Сахалар – аан дойду Кубогар

Көҥүл тустууга аан дойду Кубога 1973 сылтан тиһигин быспакка ыытыллар. АХШ Огайо штатын Толидо куоратыгар ити сыллаахха аан бастаан ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ Сэбиэскэй Сойуус сүү­мэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэн олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев уонна Тбилиситээҕи турнирга иккистээбит 20 саастаах Павел Пинигин кыттыбыттара.

ССРС бөҕөстөрө – Канада, Япония уонна АХШ хамаандаларын кыайан, Кубок хаһаайыттарынан буолбуттара. Роман Дмитриев Арсен Алахвердиевы кытта 52 киилэҕэ солбуйса сылдьан кыттыбыта. Биирдиилээн түмүккэ Павел Пинигин (68 кг) иккис миэстэлэммитэ. Кини ыйааһыныгар американец Ллойд Кизер бастаабыта.

Уопсайынан, көҥүл тустууга аан дойду Кубогар саха тустууга кыһатыттан барыта 24 бөҕөс кыттыбыта. Үөһэ суруллубутун курдук, бу улахан түһүлгэҕэ суолу тэлээччилэринэн Роман Дмитриев уонна Павел Пинигин буолбуттара.

Аан дойду Кубогар саамай элбэхтэ Роман Дмитриев уонна Александр Контоев тустубуттара – биэстиитэ. Оттон Павел Пинигин, Виктор Лебедев, Владислав Андреев, Виктор Рассадин үстүүтэ кыттыбыттара.

Кинилэри тэҥэ араас сылларга ССРС хамаандатыттан – Александр Иванов (1978), Василий Гоголев (1983), Михаил Протопопов (1989), Арассыыйаттан – Петр Юмшанов (1992, 1993), Герман Контоев (1993), Владимир Торговкин, Алексей Варламов, Артур Федоров (1994), Андрей Яковлев (1998), Осип Михайлов (2008), Кыргызстантан – Иннокентий Иннокентьев, Айаал Лазарев (2011), Арассыыйаттан – Михаил Иванов, Евгений Коломиец (2012), Казахстантан – Леонид Спиридонов (2009, 2012), Семен Семенов (2012, 2013), Арассыыйаттан – Владимир Флегонтов (2014), Егор Пономарев (2015)  аан дойду Кубогар тустубуттара.

Хамаанданан түмүккэ кимнээх бастаабыттарай диэн ыйыттаххытына, Роман Дмитриев 4-тэ, Павел Пинигин 3-тэ, Виктор Лебедев 2-тэ, Александр Иванов, Василий Гоголев, Михаил Протопопов, Петр Юмшанов, Андрей Яковлев уонна Осип Михайлов 1-диитэ бастаабыттара.

Оттон биирдиилээн түмүккэ саха бөҕөстөрүттэн аан дойду Кубогын кыайыылааҕынан буола сылдьыбыттара: Роман Дмитриев (1974, 1979), Павел Пинигин (1976, 1977), Петр Юмшанов (1993), Владислав Андреев (2010).

Бу күрэхтэһии хаһан, ханна буолбутун, кимнээх бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрин туһунан хаһыат бүтэһик балаһатыгар көр.

Дьэ, тустуу устуоруйатын ырытан көрдөххө, итинник. Быйыл, Арыйан Тютрин уонна Виктор Рассадин Арассыыйа ха­­маандатын сас­таабыттан бастыыр кыахтаахтар. Чэ, бээ, “күөһү эрдэттэн өрүнүмүөххэ”, ­этэллэрин курдук, көбүөр көрдөрүө.

Петр Павлов, «Дьулурҕан» эрэдээктэрэ.

1
0