Абаҕа оҕолоро туолбатах ыра санааны ойуулаан көрдөрдүлэр
Тыйаатыр режиссера Федот Потапов аатынан «Мааска» оҕо тыйаатырын устуудьуйата Амма Абаҕатыгар 2006 сыллаахха муусука оскуолатын иһинэн тэриллибитэ.
edersaas.ru
РФСРC үтүөлээх артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Федот Потапов быйыл 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар тыйаатыр устуудьйута үгүс үлэни ыытар былааннаах.
— Быйыл күһүн улуустааҕы култуура киинин кытта Абаҕатааҕы Духуобунас киинэ кыттыһан өрөсбүүлүкэтээҕи таһымнаах уус-уран ааҕыы күрэһин ыытар былааннаахпыт. Аатырбыт биир дойдулаахпыт Федот Потапов үбүлүөйүн ахсынньы ыйга Тыйаатыр сылын түмүктүүр дьаһалы кытта бэлиэтиэхпитин баҕарабыт, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр «Мааска» устуудьуйа режиссера Евгения Попова.
Айар үлэһит 2003 сыллаахха Култуура колледжын Ольга Стручкова кууруһун бүтэрбит. Онтон Илин Сибиирдээҕи култуура уонна искусство академиятын филиалыгар үөрэнэн, режиссер-преподаватель идэтин ылбыт. Мантан салгыы Евгения Попованы кытта кэпсэтэбит.
— Устуудьуйаҕар артыыс оҕолору хайдах талаҕын?
— Кылаабынайа, оҕоҕо тыйаатырга оонньуур баҕата наада. Оннук оҕолр кэллэхтэринэ, саастарынан наардыыбын.
— Саха тыйаатырыгар оонньообут оҕолор хаһыс кылаастарый?
— Ити «Мааска» устуудьуйа иккис выпускниктара, 11-с уонна 9-с кылаас оҕолоро. Абаҕатааҕы муусука оскуолата сабыллыаҕыттан ыла, оҕолор Үстүүн Нохсоороп аатынан Духуобунас киинин народнай тыйаатырын иһинэн дьарыктаналлар. Устуудьуйабытыгар оҕолор бэйэлэрин баҕаларынан уопсайа 9 сыл утумнаахтык дьарыктаннылар. Устуудьйа бастакы выпускниктара номнуо улаатан, үлэһит, ыал буолан олороллор. Кинилэртэн биирдэстэрэ Женя Николаев салгыы анал үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, билигин Амма народнай тыйаатырын режиссерунан үлэтин ситиһиилээхтик саҕалаата.
Сыл аайы ыытыллар тыйаатыр араас күрэстэригэр кыттан, оҕолор ситиһиилэрэ үксээтэ. Ол курдук, үгүстэр «лауреат» уонна «Гран-при» ааттары ылары ситистилэр, араас путевкаларынан санаторийдарга сынньаннылар.
— Холобура, ханнык бэстибээллэргэ кытыннылар?
— «Синяя птица» тыйаатыр бэстибээлигэр сыл аайы кыттабыт. 2013 с. уон оҕо «Океан» лааҕырга баран кэлбиттэрэ. Сайын аайы Харама хайатыгар сынньанабыт. Оҕолорум саас-күһүн Аан Ийэ айылҕаҕа сылдьан, биир ыал оҕолорун курдук тутуспутунан улаатан кэллилэр.
— Саха тыйаатырыгар көрдөрүллүбүт Ленинград блокадатыгар сыһыаннаах испэктээк хайдах «төрөөбүтэй»?
— Евгения Лепковская ахтыы кинигэтигэр Исай Попов, Ксения Гаврильева күннүктэригэр олоҕурбут «Тоҥуу хаарга сибэккилэр» диэн испэктээги былырыын оҕолорбор анаан олус түргэнник суруйбутум. Тутатына туруоран, «Туос Маскы» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тыйаатыр күрэҕэр кыттан, Гран-при аатын ылбыппыт.
Онтон устуудьуйа уочараттаах выпуһун испэктээгин быһыытынан биир дойдулаахтарбытыгар көрдөрбүппүт. Бу испэктээги СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова көрөн баран, Саха академическай тыйаатырыгар көрдөрөрбүтүгэр сүбэлээбитэ.
Онтон ыла оҕолорум Саха тыйаатырыгар бу испэктээги туруорарга ыра санаа оҥостубуттара. Ол баҕа санаалара туолан, тыйаатыр көрөөччүнэн туолан, дохсун ытыс тыаһын бэлэхтэттилэр.
Кырдьык, саала иһэ толору көрөөччүнэн туолбута уонна дьон сүһүөҕүн үрдүгэр туран ытыс таһыммыта — саҥа олох суолугар үктэнэн эрэр оҕоҕо төһөлөөх күндүтүн киһи этэ барбат. Оттон салайааччы дууһатын үөрүүнэн туолбутун туһунан Евгения Попова бу курдук бэлиэтиир:
— Саха тыйаатырыгар оонньообуттарыттан дьолломмут, долгуйбут, астыммыт оҕолорбун көрөн, бу сыллар мээнэҕэ ааспатах эбиттэр диэн мин тус бэйэм олус үөрдүм.
… Оҕолор испэктээктэрин туруораат, астыны бөҕөтүн астынан, төрөөбүт Абаҕаларыгар түүннэри айаннаабыттара. «Мааска» устуудьуйа оҕолоругар бу курдук «сулустаах чаастара» үксүү турарыгар баҕарабыт!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.