Үөһээ Бүлүүгэ «Аман өс» уус тыл күрэҕэ ыытылынна
Ольга Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ төрөөбүт тыл күнүн көрсө бэртээхэй тэрээһиннэри ыытта. Сахалыы таба суруйууга дьыктаан элбэх киһи болҕомтотун тардыбыта. Кыайыылаахтарынан сэттэ киһи тахсан, добун суруктарынан уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн бэлиэтэммиттэрэ. Бүгүн улуустааҕы «Аман өс» уус тыл күрэҕэ буолла.
Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи бибилэтиэкэ мультимедийнай саалата оскуола оҕотунан, көрөөччүлэринэн туолла. «Аман өс» уус тыл күрэҕэр сүрүннээн Боотулуу, Нам нэһилиэктэрин уонна оройун кииниттэн Д.С. Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Улахан дьонтон кыттааччы, хомойуох иһин, соҕотох.
Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ оскуола үөрэнээччилэрэ саха суруйааччыларын айымньыларын уустаан-ураннаан кэпсээтилэр. Иккис түһүмэххэ көҥүл тиэмэни талан ылан, ол тула санааларын, анаарыыларын этиннилэр. Күрэҕи «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакторы солбуйааччыта Галина Семенова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Түмүккэ оҕолорго үһүс миэстэҕэ Семенова Жанна (Боотулуу), иккискэ Спиридонов Денис (Нам), Егорова Ольга (4 нүөмэрдээх оскуола), 1 миэстэҕэ Аянитов Никита (4-с нүөмэрдээх оскуола) тахсаннар, үөрүүлэрэ үс бүк үрдээтэ. «Үөһээ Бүлүү» хаһыат анал бирииһин Боотулууттан Борисов Артемҥа анаата. Онтон бибилэтиэкэ бастыҥ ааҕааччыта Аркадий Уйбаныап анал бирииһинэн Егорова Ольга наҕараадаланна.
Ааптар: Галина Семенова