Кырдьаҕас хаһыаччыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Милан Матвеевич Афанасьев 70 сааһын туолла.
edersaas.ru, Иван Ксенофонтов-Силиги
Өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан
– Мылаан, мастан тутус, мастан тутус!..— иннибэр туох эрэ көрдөөҕү кэпсии-ипсии, күө-дьаа буола испит атаһым биирдэ мэлис гынан хаалбыт ыйыста хараара сытар дьөлөҕөһүнэн, хайа икки ардыгар, хантан хаба тардан ылбытым буолла, күрүө тоһоҕотун курдук маһынан буккуйа-буккуйа, сууралыы-сууралыы, ыксаан хаалан мээнэнэн хаһыытыыбын. Зосимым күп-күөҕүнэн күлтэччи көрбүт эһэ курдук, өттүктэрин охсуна-охсуна, бабыгырыы-бабыгырыы тэпсэҥэлиир, сүгүллэҥниир.
Уолуйан хаалан, тугу гыныахпытын билбэккэ турдахпытына, чөҥөрөйгө муустары быыһынан тарбахтар сараһан таҕыстылар. Оо, биһиги, көрдүбүт-көрбөтүбүөт, хаһыыра түһээт, харытыттан хабан ылан, киһибитин уу чаккыраппытынан биирдэ сулбу тардан таһаардыбыт! Мылаан бэйэтэ этэринии: «Уой маамаа!» – буола, ууга былдьана сыспыттаах. Оччолорго тутатына, итиитигэр, улаханнык дьыалайдаабатахпыт эрээри, уонунан сыллар кэннилэриттэн санаатахха, киһи баттаҕа турар дьулаан дьыалата, иэдээннээ х трагедия буола сыспыт эбит.
Ити ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Булгунньахтаах аннынан Тойон Арыыга кустуу Элиэнэ эбэбитин сатыы туораан иһэн дьаабыламмыппыт. Ыһыгын, уопсай 300 ботуруоммутун сүгэйдээн иһэн, дьолго, үөһү балайда ааһан баран тимирбитэ. «Үрүксээгим ыарахан буолан тиэрэ тардан, сүүрүккэ умса оҕустарбакка, муус аннынан чөҥөрүйэн сырдаан көстөр ойбонум диэки өрө харбаһар мөккүөрдээхпин. Тыыным бүтэн иһэн, биирдэ үөһээ баар буолан хааллым ээ. Атастарыам, эһиэхэ уонна Айыы Тойон Таҥараҕа махтал!» — кутаа сыралҕаныгар куурдуна, итии чээйи сыпсырыйа -сыпсырыйа бэрт холкутук күлэ, кэпсии олорбута. «Таҥараҕа махтал» диэн тыл тамаҕар эрэ этилиннэҕэ. Дьиҥинэн, өлөр өлүү дэҥиэ тыҥыраҕыттан доҕорум Мылаан олоххо тардыһыытын күүһүнэн, өһөс, күүстээх санаатынан, улуу дьулуурунан мүччү туттарбыта. Элиэнэ эбэбит дириҥ далайыгар ыйыстан кэбиспэккэ, күн сырдыгар төттөрү өрө үтэн таһаарбыта.
Олох аһыытын-ньулуунун амсайан…
Милан Матвеевич Афанасьев аҕыйах хонуктааҕыта, кулун тутар 8 күнүгэр, төгүрүк 70 сааһын туолла, этэҥҥэ сылдьан эмэн сааһыгар үктэннэ. «Дьылҕа Хаан эйигиттэн ыйыппакка эрэ, бэйэтэ билэринэн дьаһайар, эрийэр-мускуйар»,— олоҕун 40-ча сылын бэчээт эйгэтигэр анаабыт кырдьаҕас суруналыыс, хаһыаччыт төрөөбүт дойдум, норуотум туһа диэн туруулаһан, айан-тутан кэлбит сорсуннаах суолун эргитэ санаан көрөрө оруннаах. Этэринии, эрэйгэ-кыһалҕаҕа эдэриттэн эриллэн-мускуллан, сыралаһан-ньоҕойдоһон, туруулаһан олох аһыытын-ньулуунун амсайан, үтүөтүн-үөрүүтүн билэн, үөрэх, үлэ суолугар бигэтик үктэммитэ.
«Сытар ынаҕы тыыппат» диэн сунтаардары этээччилэр. Милан Афанасьев эдэриттэн нэлэйэн-хотойон, кылабачыйан, киэҥэ-холкута, истиҥэ, ыраас дууһата, били таҥарата биэрбит туруору күүһэ-кыаҕа, быһыыта-таһаата, үөрүнньэҥ майгыта кыыс-дьахтар хараҕын ымсыыра хатыыр эр бэрдэ этэ. Оннук ыччат 1970 сыллаахха Сэбиэскэй аармыйаттан сулууспалаан кэлэн, үрэх баһыгар мас кэрдэ сыттаҕына, дэлээнэттэн ДТ тыраахтарынан таҥнары тиэйэн киллэрэн, аатырбыт Семен Максимович Журавлев дириэктэрдээх, Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос хомсомуолун тэрилтэтин сэкирэтээринэн талбыттара. Хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэтин чилиэнигэр тиийэ үүммүтэ. Сүөһү иитиитигэр, хонуу, от-мас үлэтигэр ыччат-комсомольскай биригээдэлэр, пиэрмэлэр социалистическай куоталаһыылара, уопсастыбаннай, култуурунай олоххо ыччаты тардыы, көҕүлээһин сэкирэтээр түбүктээх үлэтэ, Милан Афанасьев тэрийээччи, салайааччы, лиидэр быһыытынан үүнэр-сайдар оскуолата этэ. Салайар үлэҕэ дьоҕурдааҕын учуоттаан, 1972 сыллаахха Кутана нэһилиэгэр олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарбыттара. Эдэр киһи тапталын көрсөн, ыал буолан, оҕолонон-урууланан тус олоҕун тэриммитэ. Ол эрээри, кэргэнэ сыыстаран ыалдьан, олохтон бараахтаабыта. Инньэ гынан үс оҕотун кытта туран хаалан, улахан охсууну ылбыта.
Олох салҕанар, сайдар. Дьирээ киһи, Милан оҕолоро борбуйдарын көтөҕүүлэригэр үөрэхтээх, хамнастаах үлэһит буоларга сыал-сорук туруорунан, олоҕу кытта тэҥҥэ сайдаары Хабаровскайдааҕы үрдүкү-партийнай оскуола суруналыыстыкаҕа салаатыгар дьирээлэһэн үөрэнэн, ситиһиилээхтик бүтэрэр. «Ама да ааспытын иһин, ВПШ-ҕа оҕолорбун илдьэ сылдьан үөрэнэбин диэн «муннум хаана баран», эрэй бөҕөнөн үөрэммитим. Дьиэ куортамнаһан олорбутум. Кыһынын тымныытынан кыайбыта, муостаҕа биэдэрэлээх уу тоҥоро. Оттон оҕолорум наар муостаҕа сылдьаахтыыллара, оонньоохтууллара. Кыысчааным, Любам, ыараханнык ыалдьан, балыыһа киһитэ буолаахтаабыта. Инньэ гынан дьиэбинэн, үөрэхпинэн, балыыһанан сүүрэ сылдьыбытым. Эт, халбаһы суох. Оҕолорбор тугу булан аһатабын диэн санаанан төбөбүн үлтү сынньарым. Бэлэм бакыаттаах аһы буһара охсон аһатаахтыырым»,— уйан дууһалаах доҕорум өрө тыынан, сиигирбит харахтарын сутуругун көхсүнэн туора соттон кэбиһэр. Дэлэҕэ оччолорго улахана, Сахамина, күн бүгүн миниистир Сахамин Миланович Афанасьев, хал буолан: «Эмиэ «сулустаах миин» дуо?»— диэхтиэ дуо…
Эрэдээктэргэ сүрэхтэнии
Милан Матвеевич «ааҕааччыта, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ суох хаһыат, хаһыат буолбатах» диэн халбаҥнаабат көрүүлээх. Ол да иһин, 1980 сыллаахха Уус Алдан оройуонунааҕы «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыат эрэдээктэринэн ананыаҕыттан, эрэдээксийэ иһинэн селькоррдар оскуолаларын тэрийэн, баҕалаах, олоххо сэргэх сыһыаннаах дьону суруналыыстыка жанрдарынан суруксуттуурга үөрэтиини олохтоон, оройуоҥҥа биллэр хамсааһыны таһаарбыта. Кылаабынайа, хаһыат суруйар, көтөҕөр тиэмэлэрэ, боппуруостара дириҥээбитэ, сытыырхайбыта. «Ленинскэй тэрийээччи» өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх хаһыат быһыытынан сыаналаммыта.
Сэбиэскэй кэмҥэ оройуоннааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттар эрэдээктэрдэрэ баартыйа райкуомун бюротун, обкуом бюротун чилиэннэринэн талыллаллара, аптарытыат, балаһыаньа кытаанаҕа этэ. Дэлэҕэ бэчээт «төрдүс былааһынан» билиниллиэ дуо. Саҥа анаммыт эрэдээктэр Эрэдээктэрдэр кулууптарыгар «сүрэхтэнэн» ылыллар быраабылалаахтара. Милан Матвеевич ол Кулуупка 1980 сыл күһүнүгэр Москва куоракка сэминээргэ үөрэнэ сылдьан ылыллыбыта. Саха суруналыыстыкатыгар ааттара-суоллара ытыктана ааттанар эрэдээктэрдэр: Мэҥэттэн Иван Брызгалов, Чурапчыттан Афанасий Чичигинаров, Тааттаттан (Алексеевскайтан) Дмитрий Павлов, Ньурбаттан (Ленинскэйтэн) Семен Гаврильев, Сунтаартан Иван Афанасьев, Кэбээйиттэн Иван Семенов, Амматтан Прокопий Караканов, Булуҥтан Виктор Клопов уо.д.а. уохтаах бакаалы астына көтөҕөн, айымньылаах үлэҕэ алҕаабыттара, Кулууптарын чилиэнинэн билиммиттэрэ.
“Кыым” миэлиҥсэтигэр” мэлиллэн
Оройуон хаһыатын эрэдээктэрэ Милан Матвеевич Афанасьев 1984 сыл күһүнүгэр «Кыым» хаһыакка култуура отделын сэбиэдиссэйинэн ылыллыбыта. Бу кини суруналыыс быһыытынан таһыма үрдүүр, суола-ииһэ кэҥиир, аата-суола иһиллэр буолан барар, бэйэтэ этэринэн «Кыым» миэлиҥсэтин» оскуолата этэ .
– Кырдьаҕас «Кыым» миэлиҥсэтин ааһыы – этиэх этим, улахан буһуу-хатыы, ситии-хотуу, олох биир муударай оскуолата. Өссө атыннык эттэххэ, хаһыат үйэлээх үгэстэрин, аналын уонна утумун салҕааһын. Ол оскуоланы биир кэмҥэ киирбит үөлээннээхтэрбин – Прокопий Иосифович Каракановы, Тамара Васильевна Корякинаны, Иван Иванович Ксенофонтовы – кытары, «кылааспар хаалан хаалбакка», этэҥҥэ бүтэрэн, Василий Климентьевич Алексеев-Байҕал, Николай Терентьевич Атласов, Дмитрий Николаевич Николаев, Григорий Григорьевич Нынныров, Василий Васильевич Ойуурускай, Семен Герасимович Сивцев, Лука Гавриилович Колесов, Еремей Никитич Порядин, Василий Алексеевич Сыромятников, Савва Константинович Томскай, Егор Афанасьевич Афанасьев, Семен Иннокентьевич Винокуров курдук, о.д.а. аарыма кырдьаҕастартан элбэххэ үөрэнэн, хаһыаччыт буолуу дьиҥнээх суолун бүтүннүү ааспытым,—диэн улахан суолтаны биэрэр.
Кырдьык, тыл уустара, бөрүө маастардара, тус-туһунан суоллаах-иистээх, буочардаах хаһыаччыттар этэллэрин-тыыналларын, балаһалары «хайа суруйан» таһааралларын көрө-истэ, алтыһа сылдьан, хаһыаттары ырытар летучкаларга, былааннааһыннарга, партийнай, кэлэктиип мунньахтарыгар кыттан элбэххэ үөрэнэриҥ, өйүҥ-санааҥ аһыллара, билииҥ-көрүүҥ хаҥыыра, тылыҥ-өһүҥ тобуллара, чочуллара, бөрүөҥ сытыыланара.
Ол гынан, манна диэн эттэххэ, хомуньуус баартыйа обкуомун уоргана эрэдээксийэҕэ пратийнай диктатура тимир бэрээдэгин тыына, аармыйа суруллубатах сокуонун элэмиэнэ – «дедовщина» тыына баара биллэрэ. Эдэр кырдьаҕаһы утары көрүө суохтааҕа. Эрэдээктэр сорудаҕа, кырдьаҕас соруйсуута утары-хос тыла суох толоруллуохтааҕа. Эрэдээксийэҕэ, кырдьаҕастар кэтэхтэригэр, даачаларыгар буоллун, туох-баар хара үлэҕэ, тиэйиигэ-таһыыга, көтөҕүүгэ-сүгүүгэ Милан Афанасьев, Иван Ксенофонтов эбээһинэстэрин курдук сүүрэллэрэ-көтөллөрө.
– «Кыымҥа» үлэлээбит, үлэлээбэтэх да оҕонньоттору-эмээхситтэри , кинилэр аймахтарын тиһэх суолларыгар атаарыы буолла даҕаны, муорунан, кылабыыһанан биһигини ыыталлара. Сороҕор аккаастаары гыннахха, хомуньуус баартыйа саллааттара буоларбытын санатан остуолу охсоллоро. Сорохтор, аһаҕастык сэниир, бэйэлэригэр тэҥнээбэт да түгэннэрдээхтэрэ. Г.Г. Нынныырап: «Мин курдук хаһыатчыт төрүү илик. Аппанааһыйап, Силиппиэнтэп мин аҥаар да атахпар тиийбэккит. Эһиги хаһыаччыт буоллаххытына, хара тураах маҥхайыаҕа», – дии-дии торуоскатынан муостаны тоҥсуйара. Оттон күһүн-саас даачатыгар биһигинэ суох табылллыбата.
Ити курдук бодоруһан бодобутун, кэргэннэһэн кэмэлдьибитин билсибиппит. Идэлээҕи кытта олоруоҥ – идэлээх буолуоҥ дииллэр. Ол кырдьык. Сыралаһан, эриһэн туран, эмиэ да кырыы хараҕынан көрүллэн, сэнэниллэн, эмиэ да сороҕор хайҕаныллан, сынтарыйан хаалбакка «Кыыммар» бастаан култуура, салгыы бырамыысыланнас, тутуу уонна сибээс, онтон партийнай олох отделларыгар сэбиэдиссэйдээбитим. 1984 сылтан 1991 сыл от ыйыгар диэри. Ити кэмнээҕи «Кыым» кыайыытыгар-хотуутугар, итэҕэһигэр-быһаҕаһыгар, үөрүүтүгэр-хомолтотугар барытыгар баар этим диэхтээхпин. Туох да диэбиттэрин иһин, — «Кыым» миэлиҥсэтигэр» мэлиллэн, тыыллан-хабыллан тахсыбыт кырдьаҕас хаһыаччыт партийнай бэчээккэ үлэлээбит кэмнэрин итинник түмүктүүр.
“Саха сирэ” — саҥа кэм хаһыата
Уларыта тутуу дохсун тыаллара уопсастыба олоҕун тутулун дьалкыппыттара. Саҥа кэм саҥа көрүүлэри, саҥа хаһыаттары үөскэппитэ. Ол курдук Үрдүкү Сэбиэт тэрээһининэн, саҥа сыалларга-соруктарга норуоту түмээччи, көҕүлээччи быһыытынан 1991 сыл тохсунньутуттан «Саха сирэ» судаарыстыбаннай хаһыат тэриллэн, тахсан барбыта. Кырдьаҕас «Кыымтан» элбэх айар үлэһит кэлбитэ. Көнө сүрүннээх хаһыакка, бэйэтэ этэринэн «туох баарынан, хайдах баарынан» көнөтүнэн, малтаччы суруксуттуу үөрүйэх Милан Афанасьев аһыллан, табыллан айбыта-суруйбута. «Милан Афанасьев» диэн илии батааһыннаах, экэниэмикэ боппуруостарыгар аналитическай ыстатыйалар, үлэ-хамнас, олох-дьаһах эйгэтиттэн тыыннаах репортажтар, үлэ, сэрии бэтэрээннэрин, олоҕу хамсатааччы хоһуун үлэһит дьон тустарынан очеркалар, интервьюлар ааҕааччы киэҥ араҥатын сэҥээриитин ылбыттара.
Тырааныспар, сибээс, тутуу, кэлин экэниэмикэ отделын эрэдээктэрэ М.М.Афанасьев эргиччи моҥкурууттааһын, эстии сылларыгар Саха сирин авиатордарын, хотугу халлаан ас лүөччүктэрин, салгын тырааныспарын салаатын исписэлиистэрин, салайааччыларын тустарынан кырдьыктаах суруйууларын дьон-сэргэ астына, киэн тутта ааҕаллара. Оттон суруналыыска, хаһыаччыкка авиатордар аатырбыт лүөтчүк, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Валерий Ильич Кузьмин аатынан идэлэринэн бириэмийэлэрэ иҥэриллибитэ элбэҕи этэр.
Милан Матвеевич Сахабыт сиригэр тырааныспар саҥа көрүҥэ – тимир суол Беркакиттан Аллараа Бэстээххэ диэри кэлиитин кэтээн көрбүт, үйэ тутуутун хас биир бэлиэ, ыарахан түгэннэрин, боппуруостарын быһаарсыбыт, норуокка тириэрдибит суруналыыһынан буолар. Дэлэҕэ киниэхэ «Саха сирин тимир суолун бочуоттаах үлэһитэ» аат иҥэриллиэ дуо.
Аҕа табаарыс, настаабынньык
Биһиги ытыктыыр, киэн туттар аҕа табаарыспыт, биир идэлээхпит майгытынан-сигилитинэн, сылаас, ыраас дууһатынан, кыһамньытынан хаарыаннаах учуутал, оҕо уһуйаанын иитээччитэ буолуох киһи хаала сылдьар дэһээччибит. Оттон кэлэктиибигэр, эрэдээксийэтигэр истиҥ табаарыс, эдэр биир идэлээхтэригэр муударай настаабынньык буоллаҕа. Намыын, холку бэйэлээхтик сүбэлии-амалыы, көннөрө-көрдөрө сылдьааччы. Милан Матвеевич отделыгар муннулара эриллэн, кэтэхтэриттэн имэриллэн, ситэн-хотон, түүлэнэн-өҥнөнөн көччөх буолан көппүт, бэйэлэрэ ааттаммыт-суолламмыт хаһыаччыттар, кыргыттара-уолаттара элбэхтэр. Прокопий Бубякин «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэригэр тиийэ үүммүтэ, Анивера Акимова кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччы. Саргы Данилова Ил Түмэн пресс-сулууспатын салайааччынан үлэлээбитэ. Александр Тарасов Үөһээ Бүлүү улууһун хаһыатын эрэдээктэрэ. Тутулуга суох «Туймаада» хаһыат эрэдээктэрэ Александр Яковлев эмиэ кини үөрэнээччитэ. Ситигирдик салгыы ааҕа туруохха сөп.
Табаарыспыныын Миланныын, отуппутун ааспыт уолаттар, “Кыымҥа» көрсүһүөхпүтүттэн, арахсыбакка «эн-мин» дэһэн эмэн сааспытыгар үктэнэн эрдэхпит. Араас түбэлтэлэр, быһыы-майгы, доҕор-атас, түһүү-тахсыы, үөрүү-хомолто барыта баара. Нууччалар этэллэринии, ууну-уоту ортотунан, алтан турбалары курдары ааспыт дьоммут. Мылааным, дьиҥэр, көстөр бэйэтинэн, быһыытынан-таһаатынан бухатыыр эрээри, саха ынаҕын курдук сымнаҕас, тугун барытын туран биэриэх курдук наһаа үөрүнньэҥ, бүгэн, сөҥөн хаалыах айылаах аһара уйан, кыраттан да хомойуон, өһүргэниэн сөп. Дьэ, «уой маамаа» диэтэҕиҥ. Бултуйдахпытына астынан: «Баанньаа, үөрдүҥ дуо, үөрдүҥ дуо», –дии-дии өттүккэ кэйиэлээн, бэтиэхэлэнэн ылааччы. Эбэтэр туохтан эрэ санаатын таптарбакка, муннунан да, айаҕынан да тыыммат, кэпсэппэт буолан хаалааччы.
Аһара малтаччы өһүргэнсиилээх буолааччы…
Бэйэтэ этэринии «туох баарынан, хайдах баарынан» аһара малтаччы суруйталаан, сороҕор улахан өһүргэнсии, үҥсүһүү да тахсыталыыра. 90-с сылларга «демократия», «гласность», «аһаҕастык, көҥүллүк этии-тыыныы» ухханыгар хаһыаттарга араастаан суруйуу барыта баара. 1991 сыл сайыныгар саҥа оннун булан тахсан эрэр «Саха сирэ» хаһыаппытын сырдата, хаһыакка сурутуу боппуруостарынан, таарычча сайылыктарынан, отчуттарынан сылдьа Милан Афанасьев, Тамара Корякина, фотокоррбут Леонид Андрианов уонна дойдулаах киһи, улуу артыыс Петр Пестряков буолан Уус Алдаҥҥа «быара суох» командировкаҕа табыллан, үчүгэйдик да сырыттыбыт этэ. Улуус дьаһалтата ытыһын үрдүгэр түһэрэн, барбах, улууска собус-соҕотох «Ланкрузер» массыыналарыгар тиэллэн, мааныланан, отчуттары, ыанньыксыттары быара суох ыытан, матырыйаал бөҕөнү хомуйан эргиллибиппит.
Аҕыйах хонугунан өрөспүүбүлүкэбитигэр субу аҕай үрэллээри турар ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ, кэлин ГКЧП-с буолбут Павлов дьыалабыай сырыынан кэлэн, Уус Алдаҥҥа тахса сылдьыбыта. Суруналыыстар бөлөхтөрүгэр Милан Афанасьев киирсэн барсыбыта. Эргиллээт, уус алданнар уруккуларынан олороллор. Уруккулуу үп-харчы көрдүүллэр, ытыстарын тоһуйа эрэ олороллор диэн ис хоһоонноох, «Усть алданцы поют романсы» төбөлөөх үлтү кириитикэлиир ыстатыйаны балаһаны хайа суруйан таһаартарар. Улуус дьаһалтата «Саха сирдэрэ», Милан Афанасьев, субу аҕай бары өртүнэн өйөнүллэн, мааныланан командировкаланан бараҥҥыт, туох буолан, хайдах маннык баһааҕырдыылаах, элэктээһиннээх суруйууну эписсийээлинэй хаһыакка таһаараҕыт, диэн өһүргэнии бөҕөнү өһүргэнэн, аны «Ланкрузерга» тиэллиэххит суоҕа диэн хомойуу бөҕөнү хомойон, кэлэйэн да тураллар.
Милан Матвеевич, бэл, Үрдүкү Сэбиэт сессиятыттан отчуотугар, эмиэ хайдах баарынан, парламент бэрэссэдээтэлэ сессияны сатаан ыыппат. Биир боппуруоһу тиһэҕэр тириэрдибэккэ эрэ, атыҥҥа ойуолуур, бутукаайданар, диэн суруйан, Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ К.Е.Иванову кыыһырдан, инникитин сессияҕа сылдьар, сессия үлэтин сырдатар бырааба быстыбыта. Онон атаһым Мылаан көнө саастаах мас хайдыбытын курдук, туох баарынан, хайдах баарынан малтаччы этэр-суруйар майгыта, ардыгар бэйэтигэр охсуулаах буолара.
Милан рекордара
Милан Матвеевич былыргы киһи эбитэ буоллар, кистэнэ сылдьар күүстээх-уохтаах, саха бухатыырын быһыытынан номоххо, кэпсэлгэ сылдьыа этэ. Сымыйалаабаппын. Табаарыспыттан иккитэ сөҕөн, саллан турабын. 80-с сылларга «Кыымҥа» үлэлиирбит саҕана, эдэр эрдэхпитинэ, оччолорго эппиэтиир сэкирэтээрбит Кириллин Василий Васильевичтыын үһүө буолан Маҕан кэтэҕинэн, үрдүк сололоохтор бултуур Аппааны күөл заказнигар тахсан, киэһэттэн саҕалаан эргэ хотон эркиннэрэ бэрэбинэлэри, остуолбалары таһан, болуот охсунан, дурда туттан, сүүрбэччэ дулҕа бы стан кэриэрдэн, титирик атах быстан дулҕаларбытын анды маччыыга оҥорон атахтарга туруоран, эбии маччыык быраҕынан, сэттэ көлөһүммүт тохтон оҥоро-бүтэрэ охсон оннубутун булунан, сарсыарда орулуостары, андылары ытыалаан, бултуйан турабыт. Мылааммыт ыксала, туттуута-хаптыыта салаҥа, «чэ да, чэ!» диэн, Баһылай Баһылайабыс биһиэхэ олоро түһэн табаахтыыр да бокуой биэрбэтэҕэ. Онно көрбүтүм, атаһым болуот охсорбутугар ынах иигин иҥэринэн муос курдук кииллийэ куурбут бэрэбинэлэри олуктуу-олуктуу муннуктарын туттарарыгар сүүрбэлээх тоһоҕону туһаайа туруору иҥиннэрэ түһэн баран, уһуутуу түһээт, сүгэ очоҕунан биирдэ батары саайан кэбиһэрин. Бэл, Баһылай Баһылайабыс, көхсүн этитэн, баһын быһа илгистэн кэбиспитэ.
Иккис түгэн эмиэ оччолорго, самаан сайын үгэннээн турдаҕына, бэс ыйыгар, бииргэ бултуур аҕа табаарыспыт, эрэдээксийэбит суоппара, Малдьаҕар бааһынайа, сахалартан көҥүл тустууга биир бастакынан ССРС спордун маастара Зосим Иванов дойдутугар Булгунньахтаахха, Тойон Арыыга 50 сааһын бэлиэтээбиппит. Нөҥүө күнүгэр быраата Сэргэй Иванов олорор Улахан Ааныгар сыдьыбыппыт. Онно дьиэтин тэлгэһэтигэр ынах ханнынааҕар биллэ улахан көһөҥө таас сытарын анаан-минээн көрдөрө-көрдөрө Зосим: «Бу аҕабыт көтөҕө сылдьыбыт тааһа. Хаһан эрэ ити, анаан-минээн сытыарыллыбыт үрдэлиттэн халбарыйан хаалбытын, ким да көтөҕөн оннугар уурар киһи суох. Мин да кыайбаппын»,— дии-дии тааһы тэбиэлээн, таптайталаан ылбыта.
Бырааттыы модьу-таҕа Ивановтар: Зосим, Дабыыт, Сэргэй туох эрэ наадаҕа барбыттарын кэннэ, кырдьаҕас суруналыыс, Ивановтар биир дойдулаахтара, сэрии саҕана, кэнниттэн ГУЛАГ хаайыытыгар уон сыл олоро сылдьыбыт Георгий Васильев, Милан, мин буолан сэлэһэ, хаамса сылдьан, били тааспытыгар кэлэн иҥиннибит. Мылааным хайдах эрэ сирэйэ-хараҕа туран, тула эргийэ сылдьан тааһы кыҥастаһан, тургутардыы тутан-хабан, анньыалаан дьигиҥнэтэн көрөн баран, кэтэҕин тарбанна. «Бээ-эрэ, туох алдьархайай», – диэн баран, ырбаахытын сиэхтэрин тимэҕин төлөрүтүннэ, сэрээккэлиирдии илиилэрин даллаҥнаталаата, имиллэҥнээн-чохчоҥолоон ылла уонна тааһы эргийэ сылдьан туппахалаан көрөн, төҥкөйөн хам сыстан турбахтыы түһэн баран, түөһүгэр хам туппутунан чохчойон олордо. Ол тухары биһиги Георгий Ивановичтыын айахпытын атан, тыыммакка да аппаһан турдубут. Милан өрүтэ уһуутаан баран, тааһын кууспутунан бэрт эрэйинэн атахтарыгар турда уонна бүтүннүү дьигиһийэ-дьигиһийэ уонча миэтэрэ сири мэтэрийэ хааман илдьэн, тааһын урут сыппыт үрдэлигэр лис гына түһэрэн кэбистэ.
– Оо, Милаан, рекорд! – диэн айманан, омуннуран Гергий Иванович кырдьаҕас тула эккирии, Милан баппаҕайдарын ибигирэтэ туппахтыы, санныга таптайа аҕылыы-мэҕилии турда. Бырааттыылар кэлэн сөҕүү-махтайыы бөҕө буолатара. Арай Зосим: «Уйбаанныын көмөлөөтүгүт ини»,—диэх курдук, итэҕэйбэттии, сөбүлээбэтэхтии туттубута.
