«Саас бэлэхтэрэ» муус оҥоһуктарга оҕолор күрэхтэстилэр

«Саас бэлэхтэрэ» диэн Таатта улууһугар аан маҥнайгытын оскуола үөрэнээччилэригэр муус оҥоһуктары оҥорууга күөн күрэс ыытылынна. Бу Дьохсоҕон орто оскуолатыгар үлэ уруогун биэрэр үрдүк категориялаах учуутал Виктория Бысыина бырайыага. Күрэхтэһии өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус сэргэхтик ыытылынна. 


Күөн күрэскэ кыттааччылар нэһилиэк килбэйэр киинигэр, Боробул күөлгэ, муһуннулар.

Карантин кэмэ буолан,  түөрт оскуола кытынна. Ол да буоллар, күрэхтэһии олус сэргэхтик, сытыытык барда. Хамаандаҕа үстүү үөрэнээччи уонна биирдии салайааччы киирэллэр. Оҕолор сатабыллара, кэлэктиибинэн үлэҕэ сыстаҕастара, дьону кытары өйдөһөн үлэлииллэрэ, бириэмэни төһө таба туһаналлара, маннык үлэҕэ чугастара, оҥоһуктарыгар талбыт тиэмэлэрин арыйыылара сыаналанна, — диир бырайыак ааптара Виктория Прокопьевна.

Ыраас, чэбдик салгынынан тото-хана тыына таарыйа уонна күөн күрэһи көрө, күрэхтэһээччилэргэ «ыалдьа» бу күн элбэх киһи муһунна. Маҥан хаарга дьэҥкир муустар кэчигирээтилэр. Хамаанда бэриллээтин кытары, ону эрэ күүтэн турбут үлэлии үөрүйэх уолаттар сүгэлэрэ, эрбиилэрэ элэҥнээн, сүүрэн-көтөн, мууһу «ыллатан» бардылар. Чахчыта, муустан кэрэни чочуйуу ускуустубатын сэҥээрэр-сэргиир эрэллэрбит салайааччыларын кытары үлэлээн букунаһаллара көрүөхтэн кэрэ, умсугутуулаах. «Суон дурдаларбыт, халыҥ хаххаларбыт, элбэҕи эрэнэр уолаттарбыт, эр дьоммут бэртээхэй күрэхтэһиигэ кэлэн тиритэ-хорута үлэлии-хамсыы, айа-тута, толкуйдуу, кыһана сылдьаллара киһини үөрдэр. Чахчы астык көстүү! Эр дьон буоланнар, хайдах эрэ киэҥ көҕүстээхтэрэ, холкулара, уһуну-киэҥи толкуйдууллара ааранан биһигини, көрөөччүлэри, уоскутар«, — дииллэр нэһилиэк олохтоохторо.

Боробул күөлгэ бииртэн биир үчүгэй, кэрэ, ураты быһыылаах-таһаалаах муус оҥоһуктар дьэндэйэн таҕыстылар. Ону кытары үөрүү-көтүү, эҕэрдэлэһии дуорайан олордо.

Хамаандалар үлэлэрин, кыһамньыларын СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэхтээһин туйгуна, «Слава» уордьан кавалера, үрдүк категориялаах технология учуутала Иннокентий Жегусов, кини үөрэппит, такайбыт үөрэнээччитэ, уопсастыбаннай сэбиэттэн Иннокентий Баснаев, Дьохсоҕон оскуолатын технологияҕа учуутала, бырайыак ааптара Виктория Бысыина  көрдүлэр, сыаналаатылар.  Хамаандалар бары ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ, эрбии тииһин курдук эгил-тэгил киирсибиттэрэ, бары сатабылларын, кыһамньыларын уурбуттара бэлиэтэннэ.

