Сунтаар бастыҥ учууталлара бэлиэтэннилэр

Бэҕэһээ А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатыгар улуус үөрэҕин үлэһиттэрин олунньутааҕы сүбэ мунньахтара ыытылынна. «Стратегические подходы к развитию системы образования Сунтарского улуса» диэн ааттаах киэҥ кэпсэтии буолла. 


Манна үөрэх управлениетын начаалынньыга Альберт Иванов 2018 сыллаах үлэни отчуоттаата. Ол кэннэ мунньах кыттыылаахтара түөрт бөлөҕүнэн «Разработка механизмов реализации муниципальной программы развития образования» стратегическай сессияҕа үлэлээтилэр. Пленарнай мунньахха дакылааты үөрэх управлениетын начаалынньыга Альберт Иванов, хос дакылааты Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов туруордулар. Резолюция ылылынна.

Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев «Сунтаар улууһун үөрэҕин систиэмэтин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учууталыгар М.С. Семенова, «СӨ үөрэҕин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэлэри Устье орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учууталыгар Е.Е. Иванова, Куокуну орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учууталыгар Р.Ф. Петрова, Тойбохойдооҕу «Ньургуһун» оҕо саадын музыкальнай салайааччытыгар С.Н. Попова, Түбэй Дьаархан орто оскуолатын английскай тыл учууталыгар В.С. Федорова, «Учууталлар учууталлара» бэлиэни Маар Күөл орто оскуолатын дириэктэригэр Л.С. Тотонова, Кириэстээх орто оскуолатын дириэктэрин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччытыгар П.Н. Амбросьева, Куокуну орто оскуолатын химия учууталыгар А.А. Куличкина, Арыылаах орто оскуолатын математика учууталыгар В.Е. Николаева, Тойбохой орто оскуолатын математика учууталыгар О.И. Николаева, Кутана орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччытыгар В.В. Макарова туттартаата.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин наҕараадаларынан – «СӨ үөрэҕин туйгуна» бэлиэнэн Сунтаар санаторнай оскуола-интэринээтин дириэктэрэ М.А. Бекренева, Кириэстээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала  С.А. Ксенофонтова, Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын учуутала Н.А. Назарова-Постникова, Кэмпэндээйитээҕи «Хаарчаана» оҕо саадын иитээччитэ В.С. Саввинова, Дьаархан орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы А.А. Семенова, Сунтаар 3 №-дээх орто оскуолатын технология учуутала К.М. Сергеева, Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын оскуола иннинээҕи бөлөх иитээччитэ В.М. Яковлева, Устье орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала М.С. Тихонова, «Надежда Якутии» бэлиэнэн Тойбохой орто оскуолатын устуоруйа учуутала Е.А. Григорьева, Сунтаар 2 №-дээх орто оскуолатын дириэктэрин научнай-чинчийэр үлэҕэ солбуйааччы Д.А. Михайлов наҕараадаланнылар.

Бу сылга Күүкэй, Түбэй, Күндэйэ 100 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтииллэр. Онон бу үс оскуолалар кэлэктииптэрэ, үөрэнээччилэрэ оскуоларын үйэлээх устуоруйатын, үлэтин-хамнаһын сырдаттылар. Түмүгэр СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕин туйгуна Татьяна Жиркованы 70 сыллаах үбүлүөйүнэн биир идэлээхтэрэ  эҕэрдэлээтилэр.

Ааптар: Cтанислав Ноговицын