Милан бу «рекорда» айдаанынан, араллаанынан түмүктэммитэ. Георгий Иванович кырдьаҕас суруналыыһа өтөн, « суруналыыс Милан Афанасьев Хаҥалас Улахан Ааныгар Ивановтар аҕалара Күүстээх Ыстапаан көтөҕө сылдьыбыт, билигин ким да кыайбат тааһын көтөҕөн, уонча миэтэрэ сиргэ оннугар илдьэн уурда» диэн «Саха сиригэр» информация суруйан таһаартарбытын Зосим Иванов ааҕан баран, өһүргэнэн, Миланы дэлби үөҕэн, ыыстаан, уолуктаһан, дайбасыһа сыһан, атырдьах тииһинии арахсыбыттара. Бэрди бэрт баһыйар, күүстээҕи күүстээх самнарар диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Үлэлиир, оҥорор, бүтэрэр-оһорор этибит
90-с сыллар ортолоругар эрэдээксийэнэн Мэҥэ-Хаҥалас Ороссолуодатыгар сылгыһыттар звеноларын кытта дуогабар түһэрсэн оттоһор этибит. Бээтинсэҕэ сороҕор сиринэн оптуобуһунан, ардыгар Өлүөнэ эбэбит устун ороссолуодалар дьоҕус паромнарынан оттуур сирбитигэр Бэрдьигэстээхпитигэр дьахтардыын-оҕолуун, Сэмэн Горохов, Миитэрэй Элээкэп, Миитэрэй Кустуурап, Уйбаан Барыыһап курдук оҕонньотторбутун илдьэ күттэрэн тиийэрбит. Убайым Дмитрий Семенович Николаев-Мөрөс Миитээ салайааччылаах сылгыһыттар аҕыйах бэйэлэрэ күө-дьаа буола, үөрэ-көтө көрсөллөрө. Оҕолоро, бэл, ыттара атахпыт анныгар эриллэ-сөрүөстэ сырсаллара.
Кыргыттарбыт Сэмэн Горохов-Боломуочунай салалтатынан от мунньаллара, бугул түгэҕин харбыыллара. Кырдьаҕастарбыт звено биир сүрүн киһитэ Өлөксөөн Федоров баһылыктаах талах быыһын, дулҕа сиэлин, күөл кытыытын охсон куһуйаллара. Оттон биһиги, тура сылдьар эр бэттэрэ кэбиһэрбит. Онно этэ, бухатыырбыт Мылааммыт бугулу-бугулунан лөглөччү атырдьахтаан таһааран кэбиһиигэ хаастыы лаглаччы, үмүрүччү олордон кэбиһэрэ. Түсчүппүт, биллэр демократ-суруналыыс Иннокентий Захаров: “Оо, Милан, бухатыыр!”— диэн астынар аҕай буолара. Хор, үс кыдамаһыттаах биэс-алта кэбиһээччи күҥҥэ 2-2,5 туонналаах алта, муҥутаан сэттэ кэбиһиини туруорар этибит! Туһугар эмиэ рекорд буоллаҕа. Кыһынын, өрүс суола аһылыннаҕына, шефтэрбит сылгыһыттар үлэбит түмүгүн – уонунан убаһа этин тиэйэн киллэрэн биэрэллэрэ.
Биир күһүн Ороссолуода хортуоппуй үүннэрээччилэрин кытта дуогабардаһан, хомуурга үлэлээбиппит. Кыргыттарбыт, кырдьаҕастарбыт хортуоппуйу суортааһыҥҥа, талыыга, кууллааһыҥҥа сылдьыбыттара. Биһиги Милан, Прокопий Иванов, Дмитрий Обулахов, Андрей Аргунов, Дмитрий Филиппов, Егор Коркин, Тимур Тихонов, Константин Михайлов буолан куруустааһыҥҥа сылдьыбыппыт. Дьэ, онно этэ, Милан кууллаах хортуоппуйу аҥаардыы илиитинэн элээрдэрэ! Тимир суол састаабын богуонун курдук субуруйбут аарыма “Алка” рефрижератордары күлэ-үөрэ икилии чаас ыы-быччары куруустаан быллырҕатан кэбиһэрбит. Хаһан куруустанан бүтэллэрин кэтэһэн хонуктуу оҥостон кэлбит Алдан, Нерюнгри суоппардара сөҕүү, астыныы бөҕө буолаллара.
Ити курдук, Милан Матвеевич омос көрдөххө, аргыый-наллаан диэбит курдук, аа-дьуотун иһин, сыал-сорук, үлэ-хамнас тирээтэҕинэ эһэ тириитин кэтиэ кэрэх, тигинэс буола түһээччи. Кини баар буоллаҕына кыаллыа да суох кыаллар, оҥоһуллуо да оҥоһуллар. Үлэлиир, оҥорор, бүтэрэр-оһорор этибит.
Эрдэ, кэмин иннинэ ыстаҥалаһан турдулар
Аныгы иртэриниэт, сыыппарабай, опто-волокно, суотабай сибээс, бассаап үйэтигэр, медийнэй сибээһи, бэчээти өрө туппут, кумааҕы хаһыаты ахсарбат салайааччылар өссө да айар-суруйар кыахтаах, олоххо уопуттаах суруналыыстары биэнсийэҕэ тахсар саастарын – баара-суоҕа 55 саастарын туолбуттарын бырааптааннар үлэлэриттэн уураталыы, хаһыаты мөлтөтө олороллоро хомолтолоох. Дьиҥинэн, Милан Матвеевич, 70-гар билигин эргин бэйэтэ баҕатынан бочуоттаах сынньалаҥҥа астына тахсыахтаах этэ…
– Хайа баҕарар омук, кини кыра буоллун, хара буоллун, аҕыйах ахсааннаах, мөлүйүөнүнэн да ааҕыллар буоллун, хайаатар да бэчээттээх буолуохтаах. Саамай кылаабынайа, дьон-норуот, маасса тугунан тыынарын, туох санаалааҕын бэчээт нөҥүө билиэхтээх.
Национальнай бэчээт – олохтоох былаас трибуната, маассаны кытары хардарыта сибээс биир көрүҥэ. Ону быһаччы олоххо киллэрээччи – хаһыат. Ол да иһин хаһыаты былааһы кытта биир муостаҕа туруораллара. Билигин этэ эрэ диир кыахтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ хаһыаты, ордук сахалыы тыллааҕы, атарахсыттылар, сиргэ-буорга тэбистилэр, тылын-өһүн истибэт буоллулар, сурутуутун суулаатылар. Аныгы инновациянан киирэннэр.
Билиҥҥи суруналыыстары өйдүөххэ сөп. Аныгы сайдыыны батыһалларын, ол суолун тутуһалларын. Ол гынан баран, бу дьон туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх буоларын умуннулар. Эрдэ, кэмин иннинэ ыстаҥалаһан турдулар. Биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт көлүммүт оҕустарын, мииммит аттарын модун күүстээх тыраахтардар, массыыналар биир-икки сыл иһинэн солбуйбатахтара. Онно балай эмэ кэм барбыта. Син ол кэриэтэ буолуохтаах этэ, кумааҕы хаһыаттары электроннайга көһөрүү. Билигин барытын биирдэ саба тутаары, сыыппараҕа көһөрөөрү хара сор. Ол сыыһа. Барыта бэйэтин кэмигэр оҥоһуллуохтаах. Күн тахсар кэмигэр тахсарыныы, киирэр кэмигэр киирэринии», – өрөспүүбүлүкэ суруналыыстыкатын саарына, кырдьаҕас хаһыатчыт , Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, өрөспүүбүлүкэ бэчээтин туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгин Ытык киһитэ Милан Матвеевич Афанасьев бэйэтин санатын, көрүүтүн биир идэлээхтэригэр, бэчээт эйгэтин салайааччыларыгар, эдэр көлүөнэ хаһыатчыттарга тириэрдэр.
Эмэн сааскын этэҥҥэ көөрөт!
Милан Матвеевич эмэн сааһыгар үктэннэр да, мөлтөөтүм-ахсаатым диир санаата суох. Олоҕун аргыһа, тапталлаах кэргэнэ Евдокия Семеновналыын аны күн тэҥэ дьоннорун – сиэннэрин атахтарыгар туруорсар мөккүөрдээхтэр. Аныгы биэнсийэньиэр суруналыыс көмпүүтэригэр нөрүйэн, айара, суруксуттуура элбэх. Дойдутун, нэһилиэгин, оскуолатын, кылааһынньыктарын да тустарынан, атын да сакааһынан бэртээхэй кинигэлэри хомуйан, эрэдээксийэлээн бэчээттэттэ. Салгыы да үлэлэһэ сылдьар. Күн ахсын, хаар-самыыр диэбэккэ, тымныы-куйаас диэн тохтообокко, хаалыктарын ылла да, даамбатынан, Күөх Хонуутунан, Эбэ үөс арыыларын диэки хаампытынан барар.
Мантан саас эрэллээх «Эскудотын» собуоттуо, даачатын түбүгэр төбөтүн оройунан түһүөҕэ турдаҕа. «Сотору кус кэлиэ»,— диэн астына, үөрэ кытта кырдьан эрэр, бэйэтин курдук өссө да уохтаах, тэбиилээх аптамаатын утан-хабан көрөрө, онтун-мантын бэрийэрэ чаастатыйан эрдэҕэ. Сити курдук, сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ сылдьар, өлөр солото суох табаарыспын, биир идэлээхпин: «Мылаан, кытаат. Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан эмэн сааскын этэҥҥэ көөрөт, кырдьар сааскар бэринимэ, Ытык сааскар тиий», – диэн алҕаатаҕым буоллун.
Иван Ксенофонтов-Силиги,
«Кыым», «Саха сирэ» хаһыаттарга бииргэ үлэлээбит табаарыһа