Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэҕирии управлениетын начальнига: «Баһылык компенсация ылбат!»
Интернет-сайтарга Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин дьыссаакка сылдьар оҕолоругар компенсация ылар эбит диэн «сонун» тарҕанна. «Баһылык тиийиммэт-түгэммэт дьон ортотугар хайдах киирбитэй, дьыссаат төлөбүрүн иһин компенсацияны кини тоҕо ылыахтааҕый, хамнаһа оччо кыра дуо?» — диэн элбэх киһи дьиктиргээтэ.
Санатар эбит буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов дьаһалынан, быйылгыттан ыла дьыссаакка сылдьар оҕолордоох дьон тиийиммэт-түгэммэт эрэ буоллахтарына компенсация ылар бырааптаммыттара. Урут, төрөппүт хамнаһыттан тутулуга суох, барыларыгар компенсация көрүллэрэ.
Бу Поскачин туһунан тарҕаммыт сурахха, Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начальнига хоруйдуур:
— 2019 сылга, дьыссаат төлөбүрүгэр компенсация саҥа бэрээдэгэ олохтонон турар. Итинэн сибээстээн дьыссаат сэбиэдиссэйдэрэ испииһэктэрин тэҥнээн көрүөхтээхтэр этэ. Хас да илиистээх испииһэккэ дьыссаат төрөппүтэ бары баар, ону тустаах үлэһит информацияны түргэнник хомуйаары, дьыссаат иһинээҕи ватсап-группаҕа «дьоҥҥутун сверкалааҥ, сотуҥ» диэн ыытар. Бастакы илиискэ Владимир Семенович Поскачин төрөппүт быһыытынан сылдьарын түбэһиннэрэн, ханнык эрэ үлэһит «сонун» оҥостон атын группаларга ыытан кэбиспит.
Олунньу ый 1 күнүгэр диэри компенсацияны бары төрөппүт ыла олорбута. Биир оҕо дьыссаакка сылдьар буоллаҕына — 20%, икки оҕо — 50%, үс оҕо -70% усунуоһа компенсацияланар этэ. Владимир Семенович төрөппүт быһыытынан икки оҕотугар олунньу ыйга диэри компенсация ылар бырааптаах этэ. Оттон билигин уларыйыы тахсыбытын кэннэ ылбат буолар.
Ити ватсапка күүлэйдии сылдьар хаартыска — кумаахыттан буолбакка, экрантан, ол эбэтэр, рабочай вариантан түһэриллибит. Былырыыҥҥы шаблон аатын уларытан баран, иһин сверкалыы олороллор, — диэн Борбуев Aartyk нөҥүө дьоҥҥо быһаарда.
***
Aartyk.Ru
Сообщение Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэҕирии управлениетын начальнига: «Баһылык компенсация ылбат!» появились сначала на Aartyk.ru — Хроника, События и Факты.