Миниистир, тэлэбиидэнньэ ыытааччыта уонна артыыс эксээмэн туттардылар

Бэҕэһээ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров математикаҕа биир кэлим эксээмэни туттарда. Бу күн миниистири сэргэ кини солбуйааччылара Ирина Любимова, Василий Мигалкин, тэлэбиидэнньэ ыытааччыта Иван Луцкан, артыыс Евгений Пивоваров, о.д.а. кытыннылар.

edersaas.ru

Тустаах аахсыйа Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн иллэрээ сылтан ыытыллар. Бу, оскуоланы бүтэрээри, эксээмэн туттараары сылдьар оҕолорго көмөлөһөр, кинилэр төрөппүттэригэр биир кэлим эксээмэн (БКЭ) диэн урукку эксээмэннэртэн туох даҕаны улахан уратыта суоҕун, долгуйууларын намыратар итиэннэ, саамай сүрүнэ, төрөппүт бэйэтэ илэ хараҕынан көрөрүн, билэрин туһугар ыытыллар.

Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, бу күн, уопсайа, 20 киһи эксээмэни туттарбыт. Онтон сэттэтэ – математиканы, уон үһэ – нуучча тылын. Төрөппүттэр эксээмэни үүт-үкчү оскуолаҕа ыытылларын курдук ааһаллар: таҥастарын-саптарын, малларын-салларын барытын анал ыскаапка туттаран, пааспардаах уонна уруучукалаах эрэ киирэллэр, тимири көрдүүр тэрилинэн ааһаллар, эксээмэн иннинээҕи быһаарыыны истэллэр …

Миниистир Владимир Егоров: “Былырыын биир кэлим эксээмэҥҥэ нуучча тылын суруйбутум, быйыл математиканы туттардым. Былырыын, бэриллибит бириэмэбин балачча туһаммытым. Математик буоларым быһыытынан, үс чааска суоттаммыт сорудаҕы, чаас аҥаарын иһигэр суоттаатым. Бастакы сорудахтар, уопсай билиини бэрэбиэркэлииллэр. Бүтэһик садаачалар син интэриэһинэй эбиттэр. Ордук икки бүтэһик садаача толкуйу, болҕомтону эрэйэр”, — диэн эксээмэн кэнниттэн кэпсээтэ.

Оттон Хаҥалас улууһун Ой оскуолатыгар төрдүс сылын кытай тылын үөрэтэр Марк Бабатунде: “Биллэн турар, нуучча тылын үчүгэйдик баһылаабатах буолан, миэхэ уустук соҕус. Математиканы туттардым. Бырагыраамата биһиги дойдубутугар оскуолаҕа үөрэппиппит курдук. Ол эрээри, сорудахтара нууччалыы суруллубут буолан, ыарырҕаттым”, — диэн санаатын үллэстэр.

 

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Аркадий ВАСИЛЬЕВ (СИА), Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин.

 

4
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *