Түөкүннээһин элбээн иһэр чинчилээх
Ону аһаҕастык этиэххэ наада. Олохпут уустугуран дуу, үлэтэ-дьарыга суох киһи ахсаана эбиллэн иһэриттэн дуу биитэр дьону албыннаан “чэпчэки” харчыны сырсар ымсыы санаалаахтар үксээн дуу, буруй бу көрүҥэ күнтэн күн “сайдан” эрэ иһэр.
edersaas.ru
Итинтэн сэдиптээн, бүгүҥҥү ыстатыйабар СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин, өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын, Дьокуускай куорат федеральнай суутун пресс-сулууспаларын биһиги хаһыаппытыгар анаан биэрбит матырыйаалларыгар олоҕуран, дьиҥ олоххо буолбут чахчылары тиэрдэбин. Бэйэбит аттыбытыгар баар дьон түбэспит түбэлтэтэ атыттарга сэрэтии, үөрэх буоллун диэн.
Номнуо 89 киһи албыннатта
Түөкүннээһин көрүҥэ араас. Дуоһунас боломуочуйатынан туһанан эмиэ баар. Ол эрэн, бүгүҥҥү ыстатыйаҕа чуолаан интэриниэт, мобильнай сибээс нөҥүө түөкүннээһиҥҥэ тохтуубун.
Ааспыт 2018 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 652 түөкүннээһин (РФ Холуобунай кодексатын 159-с ыстатыйата), 332 баан каартатыттан (счетуттан) уоруу (РФ Холуобунай кодексатын 158-с ыстатыйата) чахчылара бэлиэтэммиттэр. Түөкүннээһинтэн 50-на, баан каартатыттан уорууттан 163-һэ арыллыбыт.
Бу сыл тохсунньу ыйыгар 52 түөкүннээһин бэлиэтэммититтэн 49-һа арыллыбыт, баан каартатыттан 37 уоруу оҥоһуллубутуттан 9-һа арыллыбыт. Маннык буруйдары арыйыы уустук диэн этэллэр. Тоҕо диэтэр, үгүс түбэлтэҕэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олорор түөкүттэр албынныыллар, дьыала ол региоҥҥа тэриллэн силиэстийэлэнэр.
Чуолаан, Дьокуускай куорат федеральнай суутугар 2018 сылга уопсайа 1468 дьыала көрүллүбүтүттэн, 126-та түөкүннээһиҥҥэ сыһыаннаах, 18 дьыала бу сылга салгыы көрүллэр. Түөкүннээһиҥҥэ 98 дьыалаҕа бириигэбэр тахсыбыт (накаастабыл миэрэлэр – көҥүлү быһыы уонна ыстараап), 15 дьыала сабыллыбыт, 9 дьыала борокуруорга төннөрүллүбүт.
Маныаха, дьиҥэр, түөкүттэр угаайыларыгар дьон түбэспэтин туһугар сэрэтэр үлэ нэһилиэнньэҕэ тиһигин быспакка ыытыллар. Ол эрээри, көрөрбүт курдук, дьон син биир киирэн биэрэ турар. Ол, арааһа, хас биирдии киһи «мин оннукка түбэһиэм суоҕа» диэн эрэбиллээхтик саныырыттан буоллаҕа буолуо.
Ноутбугун атыылаары
Ол курдук, Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥ кэмигэр Ньурба улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар 18 саастаах кыыс эрийбит. Кини быһаарбытынан, ааспыт сылга ноутбугун атыылыыр туһунан биллэрии биэрбит. Онуоха биир киһи «атыылаһабын» диэн эрийбит. Уонна баанын каартатын нүөмэрин этэригэр көрдөспүт. Кыралаан төлүөм, бастаан 6 тыһыынча солкуобай харчыны ыытыам диэбит. Кыыс нүөмэрин этэн биэрбит.
Ол кэнниттэн кыыс төлөпүөнүгэр бигэргэтэр кодтардаах смс-иһитиннэриилэр кэлитэлээбиттэр, ону барытын эрийбит киһиэхэ этитэлээн испит. Онтон кэпсэтэн бүппүттэрин кэнниттэн, картатыгар харчы киирбитин туһунан буолбакка, харчы устубуттарын туһунан иһитиннэриилэр кэлбиттэр. Ол түмүгэр, кыыс баанын картатыттан 21.600 солкуобай харчыны устубуттар.
“Баан үлэһитэбин”
Соторутааҕыта аҕай Мииринэй куоракка 52 саастаах дьахтар баанын картатыттан мөлүйүөн аҥаарыттан элбэх харчытын түөкүттэргэ бэйэтэ “бэлэхтээн” кэбистэ.
Дьахтар полицияҕа быһаарбытынан, киниэхэ биир эдэр киһи эрийэн, баан куттал суох буолууга сулууспатын үлэһитэбин диэбит уонна кини толору атын-суолун, нүөмэрин төлөпүөнүн ымыттан да көрбөккө ааттаабыт. Итиэннэ кини картатыгар саарбах транзакция оҥоһуллан эрэрин, ол эпэрээссийэни тохтотуохха наадатын, онуоха төлөпүөнүгэр кэлэр СМС-кодтары киниэхэ этэригэр сүбэлээбит.
Ол эрэн, эмсэҕэлээччи ол СМС-кодтары түөкүҥҥэ эппитин-эппэтэҕин өйдөөбөт эбит. “Баан үлэһитэ” киниэхэ иккиһин эрийбитигэр, дьэ, тугу эрэ уорбалыы санаан, баан быһа сибээһигэр эрийэн, түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбутун дьэ өйдөөбүт. Инньэ гынан, уопсайа 547.600 солкуобай харчытын уордарбыт.
Ыт оҕотун атыылаһаары
Эмиэ Мииринэй куоракка олохтоох дьахтар дьиэ кыылларыгар аналлаах биллэр сайтка «бигль» боруодалаах ыт оҕотун атыылыылларын туһунан биллэриини аахпыт. Дьахтар сайтка ыйыллыбыт нүөмэргэ эрийбитигэр, төлөпүөнү дьахтар ылбыт уонна үчүгэй боруодалаах ыт буоларынан, докумуоннары оҥотторорго диэн, 7 500 солкуобай харчыны ыытар наадалааҕын эппит.
Эмсэҕэлээччи полицейскайдарга быһаарбытынан, түөкүттэр итинник албынныылларын туһунан билэр-истэр эбит эрээри, бу “атыылааччы” дьахтарга хайдах эрэ итэҕэйбит, ол иһин харчыны тута ыыппыт. Сэрэйиллибитин курдук, харчыны тутаат, “атыылааччы” сибээскэ тахсыбат буолбут, төлөпүөнүн араарбыт.
Сиэнин быыһаары
Угаайылаах өйдөөх, суобаһа суох түөкүттэр Ленскэйгэ биир эмээхсини албыннаабыттар. Сэттэ уонус хаарын уулларбыт кырдьаҕас киһи дьоҥҥо итэҕэйимтиэтиттэн 150 тыһыынча солкуобайы уордарбытын туһунан полицияҕа бэйэтэ тыллаабыт.
Онно биллибитинэн, бу Витим бөһүөлэгин олохтооҕун дьиэтээҕи төлөпүөнүгэр биир киһи эрийэн, кини сиэнэ буолан кубулунан кэпсэппит. Суол быһылааныгар түбэстим, харчы наада диэбит. Уонна төлөпүөн туруупкатын «силиэдэбэтэлгэ» биэрбитэ буолбут, анараата кырдьык-хордьук «сиэниҥ киһини тэбистэрдэ, дьыаланы сабарга 150 тыһыынча солкуобай харчыны картаҕа ыыт» диэбит.
Эмээхсин иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, сиэнин быыһыы охсоору, көрдөөбүт харчыларын ыыппыт уонна чиэгин быраҕан кэбиспит. «Саатар куолаһа үкчү сиэним курдук этэ», — диэхтээбит кини, полицияҕа кэпсииригэр.
Бааҥҥа аймаҕын көрсөн, туох буолбутун кэпсээбит. Онуоха аймаҕа кинини полицияҕа тыллыырга уонна сиэнигэр эрийэ сылдьарыгар сүбэлээбит. Биллэн турар, сиэнэ туохха да түбэспэтэх, барыта этэҥҥэ.
Дьүөгэтигэр көмөлөһөөрү
Нерюнгри полициятыгар Серебрянай Бор бөһүөлэгин 68 саастаах олохтооҕо эрийэн, баанын каартатыттан 30.500 солкуобай харчытын уорбуттарын иһитиннэрбит. Кини кэпсээбитинэн, социальнай ситимнэртэн биирдэстэригэр дьүөгэтэ суруйан, суотабай төлөпүөнэ алдьанан, харчыга наадыйарын туһунан эппит уонна иэс көрдөөбүт.
Кыһалҕаламмыт дьүөгэтигэр көмөлөһөр баҕаттан, кини тугу этэрин толорон, баанын дааннайдарын, «мобильнай баан» өҥөтө сыһыарыллыбыт нүөмэрин барытын ыыппыт. Ол кэнниттэн төлөпүөнүгэр картатыттан харчы устубуттарын туһунан смс-иһитиннэриилэр кэлитэлээбиттэр. Ону дьиибэргээн, дьүөгэтигэр эрийэн билбитэ — киһитэ олох да төлөпүөнэ алдьамматах, киниэхэ суруйбатах буолан тахсыбыт.
Дьэ, онно эрэ өйдөөбүт, түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбитин, кини социальнай ситимҥэ баар аккаунун алдьаппыттарын. Уонна тута полицияҕа тыллаабыт.
Күндү ааҕааччылар! Төлөпүөнүнэн билбэт киһигит эрийдэҕинэ биитэр интэриниэт ситимигэр атыылыыргытыгар-атыылаһаргытыгар болҕомтолоох буолуҥ. Пааспаргыт, бааҥҥыт каарталарын дааннайдарын кимиэхэ да этимэҥ. Билигин албын-түөкэй дьон элбээбит, суобас диэн умнуллубут кэмигэр “ааһан иһэн» албынныахтарын сөп. Түөкүттэр сарсын эһиэхэ эрийиэхтэрин сөп, сэрэхтээх буолуҥ!
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.