Быысыбайдьыт суоппар

Горнай улууһугар, Бэрдьигэстээххэ, кыраайы үөрэтэр музейга сарсын бэрт интэриэһинэй быыстапка буолаары турар. 


Бу уу таһар массыына суоппара,  иллээх ыал аҕа баһылыга, икки оҕо амарах аҕата,  сиэннэр тапталлаах эһээлэрэ, булчут, балыксыт Николай Афанасьев быысыбайдарын быыстапката.

Мин кинини кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым.

Ийэм Людмила Николаевна быысыбайдыырын, макраменан дьарыктанарын наһаа сөбүлүүрэ. Эбээм Акулина Федотовна Михайлова иистэнэрэ, этэрбэс бөҕөтүн тигэрэ.  Кэлин, эдьиийим Акулина Николаевна: «Киһи иллэҥ кэмигэр тугунан эмэ дьарыктаныахтаах», — диэн быысыбайдыырга үөрэппитэ.

Сэтинньиттэн кулун тутарга диэри иллэҥсийэбин. Ол иһин, уһун киэһээлэргэ анаан-минээн олорон быысыбайдыыр буолбутум сэттэ сыл буолла.  Үлэм, арааһа, 20-ттэн таҕыстаҕа буолуо. Кэргэним Дария Гаврильевна сөбүлүү көрбүт хартыыналарын аҕалан биэрэн иһэр, ону кириэстии анньан тигэбин. Кини араамалыыр. Дьэ оннук. (күлэр).

Аан бастаан дьуоһу быысыбайдаабытым. Оттон икки сылы быһа сыраласпыт хартыынам — виноградтаах кыыс. Улахана да бэрт уонна килиэккэлэрэ бып-бытархайдар этэ. Ортоку кээмэйдээхтэри иккилии ыйынан бүтэрэбин. Ити курдук кыһынын дьиэҕэ ис-тас үлэни үмүрүттүм, кинигэ, хаһыат аахтым да, быысыбайбар түһэбин. Онон бириэмэбин туһалаахтык атаарабын дии саныыбын, — диэн кэпсиир.

Николай мантан саас массыынатын өрөмүөнүгэр турунаары сылдьар. «Үлэ-хамнас кэмэ  ыган кэллэ. Аны күһүҥҥэ диэри түбүк-садьык элбиир«, — диэн этэр.

 

Горнайдар: «Биһиги дьоммут хайдах да үлэттэн иҥнэн-саллан турбаттар. Дьиэ тутуохтара, көлө өрөмүөннүөхтэрэ, уруһуйдуохтара уонна киһини эрэ манньытар, долгутар кэрэ хартыыналарын быысыбайдыахтара», — дииллэр чахчы да киэн туттан.

 

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Афанасьевтар дьиэ кэргэн архыыптарыттан

 

4
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *