“Үлэнэн бэлиэтиибин үбүлүөйбүн!”

 Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат 75 сааһын туолла.

Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, талааннаах литературнай кириитик, публицист, бэйиэт, уопсастыбаннай диэйэтэл Семен Андреевич Попов-Тумат бүгүн, олунньу 23 күнүгэр, 75 сааһын туолла.

Аҕата өссө сэрии иннинэ киин сиртэн хоту бултаах-балыктаах Булуҥҥа киирэн, Сэмэн 1944 сыллаахха Тумат арыытыгар күн сирин көрбүтэ. Ол эрээри, төрөппүттэрин дойдутунан чулуу үлэһит дьоннордоох, мааны-солко хатыҥ чараҥнардаах Чурапчыттан төрүттээҕин-уустааҕын оҕо эрдэҕиттэн өйдүү-билэ улааппыта. Орто оскуоланы Чурапчыга бүтэрбитэ. Оттон саха бастакы лингвист-учуонайа, саха алпаабытын суруйбут, сахалыы бастакы букубаар ааптара Семен Андреевич Новгородов сиэн быраата буоларын кини, төрөөбүт төрүт тылбытынан суругу-бичиги төрүттээбит улахан учуонай аатын үйэтитиини олоҕун дьыалатынан ылыммытынынан, дакаастыыр. Ону саха саҥалаах барыта билэр. Тус бэйэтин уус-уран айымньыларын сэргэ, улахан, киэҥ, махталлаах үлэни Сэмэн Тумат, бу олоххо билигин суох саха талааннаах суруйааччыларын литературнай нэһилиэстибэлэрин пропагандалааһыҥҥа ыытар. Бу көннөрү тыллар буолбатахтар. Ону барытын Сэмэн Андреевич, кимтэн да ыйыыта-кэрдиитэ суох, сүрэҕин баҕатынан үйэтин тухары ыытар араас өрүттээх дьоһуннаах үлэтинэн, бэчээккэ таһаарар үгүс ахсааннаах, дириҥ ис хоһоонноох кинигэлэринэн, итэҕэтэр. Уопсайа 40-ча кинигэ ааптара. Хомуйан оҥорбут кинигэтэ өссө элбэх. Кини өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн мэлдьи тахсар, көрөөччүгэ-истээччигэ,  киэҥ ааҕааччыга санаатын тиэрдэр. Сүрэхтээх, үлэһит киһи диэн кини. Олоххо көхтөөх позициялаах. Тугу да көрөн турбат— хайаан даҕаны санаатын аһаҕастык этэр, сыана биэрэр. Ол иһин Саха сирин хайа баҕарар улууһугар, түгэх нэһилиэктэригэр Сэмэн Тумат — куруутун күүтүүлээх күндү ыалдьыт.

Суруйааччы Сэмэн Тумат, Чурапчытааҕы Култуура управлениетын начаалынньыга Дмитрий Попов уонна бэйиэт, кириитик, тылбаасчыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Винокуров-Урсун.

 Мин Семен Андреевичтан, “быйылгы үбүлүөйдээх сылгын хайдах хайысхалаатыҥ?”, — диэн ыйыттым. Онуоха кини:

—Эдэр эрдэхпиттэн, урут да, билигин да, мин 2-лии, 3-түү кинигэ саппаастаах үлэлээн кэллим. Ити миэхэ улахан тирэх буолла. Ол гынан баран, оннук саппааһыран үлэлиир биир итэҕэстээх – олус мунньуллан хаалар! 10-тан тахса рукопись буолбут… Онон, толкуйдаан баран, бу, тахсыбакка сылдьыбыт 40-ча сыллааҕыта суруйбут сэһэннэрбин нууччалыы тылбаастаттым.  “Муора арыытыгар олох” диэн бастакы сэһэммин Владимир Федоров тылбаастаабыта. Онон мин Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар киирбитим. Аны, “Улуу Кыыл тыына” уонна “Мууска быстарыы” диэн икки сэһэммин быйыл Алексей Амбросьев тылбаастаата. Биир сэһэммин Степан Сивцев-Хамалҕа нууччалыы тылбаастаата. Маны барытын түмэммин, “Повести устья Лены” (“Өлүөнэ төрдүнээҕи сэһэннэр”) диэн кинигэни “Бичиккэ” таһаартаран эрэбин. Маны таһынан, үгүс кэпсээннээхпин. Ону, бэйэтин үтүө санаатынан ылсан, айар куттаах, бэрт  дьоҕурдаах суруналыыс, суруйааччы Геннадий Бечеряков  нууччалыы тылбаастаан, “Полярная звезда” сурунаал “Добром за добро” рубрикатыгар таһаартарда. Итиннэ эбии Хамалҕа “Эстибит үөс” диэн айымньыбын тылбаастаата, ону “Полярная звезда” “Сэмсэтигэр” бэчээттиэх курдуктар. Оттон 20-тэн тахса сыл үлэлээбит хаан-уруу “Чолбон” сурунаалым “Сэмсэтигэр” хоһооннорум тахсыахтара. Итиэннэ, “Полярная звезда” айар үлэһитэ Ираида Попова философскай хоһооннорбун тылбаастыы сылдьар. Дьэ онон, быйылгы үбүлүөйдээх сылбар хайысхам – литературнай нэһилиэстибэбин нууччалыы тылбаастааһыҥҥа болҕомтобун уурдум. Манна эбэн этиэм этэ, мин туспунан, литературоведтар өттүлэриттэн  монографиям суруллубата. Онон, бэлиэ буоллун диэн, учуонайдар, академиктар, бэрэпиэссэрдэр, ааҕааччыларым мин айымньыларбар сыана быһыыларын түмэн, “Олох биэрбит алгыһа” диэн кинигэни дойдубар Чурапчыга таһаартаран эрэбин.  Уонна, инники былааннарым туһунан кыратык сэгэтэн эттэхпинэ, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын туоларын көрсө, дойдутугар улахан өҥөлөөх лигвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов туһунан бөдөҥ кинигэни бэлэмнии сылдьабын, — диэн сэһэргээтэ.

 

ххх

Дойдутугар Чурапчыга, Болтоҥоҕо бу ый 27 күнүттэн саҕалаан, саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат 75 сааһыгар аналлаах декада ыытыллыаҕа. Оттон киин куоракка Дьокуускайга, П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга Семен Андреевич Попов-Тумат 75 сааһыгар аналлаах айар биэчэрэ буолуоҕа.

 

Татьяна МАРКОВА.

 

Ыспыраапка

 

Попов Семен Андреевич –Тумат

 

1944 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Булуҥ улууһугар Тумат нэһилиэгэр учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

1973 с.  Саха государственнай университетын саха тылын уонна литературатын салаатын бүтэрбитэ.

П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой научнай үлэһитэ.

«Эдэр коммунист» хаһыат кэрэспэдьиэнэ, отделын сэбиэдиссэйэ.

Чурапчы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын производствотыгар управляющайдаабыта, улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыакка кэрэспэдьиэннээбитэ.

Чурапчы улууһун «Маарыкчаан» телерадиостудиятыгар  сүрүн эрэдээктэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ.

1993 с. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтигэр уочарка уонна публицистика салаатын эрэдээктэрэ.

Бастакы хоһоонноро 1965 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. «Сылгы кистиир сыһыытыгар» диэн уочаркаларын бастакы хомуурунньуга 1981 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. 1994 сыллаахха Г. И. Макаров — Дьуон Дьаҥылы айар олоҕун туһунан чинчийиилэрэ бэчээтэммиттэрэ.

Айымньылара:

  • Сылгы кистиир сыһыытыгар: Очерк / С. Тумат, В. Дарбасов. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1981. — 32 с.
  • Муора арыытыгар олох: Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1986. — 112 с.
  • Туундара оһоҕо: Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1989. — 88 с.
  • Улуу кыыл тыына: Сэһэннэр, кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1992. —176 с.
  • Дьуон Дьаҥылы. — Дь.: Бичик, 1994. — 160 с.
  • Иэс төлөнүүтэ: Кэпсээннэр, дьүһүйүүлэр, бэлиэтээһиннэр. — Дь.: Бичик, 1994. — 128 с.
  • Батыһыннарыылаах биэ: Оҕолорго кэпсээннэр. — Дь.: Бичик, 1998. — 75 с.
  • А. С. Пушкин уонна Саха Сирэ. — Дь.: Бичик, 1999. — 158 с.
  • Чуумпуга төрөөбүт хоһооннор. — Дь.: Агроинформа, 2000. — 98 с.
  • Остров в белом океане: Повесть. — Дь.: Бичик, 1995. — 48 с. о.д.а.

2017  сыл түмүктэринэн С.А.Попов — Тумат оҕолорго аналлаах бастыҥ остуоруйаларын, кэпсээннэрин, сэһэннэрин иһин СӨ Бэрэсидьиэнэ олохтообут Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан литературнай бириэмийэтин лауреатын аатын ылбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Чурапчы улууһун Ытык киһитэ. Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата.

4
0

Добавить комментарий