Норуот маастарын күнэ Дьокуускайга саха национальнай таҥаһын кэппит дьон сэлэлээн хаамыыларынан бэлиэтэннэ уонна дьон санаатыгар умнуллубаттык хаалла.
edersaas.ru
Ленин болуоссатынан саха таҥаһын кэтэн сэлэлээн хаамыы үһүс сылын ыытыллар. Сыл аайы дьон ахсаана эбиллэн, тэрээһин үрдүк таһымнанан иһэр.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Ил Дархан Айсен Николаев Сомоҕолоһуу сылыгар биллэрбитин бигэргэтэн, быйыл 27 улуустан дэлэгээттэр кэлэн кыттыыны ыллылар.
Хоту улуустартан үгүс киһи кэлэн кыттыыны ылбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, аҥаардас Үөһээ Халыма Арыылааҕыттан элбэх норуот маастара кыттыбыта сөхтөрдө.
Норуот маастардара саха дьахтарын кыһыҥҥы таҥаһын улуус аайы хото тигэллэр эбит.
Хаһан да буоларын курдук, Уус Алдан улууһун маастардара инники күөҥҥэ истилэр.
Кинилэр тикпит соннорун киһи ыраахтан тута билэр.
Бииртэн биир сиэдэрэй тигиилээх мааны сону көрөн киһи хараҕа сымныыр.
Хаҥалас дьахталларын ортотугар аатырбыт норуот маастара Вера Варфоломеева сонуттан киһи хараҕын араарбат. Бу сон омук сиригэр тиийэ быыстапкаҕа сылдьыбыта.
Чурапчы дьахталлара эр дьоннорун иннилэригэр уктан киирдилэр. Дьэ, мааны көстүү!
Чурапчы далбар хотуттара диэх курдук, киһи киэн тутта көрөр хартыыната.
Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева дьонун кытта өрүү тэҥҥэ сылдьар биир көхтөөх киһинэн буолар. Ханнык да тэрээһин буоллун, биир дойдулаахтарын өлөөннөрү кытта бу сэргэстэһэ хааман иһэр буолар. «Кимий диибин? «Кини!» — дииллэр диэн ырыаҕа ылламмыт дьокутаат кини. Елена Христофоровна: «Биһиги Саха сиригэр олорор норуоттар национальнай таҥаспыт — биһиги харысхалбыт, норуоту сомоҕолуур тыыммыт. 2009 с. Ил Түмэн дьокутааттара норуот маастардарын өйүүр сокуону таһаарбыппыт. Ол сокуоммут олоххо киирэн, норуот үгэс буолбут прикладной искусствота өссө далааһыннаахтык сайдан эрэриттэн киэн туттабыт», — диэн бэлиэтээтэ.
Саха сиригэр олорор норуоттары сомоҕолуур Норуот маастарын күнэ сыл аайы маннык далааһыннаахтык бэлиэтэнэн, таһыма өссө үрдээн иһиэҕэ. Хоту улуустар уонна промышленнай оройуоннар бэрэстэбиитэллэрэ айан ырааҕын аахсыбакка,кыттыыны ылаллара — Сомоҕолоһуу сылын биир чаҕылхай көстүүтэ.
Саха сирин маастардара бу күннэргэ маастар кылаастары ыытыахтара, «төгүрүк остуолларга» санааларын, уопуттарын атастаһыахтара.
Елена ПОТООЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.