Күрэс түмүгүнэн 1 миэстэни Айаал Афанасьев салайааччылаах Чөркөөх орто оскуолатын хамаандата ылан үөрүү-көтүү өрөгөйө буолла. Кинилэр «Дьөһөгөй оҕото» диэн бэртээхэй композицияны толкуйдаан чочуйбуттара болҕомтону татта. Хамаандаҕа 8-с кылаас үөрэнээччитэ Слава Лебедев, 10-с кылаас үөрэнээччилэрэ Сергей Семенов уонна Миша Баев үлэлээтилэр. Маны сэргэ, кинилэргэ дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан «Уратылаах оҥоһук» диэн анал аат иҥэрилиннэ.

Чөркөөхтөрү тилэх үктэһэн, 2-с бочуоттаах миэстэҕэ Чымынаайы оскуолатын хамаандата таҕыста. 7 кылаас үөрэнээччилэрин Павел Саввины, Максим Саввины, 8 кылаастан кыттыбыт Витя Платоновы кытары салайааччылара Владислав Евлев көмөлөөн  оҥорбут «Айылҕа уһуктуута» диэн кэрэ чочуйууларынан мустубут дьону сөхтөрдүлэр.  «Композиционное решение» номинация хаһаайыттарынан буоллулар.

Бочуоттаах үһүс миэстэни Тыараһаттан кыттыбыт хамаанда ылан долгуйуу, үөрүү буолла. Савва Бучугасов салайааччылаах хамаандаҕа  9 кылаас үөрэнээччитэ Маркелл Слепцов, 8-с кылаастан Боря Николаев, 10-тан  Сеня Пестряков бааллар. Хамаанда кыттааччылара оҕо саас дьоллоох кэмнэрэ хаһан да умнуллубаттар диэн, оҥоһуктарын «Оҕо үөрүүтэ» диэн ааттаабыттар. Кинилэргэ «Айар үлэҕэ сатабыл» туттарылынна.

Дьохсоҕоннор хамаандаларыгар 9-с кылаас уолаттара: Костя Бабанов, Женя Заворотнай, Саша Захаров киирэн күөн күрэскэ кытыннылар. Уолаттар салайааччыларын Иван Бабановы кытары муустан чочуйууларын «Хоту дойдуга — саас» диэн ааттаабыттар. Ураты кэрэ оҥоһуктара, ис  сүрэхтэн кыһамньылара сыаналанан, дьоннорун-сэргэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин туттулар. Кинилэр хамаандаларынан «Кыайыыга дьулуур» анал ааты ыллылар.

«Саас бэлэхтэрэ» муус оҥоһуктар күөн күрэстэригэр Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Петр Захаров), ОДьКХ (маастар Ньургун Власов) олохтоох баһаарынай чаас-7 (сал.Герман Данилов), «Победа» ТХПК (сал.Михаил Петров) «Сайдыы» маҕаһыын (Валентина Петрова, Любовь Макарова), «Мичил» оҕону сайыннарар киин (сал.Саргылана Рожина), бааһынай хаһаайыстыба (Гаврил Петров) урбаанньыттар: Александра Попова, Валентина Попова, Мария Баснаева, «Уйгу» маҕаһыын (Ванда Никифорова), Дьохсоҕон орто оскуолата (дир.Василиса Петрова), күрэхтэһиини көҕүлээччилэр Виктория уонна Николай Бысыиннар  өйөбүл, көмө-тирэх буолбуттар, анал бириистэри олохтообуттар.

Үүнэр көлүөнэ кэрэни кэрэхсии, өйдүү улаатарыгар үөрэтэр-такайар сыаллаах-соруктаах ыытыллыбыт күрэхтэһии олус сэргэхтик барда, табылынна. Онон дьону-сэргэни улаханнык үөртэ, астыннарда. Тэрээһин түһүлгэтигэр сылдьыбыт ыалдьыттар, көрөөччүлэр бу күөн күрэс мантан ыла үгэс курдук сыллата ыытылларыгар, өссө элбэх кыттааччыланарыгар баҕардылар, В.П.Бысыинаҕа айымньылаах үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

1
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *