Намнар олимпийскай чөмпүйүөннэри көрүстүлэр

Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, намнар олимпийскай  чөмпүйүөннэри көрүстүлэр.

Александр Колмогоров, «Нам улууһа» МТ пресс-сэкирэтээрэ

 

Нам улууһун  баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов уонна  Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай  анал оскуолатын дириэктэрэ Семен Прокопьевич Ядрихинскай  Дьокуускай куоракка ыытылла турар көҥүл тустууга Аан дойду кубогар анаан-минээн кэлбит ыалдьыттарын, Япония спортивнай тустууга федерациятын толорооччу дириэктэрин, Олимпийскай чөмпүйүөнү Хидэаки Томияманы, Япония спортивнай тустууга федерациятын толорооччу дириэктэрин, олимпийскай чөмпүйүөнү Юдзи Такаданы, Япония сүүмэрдэммит хамаандатын салайааччытын, спортивнай тустуу сэкирэтээрин Татьяна Гоганы, олимпийскай чөмпүйүөнү  Акаиши Косейы, киэҥ туттар биир дойдулаахтарбытын Павел Пинигины, Петр Юмшановы уонна Александр Игнатьевы уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. Сахалыы сиэринэн-туомунан, ыраах дойдуттан кэлбит ыалдьыттары аал уоту оттон, кыынньар кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан күндүлээтилэр. Маны тэҥэ алгысчыт алгыстаах тылын кэннэ оһуохайдаатылар.
Улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов ыраахтан кэлбит, күндү ыалдьыттарга сэмэй бэлэхтэри туттарда.

Александр Колмогоров , «Нам улууһа» МТ пресс-сэкирэтээрэ

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *