Кумааҕыттан — сыл бэлиэлэрэ

Нам улууһугар ситэриилээх былаас отчуотугар сылдьан, улуус киининээҕи Култуура дьиэтигэр биир олус интэриэһинэй быыстапка буола турарыгар түбэспитим.

edersaas.ru


Көрүдүөргэ араас кыыл-сүөл, остуоруйа дьоруойдара, мааска арааһа дьон көрүүтүгэр быыстапкаҕа тураллара.

Ыйыталаһан билбитим, Култуура дьиэтин киэргэтээччи-худуоһунньуга Максим Аргунов үлэлэрэ эбит. Папье-маше курдук илиинэн оҥоһук көрүҥүн баһылаабыт маастар кумааҕыттан үлэлэрин көрөн киһи сөҕөр.

Максим Кириллович 1987 с. Төҥүлүтээҕи 4 №-дээх ПТУ-ну бүтэрэн, киэргэтээччи-декоратор идэтин ылбыт. Төрөппүттэрэ илиилэригэр талааннаах дьон эбит: аҕата — уруһуйдьут, уус, ийэтэ — иистэнньэҥ. Онон айар куттаах киһи оҕо эрдэҕиттэн кэрэҕэ-сырдыкка тардыһан улааппыт.

Сыл бэлиэлэрэ – Саҥа дьыл кэрэһиттэрэ

Максим Аргунов папье-машенан дьарыктаммыта ырааппыт. Саҥа Дьыл аайы Сыл бэлиэтин оҥорор эбит. Бастаан Эриэн үөн бэлиэтиттэн саҕалаабыт. Онтон сыл аайы, ханнык бэлиэ уочарата кэлэринэн, кумааҕыны килиэйдээн, улахан кээмэйдээх оҥоһуктары оҥорор буолбут.

12 сыл буола-буола Сыл бэлиэлэрэ төннөн кэлэр буолбуттар. Урут Бэлиэ уруһуйунан оҥоһуллар эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга худуоһунньук улахан кээмээйдээх фигуралары оҥорор буолбут. Саҥа дьыл буоларын саҕана, Сыл бэлиэтэ фойеҕа бэйэтин миэстэтин булан турар.

Ити курдук Максим Аргунов оҥоһуга остуоруйа дойдутун таабырыннаах кистэлэҥэр угуйан, дьоҥҥо кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһар баҕа санааны сахпытынан барар. Быйыл Сибиинньэ сылыгар Ийэ сибиинньэ оҕолорун кытта күрүө иһигэр тураллара, бэйэтэ ураты дьикти, санааны манньытар көстүү.

Кумааҕыттан оҥоһук кистэлэҥэ

 Биллэн турар, папье-машье оҥоһукка элбэх кумааҕы наада. Максим Аргунов хасааһын бибилэтиэкэлэр хааччыйаллар эбит.

— Нууччалыы эттэххэ, “списаниеҕа” тахсыбыт хаһыаттары, сурунааллары миэхэ анаан мунньаллар, — диэн кэпсиир худуоһунньук.

Кумааҕы оҥоһук технологията урут тиэстэ эбит. Билигин Максим Кириллович “Бустилат” килиэйинэн туттар. Кумааҕытын түөртүү-биэстии хос килиэйдиир. Наһаа халыҥ буоллаҕына, көстүүтэ модороон буолар эбит. Араастаан токурутарга, быһарга-кыччатарга бэриммэт даҕаны. Маастар оҥоһугун киэргэтэргэ “маслянай” дэнэр кыраасканан туттар. Онто наһаа өр куурар буолан, түргэнник куурар нитро-кыраасканан туттуон баҕарар.

Ыт сылын бэлиэтэ

Бу бэлиэ киһи хараҕар олус быраҕыллар. Олох дьиҥнээх ыт курдук. Маны маастар хайдах оҥорбутун ыйыталастым.

— Бу ыт 1,5 м кээмэйдээх. Бастаан риэйкэнэн каркаас оҥорбутум. Шуруповерунан эрийэн, онтубун хордуонунан эрийбитим. Онтон каркааспын пластилинынан сыбаабытым. Ол кэнниттэн оҥоһукпун аһы харайар салапаанынан бүрүйбүтүм. Онтон бустилаакка быламмыт кумааҕынан сыбаабытым. Бастакы сыбаҕым күн аҥаара курдук туран куурбутун кэннэ, эрдэ бэлэмнээбит сурадыһыммынан оҥоһукпун иккистээн килиэйдээбитим. Сарсыныгар куурбут оҥоһугу ортотунан быһаҕынан быһан баран, икки өттүттэн холбоон, килиэйдээн кэбиспитим. Куурбут кумааҕы оллурун-боллурун аалан, көннөрбүтүм. Ыт түүтэ – искусственнай. Народнай тыйаатырдар көстүүм тиктибиттэрэ ордубутун миэхэ биэрбиттэрэ. Ол онон бэлэм “ыппын” бүрүйэн кэбиспитим. Онтон хараҕын, муннун, бытыгын тимэҕинэн, суумка тириитинэн килиэйдээбитим. Уопсайа ый курдук оҥорбутум.

Маасканы оҥоруу – туспа маастырыстыба

Саҥа дьыллааҕы мааска арааһа – худуоһунньук айар үлэтин биир саамай тутаах өрүтэ. Холобур, ат төбөтө — бэрт интэриэһинэй оҥоһук.

— Сиэлэ — оту престиир быа. Сабын сыыйарга бириэмэ бөҕө барар. Бу маасканы нэдиэлэ курдук оҥорбутум. Эмиэ каркааска пластилины сыбаабытым. “Итиччэ элбэх пластилины хантан ылаҕын?” – диэн ыйыппыппар, Максим Кириллович: “Оҕо уһуйааннарыттан ылабын”, — диир. Оҕо саадыгар уонна алын сүһүөх кылаастарга туттуллубут эргэ пластилиннары мунньан, маастарга туттараллар эбит. Уопсайынан, Максим Аргунов дьарыгын билэр буолан, ким туох кыалларынан биэрэ-бэрсэ олорор. “Үлэх элбэх киирэр. Маастар-кылаастарга ким баҕалааҕы үөрэтэ сатыыбын да, үлэтэ ньаҕайа бэрт буолан, ким да бу дьарыкка улаханнык сыстыбат”, – диэн кэпсиир худуоһунньук.

Үлэни үйэтитии

Хомойуох иһин эбитэ дуу эбэтэр оннук буолуохтааҕа дуу, Максим Аргунов сүүрбэттэн тахса сыллаах айар үлэтин быыстапкатын быйыл саҥа оҥорбут. Бу иннинэ ханна да таһааран үйэтитэ илик үһү. Дьиҥэр, үлэ түмүгэ бэртээхэй кинигэ дуу, киинэ дуу буолан тахсыан сөп эбит.

Мин маастартан: ”Бу маны барытын хайдах сатаан харайаҕыный? Сайын ардахха сиигирэрэ эҥин буолуо дии?” – диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим: “Ээ, туттуллан бүттэ да, дьиэм кырыыһатыгар тамныыбын”, — диир. Онон дьиэ кырыыһата маастар оҥоһуктарын ыскылаата эбит.

Быыстапкаҕа Максим Аргунов харандааһынан дьон мэтириэтин уруһуйдара эмиэ экспонат быһыытынан турбуттар. “Быыкаа хаартыскалартан улаатыннаран таһаарбыт уруһуйдарым”, — диэн астына кэпсиир худуоһунньук.

Маастар-худуоһунньук үлэлэрин кытта билсэн баран: “Кумааҕыттан маннык оҥоһуктары оҥорон таһаарыы, дьэ, дьиҥнээх сатабыл диэтэҕиҥ!” – дии саныыгын.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ.

3
0