онто да босхо. «Билиҥҥи үйэҕэ маннык дьон бааллар эбит дуу диэн соһуйаллар. Аһынарым бэрт буолан, ордук кырдьаҕастары таһабын», — диэн кэпсиир Суоппар Маарыйа. Кини Покровскай тракка олорор эбит. Аара баран иһэн, босхо дьону ылан-аҕалан ааһар эбит. Ырыа куттаах Суоппар Маарыйа «Эн сулускун: 50+» бырайыагы олус сөбүлээбит.

Оттон бу кыттааччыттан мин тоҕо эрэ бэйэм испиттэн эккирэтэ сылдьан интервью ыллым. Баҕар, дьонтон тэйиччи, тугу барытын умнан, олох атын турукка киирэн турарыттан дуу, баҕар, гитаратыттан арахсыбакка ыллаан, долгуйа сылдьарыттан эбитэ дуу — туох эрэ дьиктилээхэй түгэн баара. Ол киһим эмискэ финалист буолан хаалла! Ол эбит, кэлин өйдөөтөхпүнэ, сүрүн таабырына. Ол иннинэ мин киниэхэ чугаһаан, интервью ылбытым.

Валерий Захаров диэммин. Чурапчы Мугудайыттан сылдьабын. Хачыгаарынан үлэлии сылдьан биэнсийэҕэ тахсыбытым. Бу бырайыакка бэйэм баҕабынан кыттабын… — ити курдук кэпсэтиибитин саҥа саҕалаан эрдэхпитинэ: «Валерий Захаров диэн кимий? Уочаратыҥ кэллэ-э-э!» — диэн ыҥыран илдьэ бардылар. Сэһэргэһээччибин эккирэтэн тиийэн тэлэбиисэринэн көрдүм.

Киһим ыллаан тахсаатын кытта чугас дьонноро тулалыы түстүлэр. Мин эмиэ чугаһаан, кэпсэтиибитин салҕаан бардым: «Ыллыаҥ иннинэ кэпсэтэн испиппит дии, Валерий. Дьэ, хайдах эбитий Сулус буолар?».

Уоттаах-күүстээх, кутталлаах түгэн эбит. Долгуйдум. Сценаҕа кыттан ыллыыр диэн олох атын эбит. Мин гитарабын туппутунан дьон иннигэр аан бастаан 1978 сыллаахха тахсыбытым. Онтон ыла гитарабыттан арахсыбаппын. Ол кэми санатта бу түгэн, — диэн иһэн Валерий эмиэ ситэ кэпсээбэтэ, дьоммутун барыларын аны түмүктүүр түһүмэххэ ыҥырдылар. Чэ, түмүгү истэн баран, салгыы кэпсэтиэхпит дии саныы турдахпына: «Захаров Валерий, кыайыылаах ахсааныгар киирдиҥ, сүрүн сценаҕа ыҥыраллар!» — диэн буолла. Дьэ, онон Сулус буолбут киһи чаҕылхайдык күлүмнээн улахан сценаҕа сүүрэ турда. Кыайыылаах буолан, финал аҥарыгар аастаҕа ити.

Амма Абаҕатыттан сылдьар, Өймөкөөн Сордоҥнооҕуттан төрүттээх Екатерина Яковлева биэс финалист ахсааныгар киирэр дьоллонно. Кини үөрүүтүн чугас аймахтара кэлэн үллэһиннилэр.

Екатерина Яковлева дьүүллүүр сүбэҕэ махталын тиэрдэн туран, биир дойдулаахтарыгар санаатын тиэртэ:

Мин төрөөбүт Өймөкөөнүм уонна олоҕум силиһин тардыбыт Аммам курдук икки ытык улуус олохтоохторо миэхэ куоластарын биэрбиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Бар дьонум, эһиги эрэлгитин толорорго дьулуһуом!

«Эн — сулускун: 50+» биэриини ыытааччы Георгий Белоусов бырайыак кыттыылаахтарын аттыларыгар киэһэни быһа бииргэ сырытта, кэпсэттэ. Киниттэн биэрии туһунан санаатын ыйыталастым:

Биэрии устатын тухары кыттааччылар аймахтарын, кыааһынньыктарын, табаарыстарын кытта куонкурус саҕаланыаҕыттан бүтүөҕэр диэри бииргэ алтыстым.  Онно туран бэлиэтии көрдөхпүнэ — бу бырайыагы дьон олус да кэтэспит эбит! Тэрийээччилэр тоҕоостоох кэми бириэмэтигэр таба тайаммыттарын, бу сылаас тыыны мин, дьон ортотугар сылдьыбыт буолан, ордук чугастык биллим. Кыттааччылары чугас дьонноро айхаллыы көрсөллөрө истиҥэ сүрдээх.

Үлэ чааһын кэнниттэн, төһө да сылайдарбын, дьиэбэр олох испиттэн үөрэн-көтөн, санаалыын көнньүөрэн кэллим. Онон сырдык эйгэлээх биэрии хас субуота аайы дьон интэриэһин өссө күүскэ тардыаҕа диэн эрэнэбин.

«Эн сулускун: 50+» бырайыак кыттыылаахтара: «Өрөспүүбүлүкэ эһээлэрэ уонна эбээлэрэ, бары бииргэ өйдүү-саныы сылдьарга хаартыскаҕа түһүөҕүҥ!» — диэн ыҥырсан, үөрүүлээх дьоро киэһэ кэрэ түгэнин үйэтиттилэр.

Кырдьык да, бырайыак олус табылынна, дьон биэриини чугастык ылынна. Аатырбыт сериалы көрөр кэриэтэ, субуота күн аймахтарыгар,  доҕотторугар, табаарыстарыгар ыалдьаары Саха сирин олохтоохторо бары кэриэтэ да тэлэбиисэрдэригэр хатанан олордулар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Аны кэлэр субуотаҕа атын кыттааччылар «Саха» НКИХ устуудьуйатын көрүдүөрүн толоруохтара. Эмиэ ыраахтан-чугастан кэлбит өрөспүүбүлүкэ дьонун сомоҕолуур биир үтүө киэһэ үүнүөҕэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

3
0