«Симэлийбэт суол»: «Итии туочукаларга» сылдьыбыт ыччаттарга кэриэстэбил
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр Иван Черкашин «Незабвенная тропа» («Симэлийбэт суол») кинигэтигэр олоҕурбут испэктээкил буолла.
edersaas.ru
Испэктээкил бу тыйаатырга төһө да икки сылы быһа турдар, саала иһэ көрөөччүнэн толору. Хаһан буоларын курдук, ыҥырыылаах бэтэрээннэр испээктил быдан иннинэ кэлэн олордулар.
Салааҕа байыаннай сулууспалаах үлэһиттэр, «Незабвенная тропа» («Симэлийбэт суол») кинигэ ааптара Иван Черкашин табаарыстарын кытта кэлэн олордо.
Испэктээкил саҕаланыытыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ народнай артыыһа Алексей Павлов байыаннай таҥастаах тахсан, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабытын иһитиннэрэн туран, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр биһиги эйэлээх олохпут иһин турууласпыттарын санатта уонна эйэлээх кэмҥэ ыччаттарбыт эдэркээн олохторун толук ууран, хорсун быһыыны оҥороллорун бэлиэтээтэ.
— Иван Черкашин «Незабвенная тропа» («Симэлийбэт суол») кинигэтигэр олоҕуран, тыйаатыр режиссера Александр Титигиров туруоруутугар бу испэктээкил эйэлээх кэмҥэ Афганистаҥҥа, онтон Чечня, Кавказ сэриилэригэр сылдьыбыт ыччаттар хайдахтаах курдук олохторугар охсууну ылбыттарын туһунан кэпсиир, — диэн билиһиннэрдэ Алексей Павлов.
— Афганистан Народнай Демократическай Өрөспүүбүлүкэтигэр кимиэхэ да наадата суох сэриигэ уостара-уоһахтара да куура илик эдэркээн уолаттар барбыттара. Ыар сэрииттэн төннөөччүлэр эттэрэ-хааннара сэймэктэнэн, өйдөрө-санаалара алдьанан кэлбитин улаханнык чиэстээбэккэ, ааттарын ааттаабакка, умнан эрэбит. Кинилэр айдарыллан кэлбит олохторун кыыллыйбыт дьону кыргарга, өлөрөргө, өһөрөргө анаан кэлбит адьарайдарга умса астахпыт… Киһи олоҕо олус кылгас. Ону сэрии эбиитин кылгатар…
Биһиги бу испэктээкили өрөспүүбүлүкэ улуустарын кэрийэ сылдьан көрдүбүт. Киһи кэрэхсиэҕэ, кулууптарага миэстэ тиийбэккэ, истиэнэҕэ өйөнөн туран көрөөччү үгүс этэ. Икки сыллааҕыта тыйаатыр бу саалатыгар эмиэ оннук хартыына этэ. Онон көрөөччү бу испэктээкили ылынна. Сэриигэ сылдьыбыт уолаттар оруолларын толорор артыыстар саллааттар суруктарын ааҕаллар. Бу мин өйбүттэн айбатаҕым — суруктар ааптардара ким сэрии хонуутугар хаалбыта, ким дойдутугар инбэлиит буолан төннүбүтэ. Онон биһиги бүгүҥҥү эйэлээх кэмҥэ олорор олохпутугар «итии туочукаларга» сылдьыбыт ыччаттарбытын умнубат туһугар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын айар кэлэктиибэ оҕолорбутун патриотическай тыыҥҥа иитэр соруктаах мин кинигэбиттэн испэктээкил оҥорон таһаарбыттарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын, — диэн санаатын тиэртэ «Незабвенная тропа» («Симэлийбэт суол») кинигэ ааптара, Арассыыйа спецнаһын бэтэрээнэ, Хорсун быһыы уордьан кавалера, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Черкашин.
Оҕо уонна ыччат спордун сайыннарыы киинин дириэктэрэ, «Арассыыйатааҕы воинскай братство» эригийиэннээҕи сойууһун салайааччыта Михаил Габышев Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлээн туран, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ сыралаах үлэлэрин иһин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын художественнай салайааччытыгар, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ народнай артыыһа Алексей Павловка уонна тыйаатыр режиссера Александр Титигировка «Арассыыйатааҕы буойуннар түмсүүлэрэ» Бүтүн Сойуустааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ үрдүкү наҕараадатын — «Сэбиэскэй аармыйа уонна Байыаннай муоратааҕы флот 100 сыла» мэтээли туттарда.
Испиктээкилгэ Афган сэриититтэн аҥар атаҕа суох эргиллибит эдэр киһи олоҕор баҕа санаатын ситиспэккэ эдэр сааһыгар Орто дойдуттан барбыта кэпсэнэр.
Испэктээкил хас биирдии сценатыгар саллааттыы сылдьар ыччаттар сэрии кэминээҕи уонна эйэлээх олохторо тэҥҥэ арыллыбыта — интэриэһинэй көстүү.
Ол курдук, ахтыы кэмигэр оччотооҥу кэм ырыаларын доҕуһуолугар, Афгантан бааһыран кэлбит ыччаттар төрөөбүт дойдуларын булар долгутуулаах түгэннэрэ — киһи хараастар түгэнэ…
Афганистан сэриитин туһунан ыаллыы олорор киһититтэн истэн улааппыт эдэркээн оҕо аны бэйэтэ Чечня сэриитигэр аттанар кэмэ үүнэр.
Кини аата эмиэ Иван Черкашин «Незабвенная тропа» («Симэлийбэт суол») кинигэтигэр киирэн, бэйэтин көлүөнэтин ыччаттарын бойобуой суолларын сырдатар.
Иван Черкашин эппитин курдук, испэтээкил биир күүстээх өрүтэ — ыччаттар төрөппүттэригэр, таптыыр кыргыттарыгар, доҕотторугар, чугас аймахтарыгар ыыппыт суруктарын ааҕыы. Сэрииттэн эргиллээт, ким ыраах Анаабырга тиийэн табаһыттыы барарын, ким төрөөбүт Уус-Маайатын улууһугар, төрөөбүт Эдьээнигэр бултуу тиийэрин, ким таптыыр кыыһын кытта ыал буоларын суруйаахтыыллар…
Онтон ким эрэ: «Оҕолоор, туруйалар ааһан эрэллэр. Ити биһиги Сахабыт сиригэр көттүлэр«, — диэтин кытта, саллааттар тура охсоот, төрөөбүт Сахаларын сиригэр, төрөппүттэригэр, тапталлаахтарыгар, доҕотторугар — ким хайдах сатыырынан илдьиттэрин тиэрдэллэр. Оо, киһи хараастыах түгэнэ…
Онно эбии туруйа хаһыыта, туолбатах ыра санаа, Афган сэриитин саҕанааҕы курус ырыа — бу барыта хайдахтаах курдук улахан Сүтүгү, эдэркээн ыччаттарбытыттан эйэлээх кэмҥэ хаһан да эргиппэттик сүтэриибитин санатар.
Барахсаттар, үйэ саас тухары буулдьа, саа тыаһыгар доҕуһуоллатан, уот кыымын ортотугар хааллахтара. Бу түгэни режиссер уот-тыас күүһүнэн эмиэ олус итэҕэтиилээхтик ойуулаан көрдөрдө.
Испэктээкилгэ Ийэ оруола аҕыйахтык көстөн ааста эрээри — хайдахтаах курдук көстөн ааста!Саҕаланыытыгар чүмэчи уотугар оҕотун сүтэрбит Ийэ мөссүөнэ (арт. Мария Данилова) көстөр.
Бүтэһигэр борук-сорукка Ийэ оҕотун кытта быраһаайдаһан, саҥата суох олорор түгэнэ, кыргыстаах сэрииттэн эргиллибэтэх ыччаттар дойдуларыгар тыыннаах эргиллибэтэхтэриттэн Ийэ сир иччэтихсийбитин бэлиэтэ…
Көрөөччүлэр артыыстарга дохсун ытыс тыаһынан махталларын биллэрдилэр.
Афган, Чечня, Кавказ сэриитигэр сылдьыбыт, сулууспалаабыт дьон испэктээкили туруорбут дьону, артыыстары уонна кинигэ ааптара Иван Черкашины кытта хаартыскаҕа түстүлэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru